Провел рабочую встречу с государственным советником Республики Саха (Якутия) Вячеславом Анатольевичем Штыровым. Предметно обсудили дальнейшее развитие Южной Якутии, обладающей мощной промышленной, ресурсной, энергетической и транспортной базой. Вместе с тем появляются новые возможности, связанные с редкоземельными металлами, графитом, природным водородом, современной энергетикой и центрами обработки данных. Поддержал предложение провести экспертное обсуждение и на его основе определить новые подходы к комплексному развитию Южной Якутии на долгосрочную перспективу.
max.ru/aisen_nikolaev
Show more Show less
Дьокуускайга академик Афанасий Осипов аатынан Хартыына галереятыгар толору өрөмүөн ыытыллар. Бу Саха сирин Национальнай уус-уран түмэлин салаата 2011 сыллаахха арыллыбыта. Ол кэмтэн ыла манна косметическай эрэ өрөмүөн оҥоһуллубута.
«Дьиэ кэргэн» национальнай бырайыак чэрчитинэн үлэ хаамыытын «Биир Ньыгыл Россия» баартыйа десаана бэрэбиэркэлээтэ. Быйыл манна подвал үрдүнээҕи муостаны (цокольное перекрытие) уонна муоста бүрүөһүнүн уларыттылар, истиэнэни ис өттүнэн тупсаран оҥордулар (отделкалаатылар), саҥа түннүктэри, ааннары туруордулар, сылааһынан, салгынынан уонна сырдатыынан хааччыйар систиэмэлэри саҥартылар.
Өрөмүөн хартыыналарга наадалаах усулуобуйаны тэрийэргэ уонна ыалдьыттарга табыгастаах буолууну үрдэтэр кыаҕы биэриэҕэ.
nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
Show more Show less
«Биир Ньыгыл Россия» баартыйа десаана П. А. Ойуунускай аатынан Саха академическай тыйаатырын өрөмүөнүн хаамыытын бэрэбиэркэлээтэ.
Бүгүҥҥү туругунан эбийиэк бэлэмэ 85% тэҥ. Билигин исписэлиистэр үрүт сабыытын өрөмүөннээн бүтэрэн эрэллэр уонна ис өттүн тупсаран оҥоро сылдьаллар.
Тыйаатыр өрөмүөнэ РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээбит «Дьиэ кэргэн» национальнай бырайыагын чэрчитинэн ыытыллар.
nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
Show more Show less
Программа ТВ НВК "Саха" на 21 августа (пт.)
06:00-Тиэргэн 12+
06:30-Мы вам покажем 12+
07:00-Саҥа күн 6+
08:00-Утро Якутии 6+
09:00-Саҥа күн 6+
10:00-Утро Якутии 6+
11:00-Тиэргэн 12+
11:30-Году культуры и единства народов 12+
12:00-Новости 12+
12:15-Саха сатаабата суох 6+
12:45-Асчыттар 6+
13:30-Сонуннар 12+
14:00-Тэтим 6+
15:00-Новости 12+
15:15-Эйгэ 6+
16:30-Якутск сегодня 12+
17:15-Телеуроки 12+
17:30-Полярная звезда 6+
18:00-Новости 12+
18:15-Үлэ дьоно 12+
18:45-Дойдум дьоно 12+
19:00-Новости 12+
19:15-Дойдум дьоно 12+
19:30-Сайыҥҥы 6+
20:30-Сонуннар 12+
21:00-Уонна 12+
22:00-Барыс 12+
22:45-Телеуроки 12+
23:00-Итоги дня 12+
23:30-Тиэргэн 12+
00:15-Сайыҥҥы 12+
01:15-Якутск сегодня 12+
02:00-Новости 12+
02:15-Тэтим 6+
03:15-Эйгэ 6+
04:15-Репортаж 12+
04:40-Документальный фильм 12+
Уважаемые телезрители, напоминаем, что в программе возможны изменения
nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
Show more Show less
На Августовском совещании работников образования Якутии обозначил задачи на новый учебный год. За пять лет в республике введены 62 школы и 36 детских садов, капитально отремонтировано более ста образовательных учреждений. Растут и результаты обучения. В этом году 30 выпускников получили 100 баллов по девяти предметам, в прошлом учебном году более 90% старшеклассников обучались в профильных классах. Свыше 46 тысяч заявлений подано в колледжи. В 2027 году 1 млрд рублей будет направлен на создание семи новых кластеров «Профессионалитета», чтобы подготовка специалистов отвечала потребностям экономики Якутии.
Сейчас сведения об образовании, трудоустройстве и кадровых потребностях существуют разрозненно и не складываются в единую картину. Мы не видим весь путь молодого человека, какую профессию он получил, работает ли по специальности и остается ли в республике. Из поля зрения теряются даже олимпиадники и стобалльники. Поручил создать систему сквозного мониторинга общей и профессиональной подготовки, трудоустройства и закрепления кадров. Не очередной портал, а единый аналитический контур, который позволит перейти от учета кадрового дефицита к сквозному управлению кадрами и человеческим капиталом Якутии. Проект возглавит Герой России Николай Сергеевич Соболев.
В основе всей системы стоит учитель. С 1 января в Якутии действует закон о гарантиях статуса педагогических работников, а 20 июля Президент России Владимир Владимирович Путин подписал Указ о дополнительных мерах поддержки учителей. Поручил до 1 октября подготовить предложения по его реализации. По данным Общероссийского народного фронта, педагоги тратят на отчетность более четверти рабочего времени, а в среднем в одну школу ежегодно поступает около 2700 запросов от различных ведомств. Необходимо закрепить перечень обязательных отчетов, использовать современные технологии и решения на базе искусственного интеллекта, обеспечить защиту прав, чести и достоинства педагогов, в том числе в цифровой среде. Учитель должен заниматься главным - учить детей.
max.ru/aisen_nikolaev
Show more Show less
Тыа хаһаайыстыбатын эйгэтигэр саҥа технологияны туһаныы аныгы үйэ тэтиминэн көхтөөхтүк киирэр. Ол курдук, Чурапчы улууһун Мырыла нэһилиэгэр Виктор Петров хаһаайыстыбатын бааһынатыгар өлгөм үүнүүнү ылар сыаллаах агро-дроннары туһаныыга экспериментальнай былаһаакка оҥоһуллан сайын устата үгүс үлэ барда. Сиһилии сюжекка көрүҥ.
nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
Россия судаарыстыбаннай былааҕын күнүгэр телебашня уота сандаарыаҕа
Атырдьах ыйын 22 күнүгэр, Россия судаарыстыбаннай былааҕын күнүгэр, РТРС Дьокуускайга филиала куорат сүрүн телебашнятыгар архитектурнай-художественнай уоту-күөһү холбуохтара, Россия былааҕын өҥнөрүнэн сандаарыаҕа. Бырааһынньыктааҕы иллюминация олохтоох бириэмэнэн 21:00-тан 23:00 чааска диэри үлэлиэҕэ.
Уотунан сырдатыы тэтимнээхтик икки чаас устата ыытыллыаҕа: башня өҥө үрүҥ, күөх уонна кыһыл дьүһүннэринэн солбуллуоҕа. Бырааһынньыктааҕы сырдатыы хас биирдии киһиэхэ Россия судаарыстыбаннай бэлиэлэрин суолтатын арыйыаҕа уонна улахан дойду сомоҕолоһуутун бэлиэтэ буолуоҕа.
nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
Show more Show less
Дьокуускайга бээтинсэҕэ быстах ардах түһэрэ күүтүллэр
Бээтинсэҕэ күнүс, атырдьах ыйын 21 күнүгэр, Дьокуускайга 18 кыраадыс сылаас буолара күүтүллэр. Бу туһунан күнү-дьылы кэтээн көрөр ыстаансыйа иһитиннэрэр.
«Түүн уонна сарсыарда быстах ардах түһүө, хотугулуу-арҕаа тыал сөкүүндэҕэ 4-9 миэтэрэ түргэннээхтик үрүөҕэ. Түүн салгын температурата +5+7°С, күнүс +16+18°С», — диэн сабаҕалааһыҥҥа этиллэр.
