Дьокуускайга бээтинсэҕэ быстах ардах түһэрэ күүтүллэр Бээтинсэҕэ күнүс, атырдьах ыйын 21 күнүгэр, Дьокуускайга 18 кыраадыс сылаас буолара күүтүллэр. Бу туһунан күнү-дьылы кэтээн көрөр ыстаансыйа иһитиннэрэр. «Түүн уонна сарсыарда быстах ардах түһүө, хотугулуу-арҕаа тыал сөкүүндэҕэ 4-9 миэтэрэ түргэннээхтик үрүөҕэ. Түүн салгын температурата +5+7°С, күнүс +16+18°С», — диэн сабаҕалааһыҥҥа этиллэр. Билиҥҥи туругунан куоракка +12 кыраадыс бэлиэтэнэр. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube