Сунтаарга дрон атаакатын утары үөрэх ыытылынна Сунтаар 1 №-дээх орто оскуола баазатыгар БПЛА атаакатын утары үөрэх буолан ааста. Бу туһунан СӨ Быыһыыр сулууспата иһитиннэрэр. Тэрээһиҥҥэ СӨ Быыһыыр сулууспатын быыһааччылара, ИДьМ, Росгвардия, баһаарынай сулууспа үлэһиттэрэ, медиктэр, улуус, нэһилиэк дьаһалтатыттан, улуустааҕы үөрэх управлениетыттан бэрэстэбиитэллэр кытыннылар. Үөрэх быһыытынан оскуоланы дроннар атаакалаабыттар. Ол түмүгэр үөрэх тэрилтэтин иһигэр сылдьыбыт орто саастаах эр киһи эмсэҕэлээбит. Сценарийынан кини уҥа илиитин эчэппит. Быыһааччылар эр киһини кутталлаах сиртэн эвакуациялаабыттар, бастакы көмөнү оҥорбуттар. Эр киһи доруобуйатын туруга арыый этэҥҥэ буолбутун кэннэ суһал көмөҕө биэрбиттэр. Маннык үөрэхтэр ыксаллаах быһыы-майгы үөскүүр түгэнигэр толору бэлэмнээх буоларга эрчийэллэрин иһин тохтоло суох ыытыллаллар. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube