Саха сирин үс арктическай оройуонугар ититии сезона саҕаланна Саха сирин үс арктическай оройуонугар оттук кэмэ саҕаланна. Атырдьах ыйын 8 күнүгэр — Аллайыаха оройуонугар, атырдьах ыйын 15 күнүгэр Анаабырга, атырдьах ыйын 18 күнүгэр Аллараа Халымаҕа оттук кэмэ саҕаламмыт. Өрөспүүбүлүкэ атын хотугу уонна арктическай оройуоннарын салгын температурата намтаан истэҕин аайы сылааска холбуохтара. Саха сирин киин өттүгэр ититии ситимигэр холбооһун балаҕан ыйын бастакы өрөбүлүгэр былааннанар. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube