НВК «Саха»

@nvk_sakha · Kazakh · active

Subscribers 23.8K Subscribers, last 30 days: 23.9K → 23.8K −100 24h · −100 7d
Reach per post (ERR) 2.8%678 avg views
Posting 21.7/day last 1 hour ago
Reactions per 1K views 1.8 ❤ 👍 👏

Саха сиригэр 259 тыһ тахса туонна оту бэлэмнээтилэр Атырдьах ыйын 20 күнүн туругунан, өрөспүүбүлүкэ аграрийдара ходуһаттан 252 310 га сири охсон, 259 839 туонна оту бэлэмнээтилэр. Бу сыллааҕы былаан 61%-на буолар. Ону таһынан 3 991 туонна сиилэһи уонна 770 туонна сенаһы бэлэмнээтилэр. Уу халааныгар эмсэҕэлээбит улуустарга көмөҕө ураты болҕомто ууруллар. Бу туһунан СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл бэлиитикэтин министиэристибэтигэр иһитиннэрдилэр. От бэлэмниир хампаанньаҕа 21 678 киһи уонна 9 496 тыраахтар тардылынна. 7 705 биригээдэ тэрилиннэ, ол иһигэр 2 942 — мэхэньисээссийэлээх, 2 910 — аҥаардас мэхэньисээссийэлээх, 1 828 — илии үлэтинэн дьарыктанар уонна 25 — аттаах-илиилээх биригээдэлэр. Уу халааныгар эмсэҕэлээбит улуустарга көмөлөһөр сыалтан, 11 оройуоҥҥа 65 мобильнай биригээдэ үлэлиир. Кинилэр номнуо 3 638 туонна оту бэлэмнээтилэр. Үлэ хаамыытын СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтин суһал ыстааба хонтуруоллуур. Тахсар боппуруостары суһаллык быһаарар инниттэн, биэдэмистибэ нэдиэлэ ахсын муниципалитеттар баһылыктарын уонна оройуоннар салалталарын кытта мунньахтары ыытар. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

Views over time

02505007501K21 Aug 03:5310 Nov 22:0681321 Aug 03:53: 0 views10 Nov 22:06: 813 views
Snapshots we took after posting.
WhenViews
21 Aug 2026, 03:530
10 Nov 2026, 22:06813

Who shared this post

Posts in other channels we index that link to this one. (Forwards with a hidden source can't be traced.)

Nobody yet.