2027 сылга алта оройуон 100 мөл. солк.-га диэри суумалаах грант ылыаҕа Саха сирин алта оройуона — Булуҥ, Бүлүү, Горнай, Эдьигээн, Кэбээйи уонна Сунтаар — Уһук Илин табыгастаах куорат эйгэтин тэрийии бастыҥ бырайыактарынан V-с бүтүн Россиятааҕы куонкурус кыайыылаахтарынан буоллулар. Үлэ дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээбит «Инфраструктура для жизни» национальнай бырайыак «Формирование комфортной городской среды» федеральнай бырайыагын чэрчитинэн куораттарга уонна дэриэбинэлэргэ ыытыллыаҕа. Бырагыраама төрүтэ - «Биир Ньыгыл Россия» баартыйа народнай бырагырааматын «Городская среда»партийнай бырайыага. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube