🇷🇺 Бүгүн биһиги Россия Судаарыстыбаннай былааҕын күнүн бэлиэтиибит.
Миэхэ бу бырааһынньык халандаарга көннөрү күн эрэ буолбатах. Россия былааҕын аннынан мин доҕотторбун кытта тэҥҥэ, санны-санныбытынан өйөнсөн бойобуой сорудахпытын толорбуппут. Саамай ыарахан түгэннэргэ былаах иннибит диэки барарбытыгар күүс - уох эбэрэ, ытык иэспитин туох иһин толорорбутун санатара. Бу кэрчик суол миигин уонна мин олохпун букатыннаахтык уларыппыта.
Россия Судаарыстыбаннай былааҕа - бүгүн дойдубутун көмүскүү сылдьар уолаттары, үлэлиир, үөрэнэр, саҥа бырайыактары олоххо киллэрэр дьону-сэргэни, спорка, наукаҕа, культураҕа уонна да атын эйгэлэргэ ситиһиилэри саҕар дойдубут олохтоохторун бииргэ түмэр сүдү күүстээх. Онон эдэр көлүөнэ Дойду былааҕын өҥүн билэрэ эрэ буолбакка, кини историятын, суолтатын өйдүүрэ быдан тоҕоостоох.
Россия былааҕа биһиги куруук биир омук буоларбытын, биир историялаахпытын, биир дойдулаахпытын, уопсай кэскиллээхпитин санатар. Биһиги уопсай күүспүт, сомоҕолоһуубут, инники диэки дьулуһуубут Россияҕа саҥа кыайыылары,ситиһиилэри тосхойдун!
https://max.ru/channel_PetrShamaev
Show more Show less
🇷🇺👏🏻Атырдьах ыйын 22 күнэ – Россия былааҕын күнэ
1991 сыл атырдьах ыйын 22 күнүгэр, Москваҕа Үрүҥ дьиэ үрдүгэр дойду устуоруйатыгар тосту уларытыыны киллэрбит, саҥа тутулу кэрэһилиир үс өҥнөөх судаарыстыбаннай былааҕа тэлибирэччи ыйаммыта.
Бу күнтэн ыла үрүҥ, халлаан күөҕэ уонна кыһыл өҥнөөх былаах гиэрбэни уонна өрөгөй ырыатын кытары Россия саҥа судаарыстыбаннай бэлиэтинэн буолбута.
Бу бэлиэ күҥҥэ бүтүн дойду үрдүнэн араас ис хоһоонноох интэриэһинэй, дьону сомоҕолуур, түмэр, дойдубутунан киэн туттар тэрээһиннэр ыытыллаллар.
nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
Show more Show less
Ситуация с обеспечением бензином остаётся непростой. Сегодня республика получает топливо в объёмах, которые пока не позволяют создать необходимый запас до открытия устойчивых автозимников через реку Лена. Поэтому введённые ограничения временно сохраняются.
Используем все возможности, чтобы привлечь в республику дополнительные объёмы топлива. Работаем с федеральным штабом топливообеспечения.
Транспорт экстренных и аварийных служб, а также отрасли здравоохранения обеспечен топливом в полном объёме, их работа продолжается без ограничений.
Ситуация временная. Прикладываем все усилия, чтобы как можно быстрее стабилизировать поставки и вернуться к обычному режиму.
Мой канал в МАХ 📲
Show more Show less
🇷🇺👏🏻Бүгүн Россия былааҕын күнэ
Атырдьах ыйын 22 күнүгэр дойду үрдүнэн Россия судаарыстыбаннай былааҕын күнэ бэлиэтэнэр.
Бырааһынньык 1994 сыллаахха бэрэсэдьиэн ыйааҕынан бигэргэммитэ. Алексей Михайлович ыраахтааҕылаан олорор кэмигэр, 1668 сыллаахха «Орел» диэн бастакы нуучча хараабылыгар үрүҥ-халлаан күөх-кыһыл өҥнөөх таҥас көтөҕүллүбүтэ. Бу Россия судаарыстыбаннай историческай былааҕынан ааттанар.
Сэбиэскэй Россия 1918 сыллаахха үс өҥнөөх былаахтан аккаастанан, кыһыл өҥнөөх знамянан солбуйбута. 1991 сыллаахха Москваҕа Үрүҥ дьиэ үрдүгэр үс өҥнөөх былаах көтөҕүллүбүтэ уонна 1991 сыл сэтинньи 1 күнүгэр РСФСР норуотун депутаттарын Съеһигэр бигэргэтиллибитэ. РСФСР Российскай Федерацияҕа көһөрүгэр олоҕуран хаалбыта.
nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
Show more Show less
📺Программа ТВ НВК "Саха" на 22 августа (сб.)
06:00-Тиэргэн 12+
06:30-Мы вам покажем 12+
07:00-Аһаҕастык 12+
07:30-Геван 6+
08:00-Саха сатаабата суох 6+
08:30-Айар-тутар Сахам сирэ! 12+
09:15-Истиҥ илдьит 6+
10:00-Кэрэ кэпсээн 6+
11:30-Году культуры и единства народов 12+
12:00-Новости 12+
12:15-Просто вкусно 12+
13:00-Күн дэлэйэ 6+
13:30-Новости 12+
13:45-Дойдум дьоно 12+
14:00-Тэтим 6+
15:00-Новости 12+
15:15-Матчевая встреча по вольной борьбе среди юниоров 12+
18:00-Новости 12+
18:15-Истиҥ илдьит 6+
19:15-«Семен Борисов-выдающийся сын народа» док. фильм. 1 ч. 12+
19:45-Өркөн өй 12+
21:00-Новости 12+
21:15-Дойдум дьоно 12+
21:30-«Семен Борисов-выдающийся сын народа» док. фильм. 2 ч. 12+
22:15-Арыыга 12+
23:00-Арыйаан кэнсиэрэ 6+
00:15-Кэрэ кэпсээн 6+
01:30-Кэм кэрэһитэ 6+
02:00-Новости 12+
02:15-Тэтим 6+
03:15-Арыыга 12+
04:00-Айар-тутар Сахам сирэ! 12+
04:40-Док. фильм 12+
Уважаемые телезрители, напоминаем, что в программе возможны изменения
nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
Show more Show less
Сунтаарга дрон атаакатын утары үөрэх ыытылынна
Сунтаар 1 №-дээх орто оскуола баазатыгар БПЛА атаакатын утары үөрэх буолан ааста. Бу туһунан СӨ Быыһыыр сулууспата иһитиннэрэр.
Тэрээһиҥҥэ СӨ Быыһыыр сулууспатын быыһааччылара, ИДьМ, Росгвардия, баһаарынай сулууспа үлэһиттэрэ, медиктэр, улуус, нэһилиэк дьаһалтатыттан, улуустааҕы үөрэх управлениетыттан бэрэстэбиитэллэр кытыннылар.
Үөрэх быһыытынан оскуоланы дроннар атаакалаабыттар. Ол түмүгэр үөрэх тэрилтэтин иһигэр сылдьыбыт орто саастаах эр киһи эмсэҕэлээбит. Сценарийынан кини уҥа илиитин эчэппит. Быыһааччылар эр киһини кутталлаах сиртэн эвакуациялаабыттар, бастакы көмөнү оҥорбуттар. Эр киһи доруобуйатын туруга арыый этэҥҥэ буолбутун кэннэ суһал көмөҕө биэрбиттэр.
Маннык үөрэхтэр ыксаллаах быһыы-майгы үөскүүр түгэнигэр толору бэлэмнээх буоларга эрчийэллэрин иһин тохтоло суох ыытыллаллар.
nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
Show more Show less
🏹🥉Мария Тараярова – Спартакиада боруонсата!
Атырдьах ыйын 16-20 күннэригэр Екатеринбург куоракка оҕунан ытыыга Россия норуоттарын спартакиадата ыытыллыбыта.
Күрэскэ дойду 200 кэриҥэ күүстээх охчуттара кыттыыны ыллылар.
Сунтаар улууһуттан Мария Тараярова бастыҥ көрдөрүүнү ситистэ.
Тренер Балдара Балданова салалтатынан Мария эрэллээхтик боруонса мэтээли ылла. Бу Россия бастыҥ спортсменнарын ортолоругар үчүгэй көрдөрүү.
@sakhasporttv
Show more Show less
⚡️Дойду үрдүнэн мобилизация ыытыллыа суоҕа
Россияҕа мобилизация ирдэммэтин, былааннамматын, күүтүллүбэтин Холбоһуктаах Нациялар Түмсүүлэригэр РФ бастайааннай бэрэстэбиитэлэ Василий Небензя иһитиннэрдэ.
«Россияҕа мобилизация ыытылларын туһунан санаарҕыыр наадата суох. Дойду үрдүнэн маассабай мобилизацияҕа ирдэбил суоҕа официальнай иһитиннэриилэргэ элбэхтэ иһиллибитэ. Мин билиҥҥи кэмҥэ мобилизация былааҥҥа суоҕун билэбин», — диэн Холбоһуктаах Нациялар Түмсүүлэригэр РФ бастайааннай бэрэстэбиитэлэ эттэ.
nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
Show more Show less
Сунтаар улууһа Үөһээ Дьааҥы олохтоохторугар гуманитарнай көмөнү ыытта
Бу сайын Үөһээ Дьааҥы улууһугар соһумар халаан уута кэлэн, элбэх ыал улаханнык эмсэҕэлээбитэ. Айылҕа алдьархайын иннигэр кинилэр соҕотох хаалбатылар. Саха сирин улуустарын олохтоохторо, ол иһигэр сунтаардар, маассабай үлэни ыытан, улахан көмөнү оҥордулар.
Сунтаар улууһун олохтоохторо уонна тэрилтэлэрэ кылгас кэм иһигэр Үөһээ Дьааҥы дьонугар анаан гуманитарнай көмөнү хомуйдулар. Ол курдук, бородуукта арааһа, таҥас-сап. Малтан-салтан ураты, улуус дьоно бэйэлэрин баҕаларынан уу харчынан эмиэ күүс-көмө буоллулар.
Бу курдук, сунтаардар көмөлөрө уонна истиҥ баҕа санаалара ыарахан балаһыанньаҕа түбэспит дьоҥҥо улахан тирэх буолуо диэн эрэнэбит. Улуус баһылыга Анатолий Григорьев бэйэтин илдьитин ыытар.
nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
Show more Show less
+2
2027 сылга алта оройуон 100 мөл. солк.-га диэри суумалаах грант ылыаҕа
Саха сирин алта оройуона — Булуҥ, Бүлүү, Горнай, Эдьигээн, Кэбээйи уонна Сунтаар — Уһук Илин табыгастаах куорат эйгэтин тэрийии бастыҥ бырайыактарынан V-с бүтүн Россиятааҕы куонкурус кыайыылаахтарынан буоллулар.
Үлэ дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээбит «Инфраструктура для жизни» национальнай бырайыак «Формирование комфортной городской среды» федеральнай бырайыагын чэрчитинэн куораттарга уонна дэриэбинэлэргэ ыытыллыаҕа. Бырагыраама төрүтэ - «Биир Ньыгыл Россия» баартыйа народнай бырагырааматын «Городская среда»партийнай бырайыага.
nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
Show more Show less
Саха сирин үс арктическай оройуонугар ититии сезона саҕаланна
Саха сирин үс арктическай оройуонугар оттук кэмэ саҕаланна. Атырдьах ыйын 8 күнүгэр — Аллайыаха оройуонугар, атырдьах ыйын 15 күнүгэр Анаабырга, атырдьах ыйын 18 күнүгэр Аллараа Халымаҕа оттук кэмэ саҕаламмыт.
Өрөспүүбүлүкэ атын хотугу уонна арктическай оройуоннарын салгын температурата намтаан истэҕин аайы сылааска холбуохтара. Саха сирин киин өттүгэр ититии ситимигэр холбооһун балаҕан ыйын бастакы өрөбүлүгэр былааннанар.
nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
Show more Show less
Дьокуускайдааҕы телебашня триколор өҥүнэн сандаарыа
Атырдьах ыйын 22 күнүгэр, РФ Судаарыстыбаннай былааҕын күнүгэр, Дьокуускай куорат телебашнята бырааһынньыктааҕы уотунан сырдатыыны холбуоҕа.
Олохтоох бириэмэнэн 21:00 чаастан 23:00 чааска диэри башня Россия былааҕын өҥнөрүнэн күлүмүрдүөҕэ. Динамическай эрэһиимҥэ үрүҥ, халлаан күөх уонна кыһыл өҥнөр бэйэ-бэйэлэрин солбуйсан биэриэхтэрэ.
Бырааһынньыктааҕы иллюминация дойду сомоҕолоһуутун бэлиэтинэн буолуоҕа уонна дойду судаарыстыбаннай бэлиэтин суолтатын санатыаҕа.
Хаартыска: Андрей Меженскай/«Якутия 24»
nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
Show more Show less
Дьокуускайга «Бэйэм эргимтэбэр» диэн кулууп арыллыыта буолла. Манна байыаннай дьайыы бэтэрээннэрэ үлэ булалларыгар, хаттаан үөрэнэллэригэр, бэйэ дьыалатын арыналларыгар көмө ылыахтарын, ханнык өйөбүл миэрэлэр баалларын туһунан сиһилии билсиэхтэрин сөп.
Итиэннэ саамай суолталааҕа — бу кулуупка анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтара бэйэ-бэйэлэрин кытары билсиэхтэрин, биир санаалаах дьоннорун көрсүөхтэрин уонна бэйэ кыаҕын арынарга сүбэ-ама ылыахтарын сөп.
Бэйэм уопуппуттан билэбин, эйэлээх олоххо төннүү көннөрү төрөөбүт сиргэр кэлии эрэ буолбатах. Үгэс буолбут олоҕун укулаата, дьону кытары алтыһыы, үлэҕэ, оннооҕор бэйэҕэ сыһыан тосту уларыйар. Маннык судургута суох кэмҥэ эн соҕотох буолбатаххын, аттыгар эйигин өйүүргэ бэлэм дьон баалларын билии улахан суолталаах.
Кулууп арыллыытыгар анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтара долгутар боппуруостарын бииргэ дьүүллэстилэр. Кэпсэтиигэ ыччат министиэристибэтэ эрэ буолбакка, социальнай сулууспалар, «Аҕа дойдуну көмүскээччилэр» пуонда үлэһиттэрэ, үөрэх, дьарыктаах буолуу уонна олохтоох бэйэни салайыныы уорганнарын бэрэстэбиитэллэрэ кыттыстылар. «Бэйэм эргимтэбэр» кулууп таһаарыылаахтык үлэлииригэр баҕарабын.
Хас биирдии анал байыаннай дьайыы бэтэрээнэ төрөөбүт дойдутугар бэриниилээх сыһыанын дьыаланнан дакаастаан турар. Онон билигин кинилэр уопуттара, билиилэрэ-көрүүлэрэ, идэтийбит үөрэхтэрэ эйэлээх олоххо олус наада. Оттон судаарыстыба соруга — хас биирдии киһи бэйэтин миэстэтин буларыгар, олоххо ситиһиилээх буоларыгар уонна салгыы сайдан иһэригэр көмөлөһүү.
https://max.ru/channel_PetrShamaev
Show more Show less
Нүөрүҥгүрүттэн сылдьар СВО бэтэрээннэрэ оҕолорго Эр санаа уруогун уонна тактическай медицинэҕэ маастар-кылааһы ыыттылар
«Тускул» диэн сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолору социальнай-чөлүгэр түһэрэр кииҥҥэ, уустук балаһыанньаҕа түбэспит иитиллээччилэр Нүөрүҥгүрүттэн сылдьар анал байыаннай дьайыы бэтэрээннэрин кытта көрүстүлэр.
Кэпсэтиигэ «Аҕа дойдуну көмүскээчилэр» судаарыстыбаннай пуонда салаатын арыаллааһыныгар сылдьар Максим Устюжанин, Алексей Дворецкай уонна Евгений Николаев кытыннылар.
Сиһилии бу сигэнэн киирэн ааҕыҥ
Хаартыска: «Аҕа дойдуну көмүскээчилэр» судаарыстыбаннай пуонда
nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
Show more Show less
Успуорт бэтэрээнэ Михаил Друзьянов Ил Дархан Айсен Николаевы кытта көрсүбүтэ. Бу туһунан сюжекка Баһылай Посельскай сырдатар.
https://vkvideo.ru/video-211137588_456267978?list=e963e4bd2c26c73eef
nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
Саха сиригэр 20 тыһыынчаттан тахса га иэннээх икки ойуур баһаарын төгүрүйдүлэр
Өрөспүүбүлүкэҕэ 20 439 га уопсай иэннээх икки ойуур баһаарын төгүрүйдүлэр. Баһаардар Үөһээ Бүлүү уонна Мииринэй оройуоннарыгар тураллар. Манна 165 киһи тардылынна. Бу туһунан брифиҥҥэ СӨ Экологияҕа, айылҕаны туһаныыга уонна ойуур хаһаайыстыбатыгар миниистири солбуйааччы, өрөспүүбүлүкэ кылаабынай лесничийэ Андрей Коноплев иһитиннэрдэ.
Суукка саҕаланыыта өрөспүүбүлүкэҕэ 41 ойуур баһаара баара бэлиэтэнэр. Үөһээ Бүлүү, Кэбээйи, Ньурба уонна Мииринэй оройуоннарыгар 135 083 га иэннээх аҕыс ойуур баһаарын умуруорууга көхтөөх үлэлэр салҕаналлар. Уоту умуруорууга барыта 506 киһи уонна 36 тиэхиньикэ кыттар.
Мииринэй уонна Өлөөн улуустарыгар ардах суоҕуттан уонна температура муҥутуур үрдүгүттэн сылтаан, ойуур баһаарын быһыыта-майгыта тыҥааһыннаахтык турар. Кэбээйи улууһугар балаһыанньа бигэтийэр. Бүгүн 271 га иэннээх 28-с нүөмэрдээх ойуур баһаарын төгүрүйэр былааннаахтар, ону умуруорууга 91 киһи үлэлиир.
Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн регионнааҕы таһымнаах ыксаллаах быһыы-майгы эрэһиимэ тутуһуллар. Муниципальнай таһымнаах ыксаллаах быһыы-майгы эрэһиимэ Мииринэй, Өлөөн, Ньурба уонна Кэбээйи улуустарыгар үлэлиир.
nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
Show more Show less
Бүлүү куоратыгар Баһылай Каратаев аатынан Олоҥхо дьиэтигэр «Утум» лааҕыр үлэтин түмүктээтэ.
https://vkvideo.ru/video-211137588_456267977?list=2dbaf9ab0d073a48e4
nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
Саха сиригэр 259 тыһ тахса туонна оту бэлэмнээтилэр
Атырдьах ыйын 20 күнүн туругунан, өрөспүүбүлүкэ аграрийдара ходуһаттан 252 310 га сири охсон, 259 839 туонна оту бэлэмнээтилэр. Бу сыллааҕы былаан 61%-на буолар. Ону таһынан 3 991 туонна сиилэһи уонна 770 туонна сенаһы бэлэмнээтилэр. Уу халааныгар эмсэҕэлээбит улуустарга көмөҕө ураты болҕомто ууруллар. Бу туһунан СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл бэлиитикэтин министиэристибэтигэр иһитиннэрдилэр.
От бэлэмниир хампаанньаҕа 21 678 киһи уонна 9 496 тыраахтар тардылынна. 7 705 биригээдэ тэрилиннэ, ол иһигэр 2 942 — мэхэньисээссийэлээх, 2 910 — аҥаардас мэхэньисээссийэлээх, 1 828 — илии үлэтинэн дьарыктанар уонна 25 — аттаах-илиилээх биригээдэлэр.
Уу халааныгар эмсэҕэлээбит улуустарга көмөлөһөр сыалтан, 11 оройуоҥҥа 65 мобильнай биригээдэ үлэлиир. Кинилэр номнуо 3 638 туонна оту бэлэмнээтилэр.
Үлэ хаамыытын СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтин суһал ыстааба хонтуруоллуур. Тахсар боппуруостары суһаллык быһаарар инниттэн, биэдэмистибэ нэдиэлэ ахсын муниципалитеттар баһылыктарын уонна оройуоннар салалталарын кытта мунньахтары ыытар.
nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
Show more Show less
🌤ТУСКУЛ БИЛГЭТЭ
Тарас Тарасов-Тускул атырдьах ыйын 22-29 күннэригэр Саха сиригэр хайдах күн-дьыл буоларын анаарыыта
https://vkvideo.ru/video-211137588_456267976?list=8b3dd03110ce8e47c0
nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
«Синема центр» киинэ тыйаатырын аттыгар, Кирова уулусса учаастагар, өрөмүөн үлэтэ бара турар. Суол быстах кэмҥэ сабыылаах. Айаҥҥытыгар учуоттаан.
nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube