НВК «Саха»

@nvk_sakha · Kazakh · active

Subscribers 23.8K Subscribers, last 30 days: 23.9K → 23.8K −100 24h · −100 7d
Reach per post (ERR) 2.8%678 avg views
Posting 21.7/day last 1 hour ago
Reactions per 1K views 1.8 ❤ 👍 👏

Саха сиригэр аҕыс ойуур баһаарын умуруоруу салҕанар Саха сиригэр 132 635 га уопсай иэннээх аҕыс ойуур баһаарын умуруоруу үлэтэ салҕанар. Баһаардар Үөһээ Бүлүү, Кэбээйи, Ньурба уонна Мииринэй оройуоннарыгар буола тураллар. Олортон икки баһаары — Үөһээ Бүлүү уонна Мииринэй оройуоннарга уопсайа 20 439 га иэннээх сиргэ төгүрүппүттэр. Бу туһунан брифиҥҥэ СӨ Экологияҕа, айылҕаны туһаныыга уонна ойуур хаһаайыстыбатыгар министиэристибэтин Ойууру харабыллааһыҥҥа, харыстааһыҥҥа уонна чөлүгэр түһэриигэ департаменын салайааччытын солбуйааччы Владимир Иванов иһитиннэрдэ. Суукка саҕаланыыта өрөспүүбүлүкэҕэ барыта холбоон 37 ойуур баһаара Үөһээ Бүлүү, Кэбээйи, Мииринэй, Ньурба уонна Өлөөн улуустарыгар буола турар. Ыраах, тиийэргэ уустук сирдэргэ хонтуруол зонатыгар 879 316 га уопсай иэннээх 29 ойуур баһаара бара турар. Бу баһаардар нэһилиэнньэлээх пууннарга уонна экэниэмикэ эбийиэктэригэр кутталы үөскэппэттэр. Ойуур баһаардарын умуруорууга 506 киһи уонна 36 тиэхиньикэ кыттар. Бүлүү бөлөх улуустарга буруо бэлиэтэнэр. Өрөспүүбүлүкэҕэ Ил Дархан ыйааҕынан киллэриллибит ойуурга регионнааҕы таһымнаах ыксаллаах быһыы-майгы эрэһиимэ салҕанар. Ону таһынан, Саха сирин үрдүнэн ойуур баһаарыттан сэрэтэр анал эрэһиим тутуһуллар. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

Views over time

025050075020 Aug 05:0010 Nov 22:0678920 Aug 05:00: 0 views10 Nov 22:06: 789 views
Snapshots we took after posting.
WhenViews
20 Aug 2026, 05:000
10 Nov 2026, 22:06789

Who shared this post

Posts in other channels we index that link to this one. (Forwards with a hidden source can't be traced.)

Nobody yet.