Саха сиригэр 20 тыһыынчаттан тахса га иэннээх икки ойуур баһаарын төгүрүйдүлэр Өрөспүүбүлүкэҕэ 20 439 га уопсай иэннээх икки ойуур баһаарын төгүрүйдүлэр. Баһаардар Үөһээ Бүлүү уонна Мииринэй оройуоннарыгар тураллар. Манна 165 киһи тардылынна. Бу туһунан брифиҥҥэ СӨ Экологияҕа, айылҕаны туһаныыга уонна ойуур хаһаайыстыбатыгар миниистири солбуйааччы, өрөспүүбүлүкэ кылаабынай лесничийэ Андрей Коноплев иһитиннэрдэ. Суукка саҕаланыыта өрөспүүбүлүкэҕэ 41 ойуур баһаара баара бэлиэтэнэр. Үөһээ Бүлүү, Кэбээйи, Ньурба уонна Мииринэй оройуоннарыгар 135 083 га иэннээх аҕыс ойуур баһаарын умуруорууга көхтөөх үлэлэр салҕаналлар. Уоту умуруорууга барыта 506 киһи уонна 36 тиэхиньикэ кыттар. Мииринэй уонна Өлөөн улуустарыгар ардах суоҕуттан уонна температура муҥутуур үрдүгүттэн сылтаан, ойуур баһаарын быһыыта-майгыта тыҥааһыннаахтык турар. Кэбээйи улууһугар балаһыанньа бигэтийэр. Бүгүн 271 га иэннээх 28-с нүөмэрдээх ойуур баһаарын төгүрүйэр былааннаахтар, ону умуруорууга 91 киһи үлэлиир. Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн регионнааҕы таһымнаах ыксаллаах быһыы-майгы эрэһиимэ тутуһуллар. Муниципальнай таһымнаах ыксаллаах быһыы-майгы эрэһиимэ Мииринэй, Өлөөн, Ньурба уонна Кэбээйи улуустарыгар үлэлиир. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
НВК «Саха»
Subscribers
23.8K
−100 24h · −100 7d
Reach per post (ERR)
2.8%678 avg views
Posting
21.7/day
last 1 hour ago
Reactions per 1K views
1.8
❤ 👍 👏
Views over time
| When | Views |
|---|---|
| 21 Aug 2026, 05:03 | 0 |
| 10 Nov 2026, 22:06 | 812 |
Who shared this post
Posts in other channels we index that link to this one. (Forwards with a hidden source can't be traced.)
Nobody yet.