Билиҥҥи туругунан куоракка +12 кыраадыс бэлиэтэнэр.
nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
Show more Show less
Сферум үөрэнээччилэргэ уонна педагогтарга аналлаах бүтүн россиятааҕы хакатону ыытар
Сферум РФ Үөрэҕириитин министиэристибэтин өйөбүлүнэн үөрэнээччилэргэ уонна педагогтарга аналлаах бүтүн россиятааҕы «Идея Фикс» диэн хакатону саҕалыыр. Ону тэҥэ бииргэ үлэлэһээччилэринэн федеральнай оҕо технопааркаларын ситимэ «Кванториум» уонна сыыппаранан үөрэхтээһин киинэ «IT-куб» буолаллар.
Кыттыылаахтар үөрэх бырайыактарын толкуйдуохтаахтар, ол кэнниттэн чат-бот эбэтэр мини-сыһыарыы көрүҥүнэн олоххо киллэриэхтээхтэр.
Сиһилии бу сигэнэн киирэн ааҕыҥ
nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
Show more Show less
«В приоритете воспитание» III үөрэх пуорума
Аан дойдуну көмүскээччилэр дьиэ кэргэттэрин кэмитиэтин Анаабырдааҕы салаатын салайааччыта, «Анаабыр оһуордара» түмсүү кыттыылааҕа Зинаида Спиридонова ыытар үлэлэрин туһунан сырдатта
nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
СВО-ҕа Саха сириттэн сылдьар байыастарга нэдиэлэ иһигэр 36 баһыылка тиэрдилиннэ
Фронт устатын тухары байыаннай чаастар быстах дислокацияламмыт пууннарыгар Саха сирин тирэх пууннарын үлэһиттэрэ нэдиэлэ иһигэр 12 тахсыыны оҥордулар. Байыаннай сулууспалаахтарга 36 аадырыстаах баһыылка тиэрдилиннэ.
Бу туһунан «Юстас» диэн позывнойдаах СВО балаһатыгар өрөспүүбүлүкэ тирэх пууннарын сүрүн координатора брифиҥҥэ иһитиннэрдэ.
«Саха сирин байыаннайдарыгар УАЗ мааркалаах биир массыына тиэрдилиннэ. Өрөмүөннүүр бөлөх механиктара биир анал тиэхиньикэни оҥордулар уонна 11 тиэхиньикэ бойобуой бэлэмин чөлүгэр түһэриигэ үлэлииллэр», — диэн спикер эттэ.
Кини этэринэн, фроҥҥа сураҕа суох сүппүт өрөспүүбүлүкэ байыаннайдарын көрдөөһүн тиһиктээхтик ыытыллар.
«РФ Оборуонаҕа министиэристибэтин Сүрүн координационнай киинин бэрэстэбиитэллэрин кытта хардарыта үлэлэһэн, өрөспүүбүлүкэ сураҕа суох сүппүт байыастарын идентификациялааһыҥҥа уонна сүтэрбит төрүөттэрин быһаарыыга наадалаах миэрэлэр ылыллаллар», — диэн «Юстас» түмүктээтэ.
СВО кыттыылаахтарын өйүүр үлэни «Вместе к Победе!» өрөспүүбүлүкэтээҕи хамыыһыйа сүрүннүүр, бу үлэни Ил Дархан Айсен Николаев салайар.
nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
Show more Show less
Саха сиригэр 40 тыһ кэриҥэ туонна үүт соҕотуопкаламмыт
Өрөспүүбүлүкэҕэ 39 908,05 туонна үүт соҕотуопкаламмыт – бу 2026 сыллааҕы былаан 73,4%-а. Соҕотуопка кээмэйэ ааспыт сыл бу кэминээҕи көрдөрүүтүнээҕэр 14,5 туоннанан куоһарбыт. Бу туһунан СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ иһитиннэрдэ.
Үүт саамай улахан кээмэйэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар – 4 429,74 туонна, Сунтаарга – 4 328,57 туонна, Чурапчыга – 3 456,66 туонна, Хаҥаласка – 3 211,30 туонна, Аммаҕа – 3 027,44 туонна, Бүлүүгэ – 2 953,77 туонна уонна Ньурбаҕа – 2 605,85 туонна соҕотуопкаламмыт. Дьокуускай куоракка 2 405,18 туонна тутуллубут.
Улуустар уонна куораттааҕы уокуруктар сүүмэрдиир түмүктэринэн үүтү тутууну уонна учуоту 56 соҕотуопкалыыр тэрилтэ ыытар.
2026 сылга өрөспүүбүлүкэҕэ үүтү оҥорууну уонна соҕотуопкалыыры хааччыйарга барыта 3,7 млрд солкуобай көрүллүбүт. Ол гынан баран, социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыы судаарыстыбаннай бырагырааматынан бигэргэтиллибит субвенция кээмэйэ былааннаах 65,7 тыһыынча туонна үүтү соҕотуопкалыырга 4,6 млрд солкуобайга тэҥнэһэр.
nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
Show more Show less
Саха сирин «Боотур» хамаандата «Время юных героев» диэн бүтүн россиятааҕы симиэнэ күрэхтэһиитигэр кыһыл көмүс мэтээли ылла
«ВОИН» Киин Саха сиринээҕи салаатын «Боотур» хамаандата Волгоград уобаласка ыытыллыбыт «Время юных героев» диэн бүтүн россиятааҕы симиэнэҕэ лазертаакка «Сталинградский штурм» турнирга 18 хамаандаттан бастакы миэстэни ситистэ.
Күрэхтэһиилэр РФ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы, РФ Бэрэсидьиэнин Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурукка боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ Юрий Трутнев көҕүлээһининэн ыытыллаллар. Күрэхтэһии сыала — курсааннары бэлэмнээһин тиһигин сайыннарыы уонна «ВОИН» кииҥҥэ ылбыт сатабыллары бөҕөргөтүү. Бэлэмнэниини 500 тиийэ идэлээх инструктор хааччыйар, ол иһигэр Россия Бойобуой снайпиҥын федерациятын исписэлиистэрэ.
Сиһилии бу сигэнэн киирэн ааҕыҥ
Хаартыска: sakha.gov.ru
nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
Show more Show less
Мин «Үөрэххэ — сүрүн болҕомто: иитии» диэн III үөрэх форумун кыттыылаахтарын эҕэрдэлээтим. Бу көрсүһүү саҥа үөрэх дьылын улахан суолталаах саҕаланыыта уонна үөрэх үлэһиттэрин атырдьах ыйынааҕы мунньахтарын биир дьоһун сорҕото буолла.
Быйыл биһиэхэ бэлиэ сыл — «Федеральнай оҕо киинэ» ФГБОУ төрүттэммитэ 10 сылын, оттон «Оҕо саас навигатордара» бырайыак олоххо киирбитэ 5 сыла бэлиэтэнэр. Бу кэм устата өрөспүүбүлүкэҕэ «Орлята дошколята диэн бырайыактан саҕалаан орто анал үөрэх кыһаларыгар тиийэ оҕону иитиигэ тиһиктээх үлэ ыытыллан кэллэ. Биһиги министиэристибэбит Саха Өрөспүүбүлүкэтин Үөрэҕин уонна наукатын министиэристибэтин кытары иитиигэ туһуламмыт бырайыактары сайыннарары таһынан, оҕолор уонна ыччаттар бары өттүнэн сайдалларыгар сөптөөх усулуобуйаны тэрийиигэ утумнаахтык үлэлиир.
Ол эрэн оҕону кытары үлэни сүрүннуур дьонунан иитиигэ дириэктэрдэр сүбэһиттэрэ, уһуйааннар иитээччилэрэ, учууталлар, муниципальнай куратордар уонна бары педагогтар буолаллар. Эһиги хас биирдии оҕоҕо болҕомтоҕут, күннээҕи сыралаах үлэҕит иһин барҕа махтал! Эһиги үлэҕититтэн биһиги өрөспүүбүлүкэбит кэскилэ быһаччы тутулуктаах, сотору кэминэн оҕолорбут Сахабыт Сирин салгыы сайыннарыахтара турдаҕа.
Форум чэрчитинэн «Үөрэххэ — сүрүн болҕомто: иитии» диэн методическай хомуурунньук үһүс таһаарыыта сүрэхтэннэ, бастыҥ уопуттары дьүүллэстибит. Иннибитигэр өссө күүстээх үлэ, уопут атастаһыыта, саҥа идиэйэлэри, инструменнары көрдөөһүн соруга турар.
Эһиэхэ барыгытыгар таһаарыылаах үлэни, сонун идиэйэлэри, айар күүрээни баҕарабын!
https://max.ru/channel_PetrShamaev
Show more Show less
Эт-хаан эрчиллиитин ЛФК тренерэ, СӨ Доруобуйа харыстабылын туйгуна Федот Максимов көрдөрдө, кэпсээтэ
https://vkvideo.ru/video-211137588_456267970?list=67d61372401a2939c1
nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
Хаҥалас улууһугар Еланка сэлиэнньэтин олохтооҕун көрдөөһүн салҕанар
Атырдьах ыйын 12 күнүгэр Хаҥалас улууһун Еланка сэлиэнньэтигэр 1960 сыллаах төрүөх олохтоох дьахтар тыаҕа барбыта уонна төннүбэтэҕэ. Дьахтар сир аһын хомуйа тахсыбыт. Күнүс 12 чаас диэки аймахтарын кытта сибээскэ тахса сылдьыбыт, ол эрээри, ол кэнниттэн кини суотабай төлөпүөнэ арахсан хаалбыт.
Миэстэтигэр Станислав Захаров салалталаах СӨ Быыһыыр сулууспатын биэс быыһааччыта үлэлиир. Бэҕэһээҥи дааннайынан, сири тараан көрүүгэ 32 киһи кыттыбыт.
Киэҥ-куоҥ уонна тиийэрэ уустук сири-уоту үөрэтэргэ анал тиэхиньикэ туһаныллар: «Соболь» массыыналар, квадроцикл уонна тепловизорынан хааччыллыбыт пилота суох көтөр аппараат. Көрдөөччүлэр биэнсийэлээх дьахтар сылдьыбыт буолуон сөптөөх учаастактары бэрэбиэркэлээн, сири тараан көрөллөр.
Билиҥҥитэ дьахтар ханна баара биллибэт. Көрдөөһүн үлэтэ салҕанар.
nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
Show more Show less
Саха сиригэр аҕыс ойуур баһаарын умуруоруу салҕанар
Саха сиригэр 132 635 га уопсай иэннээх аҕыс ойуур баһаарын умуруоруу үлэтэ салҕанар. Баһаардар Үөһээ Бүлүү, Кэбээйи, Ньурба уонна Мииринэй оройуоннарыгар буола тураллар. Олортон икки баһаары — Үөһээ Бүлүү уонна Мииринэй оройуоннарга уопсайа 20 439 га иэннээх сиргэ төгүрүппүттэр. Бу туһунан брифиҥҥэ СӨ Экологияҕа, айылҕаны туһаныыга уонна ойуур хаһаайыстыбатыгар министиэристибэтин Ойууру харабыллааһыҥҥа, харыстааһыҥҥа уонна чөлүгэр түһэриигэ департаменын салайааччытын солбуйааччы Владимир Иванов иһитиннэрдэ.
Суукка саҕаланыыта өрөспүүбүлүкэҕэ барыта холбоон 37 ойуур баһаара Үөһээ Бүлүү, Кэбээйи, Мииринэй, Ньурба уонна Өлөөн улуустарыгар буола турар.
Ыраах, тиийэргэ уустук сирдэргэ хонтуруол зонатыгар 879 316 га уопсай иэннээх 29 ойуур баһаара бара турар. Бу баһаардар нэһилиэнньэлээх пууннарга уонна экэниэмикэ эбийиэктэригэр кутталы үөскэппэттэр.
Ойуур баһаардарын умуруорууга 506 киһи уонна 36 тиэхиньикэ кыттар. Бүлүү бөлөх улуустарга буруо бэлиэтэнэр.
Өрөспүүбүлүкэҕэ Ил Дархан ыйааҕынан киллэриллибит ойуурга регионнааҕы таһымнаах ыксаллаах быһыы-майгы эрэһиимэ салҕанар. Ону таһынан, Саха сирин үрдүнэн ойуур баһаарыттан сэрэтэр анал эрэһиим тутуһуллар.
nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
Show more Show less
Саха бастакы балерината Аксения Посельскаяҕа
АЙЫЛЛЫАТА ДЬЫРЫЛЫАТ
Наталья Михалева-Сайа хоһооно
Николай Андросов дьүрүлэ
Николай Михеев доҕуһуола
nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
Show more Show less
Саха сиригэр айанньыттары таһыы барыта эрэһиим быһыытынан ыытыллар
Өрөспүүбүлүкэ тырааныспарын комплексыгар киирэр тэрилтэлэр уматыгынан хааччыллан тураллар уонна үлэни эрэһиим быһыытынан салгыы ыыталлар.
СӨ Тырааныспарга уонна суол хаһаайыстыбатыгар министиэристибэтигэр үөскүүр ыйытыктары суһаллык быһаарар туһугар уматыгынан хааччыйыы боппуруостарынан салаа ыстааба үлэлиир. Айанньыттары таһар тырааныспар бары көрүҥнэрэ уматык наадалаах кээмэйинэн хааччыллыбыттар, айан сырыытыгар харгыстар бэлиэтэммэттэр. Авиация, тимир суол, оптуобустар, паромнар араспысаанньанан сылдьаллар, графиктан туорааһын суох.
Социальнай суолталаах «Дьокуускай — Аллараа Бэстээх» хайысхаҕа өрүһүнэн таһыы харгыһа суох барар. Айанньыттары таһар теплоходтары тохтоло суох сапараапкалыыр туһугар уматыгынан хааччыйыы анал механизмэ оҥоһуллубут уонна үлэлии турар.
СӨ Тырааныспарга министиэристибэтин суһал ыстааба тырааныспар-суол комплексын тэрилтэлэрин дьайыыларын салгыы сүрүннүүр. Министиэристибэ таһааччылары кытта бииргэ үлэлэһэр уонна тырааныспар тиһигин туруктаахтык үлэлэтэр туһугар уматык балаансатын кэтээн көрөр.
nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
Show more Show less
СӨ Быыһыыр сулууспатын водолазтара Томпо улууһугар сүүрүк илдьэ барбыт эр киһини көрдүүллэр
Томпо улууһугар атырдьах ыйын 14 күнүн түүнүгэр Илиҥҥи Хаандыга өрүһү туоруур кэмҥэ сүппүт 73 саастаах эр киһини көрдүүлэр. Барыллаан дааннайдарынан, Теплай Ключ бөһүөлэгиттэн Илиҥҥи Хаандыга диэки түөрт эр киһи «КрАЗ» массыынанан айаннаабыт. Өрүһү туоруулларыгар булчуттар массыыналара батыллан хаалбыт.
Үс киһи биэрэккэ тахсыбыт — сайабылыанньаны биэрбит киһи, 60 саастаах эр киһи уонна кини 15 саастаах уола. Саамай саастаахтарын сүүрүк массыынаттан илдьэ барбыт. Эр киһи матрастан тутуспут. Бу туһунан биир быыһаммыт киһи сатыы Теплай Ключ бөһүөлэгэр тиийэн тыллаабытын кэннэ биллибит.
Көрдүүр үлэҕэ Теплай Ключ бөһүөлэгин дьаһалтатын үлэһиттэрэ уонна волонтердар кыттыбыттар. Уу таһыма үрдүгүттэн уонна күүстээх сүүрүктэн биэрэк лииньийэтин бастакы чинчийии туох да түмүгү аҕалбатах. Көрөр сири кэҥэтээри квадрокоптер туһаныллыбыт.
Бу түбэлтэ миэстэтигэр Дьокуускай куораттан СӨ Быыһыыр сулууспатын водолазтара кэллилэр. Кинилэр гидролокатор көмөтүнэн 7100 квадратнай миэтэрэ иэннээх акваторияны чинчийбиттэр уонна аҕыс төгүл умсубуттар. Сүппүт киһи көстүбэтэх. Бүгүн көрдүүр үлэни салгыыллар.
nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
Show more Show less