🏹🥉Мария Тараярова – Спартакиада боруонсата! Атырдьах ыйын 16-20 күннэригэр Екатеринбург куоракка оҕунан ытыыга Россия норуоттарын спартакиадата ыытыллыбыта. Күрэскэ дойду 200 кэриҥэ күүстээх охчуттара кыттыыны ыллылар. Сунтаар улууһуттан Мария Тараярова бастыҥ көрдөрүүнү ситистэ. Тренер Балдара Балданова салалтатынан Мария эрэллээхтик боруонса мэтээли ылла. Бу Россия бастыҥ спортсменнарын ортолоругар үчүгэй көрдөрүү. @sakhasporttv