НВК «Саха»

@nvk_sakha · Kazakh · active

Subscribers 23.8K Subscribers, last 30 days: 23.9K → 23.8K −100 24h · −100 7d
Reach per post (ERR) 2.8%678 avg views
Posting 21.7/day last 1 hour ago
Reactions per 1K views 1.8 ❤ 👍 👏
repost from Шамаев Петр

Дьокуускайга «Бэйэм эргимтэбэр» диэн кулууп арыллыыта буолла. Манна байыаннай дьайыы бэтэрээннэрэ үлэ булалларыгар, хаттаан үөрэнэллэригэр, бэйэ дьыалатын арыналларыгар көмө ылыахтарын, ханнык өйөбүл миэрэлэр баалларын туһунан сиһилии билсиэхтэрин сөп. Итиэннэ саамай суолталааҕа — бу кулуупка анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтара бэйэ-бэйэлэрин кытары билсиэхтэрин, биир санаалаах дьоннорун көрсүөхтэрин уонна бэйэ кыаҕын арынарга сүбэ-ама ылыахтарын сөп. Бэйэм уопуппуттан билэбин, эйэлээх олоххо төннүү көннөрү төрөөбүт сиргэр кэлии эрэ буолбатах. Үгэс буолбут олоҕун укулаата, дьону кытары алтыһыы, үлэҕэ, оннооҕор бэйэҕэ сыһыан тосту уларыйар. Маннык судургута суох кэмҥэ эн соҕотох буолбатаххын, аттыгар эйигин өйүүргэ бэлэм дьон баалларын билии улахан суолталаах. Кулууп арыллыытыгар анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтара долгутар боппуруостарын бииргэ дьүүллэстилэр. Кэпсэтиигэ ыччат министиэристибэтэ эрэ буолбакка, социальнай сулууспалар, «Аҕа дойдуну көмүскээччилэр» пуонда үлэһиттэрэ, үөрэх, дьарыктаах буолуу уонна олохтоох бэйэни салайыныы уорганнарын бэрэстэбиитэллэрэ кыттыстылар. «Бэйэм эргимтэбэр» кулууп таһаарыылаахтык үлэлииригэр баҕарабын. Хас биирдии анал байыаннай дьайыы бэтэрээнэ төрөөбүт дойдутугар бэриниилээх сыһыанын дьыаланнан дакаастаан турар. Онон билигин кинилэр уопуттара, билиилэрэ-көрүүлэрэ, идэтийбит үөрэхтэрэ эйэлээх олоххо олус наада. Оттон судаарыстыба соруга — хас биирдии киһи бэйэтин миэстэтин буларыгар, олоххо ситиһиилээх буоларыгар уонна салгыы сайдан иһэригэр көмөлөһүү. https://max.ru/channel_PetrShamaev

Views over time

02505007501K21 Aug 06:3910 Nov 22:0679921 Aug 06:39: 0 views10 Nov 22:06: 799 views
Snapshots we took after posting.
WhenViews
21 Aug 2026, 06:390
10 Nov 2026, 22:06799

Who shared this post

Posts in other channels we index that link to this one. (Forwards with a hidden source can't be traced.)

Nobody yet.