НВК «Саха»

@nvk_sakha · Kazakh · active

Subscribers 23.8K Subscribers, last 30 days: 23.9K → 23.8K −100 24h · −100 7d
Reach per post (ERR) 2.8%678 avg views
Posting 21.7/day last 1 hour ago
Reactions per 1K views 1.8 ❤ 👍 👏
repost from Шамаев Петр

🇷🇺 Бүгүн биһиги Россия Судаарыстыбаннай былааҕын күнүн бэлиэтиибит. Миэхэ бу бырааһынньык халандаарга көннөрү күн эрэ буолбатах. Россия былааҕын аннынан мин доҕотторбун кытта тэҥҥэ, санны-санныбытынан өйөнсөн бойобуой сорудахпытын толорбуппут. Саамай ыарахан түгэннэргэ былаах иннибит диэки барарбытыгар күүс - уох эбэрэ, ытык иэспитин туох иһин толорорбутун санатара. Бу кэрчик суол миигин уонна мин олохпун букатыннаахтык уларыппыта. Россия Судаарыстыбаннай былааҕа - бүгүн дойдубутун көмүскүү сылдьар уолаттары, үлэлиир, үөрэнэр, саҥа бырайыактары олоххо киллэрэр дьону-сэргэни, спорка, наукаҕа, культураҕа уонна да атын эйгэлэргэ ситиһиилэри саҕар дойдубут олохтоохторун бииргэ түмэр сүдү күүстээх. Онон эдэр көлүөнэ Дойду былааҕын өҥүн билэрэ эрэ буолбакка, кини историятын, суолтатын өйдүүрэ быдан тоҕоостоох. Россия былааҕа биһиги куруук биир омук буоларбытын, биир историялаахпытын, биир дойдулаахпытын, уопсай кэскиллээхпитин санатар. Биһиги уопсай күүспүт, сомоҕолоһуубут, инники диэки дьулуһуубут Россияҕа саҥа кыайыылары,ситиһиилэри тосхойдун! https://max.ru/channel_PetrShamaev

Views over time

02505007501K22 Aug 03:0510 Nov 22:0685922 Aug 03:05: 0 views10 Nov 22:06: 859 views
Snapshots we took after posting.
WhenViews
22 Aug 2026, 03:050
10 Nov 2026, 22:06859

Who shared this post

Posts in other channels we index that link to this one. (Forwards with a hidden source can't be traced.)

Nobody yet.