Хаҥалас улууһугар Еланка сэлиэнньэтин олохтооҕун көрдөөһүн салҕанар Атырдьах ыйын 12 күнүгэр Хаҥалас улууһун Еланка сэлиэнньэтигэр 1960 сыллаах төрүөх олохтоох дьахтар тыаҕа барбыта уонна төннүбэтэҕэ. Дьахтар сир аһын хомуйа тахсыбыт. Күнүс 12 чаас диэки аймахтарын кытта сибээскэ тахса сылдьыбыт, ол эрээри, ол кэнниттэн кини суотабай төлөпүөнэ арахсан хаалбыт. Миэстэтигэр Станислав Захаров салалталаах СӨ Быыһыыр сулууспатын биэс быыһааччыта үлэлиир. Бэҕэһээҥи дааннайынан, сири тараан көрүүгэ 32 киһи кыттыбыт. Киэҥ-куоҥ уонна тиийэрэ уустук сири-уоту үөрэтэргэ анал тиэхиньикэ туһаныллар: «Соболь» массыыналар, квадроцикл уонна тепловизорынан хааччыллыбыт пилота суох көтөр аппараат. Көрдөөччүлэр биэнсийэлээх дьахтар сылдьыбыт буолуон сөптөөх учаастактары бэрэбиэркэлээн, сири тараан көрөллөр. Билиҥҥитэ дьахтар ханна баара биллибэт. Көрдөөһүн үлэтэ салҕанар. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube