НВК «Саха»

@nvk_sakha · Kazakh · active

Subscribers 23.8K Subscribers, last 30 days: 23.9K → 23.8K −100 24h · −100 7d
Reach per post (ERR) 2.8%678 avg views
Posting 21.7/day last 1 hour ago
Reactions per 1K views 1.8 ❤ 👍 👏
repost from Шамаев Петр

Мин «Үөрэххэ — сүрүн болҕомто: иитии» диэн III үөрэх форумун кыттыылаахтарын эҕэрдэлээтим. Бу көрсүһүү саҥа үөрэх дьылын улахан суолталаах саҕаланыыта уонна үөрэх үлэһиттэрин атырдьах ыйынааҕы мунньахтарын биир дьоһун сорҕото буолла. Быйыл биһиэхэ бэлиэ сыл — «Федеральнай оҕо киинэ» ФГБОУ төрүттэммитэ 10 сылын, оттон «Оҕо саас навигатордара» бырайыак олоххо киирбитэ 5 сыла бэлиэтэнэр. Бу кэм устата өрөспүүбүлүкэҕэ «Орлята дошколята диэн бырайыактан саҕалаан орто анал үөрэх кыһаларыгар тиийэ оҕону иитиигэ тиһиктээх үлэ ыытыллан кэллэ. Биһиги министиэристибэбит Саха Өрөспүүбүлүкэтин Үөрэҕин уонна наукатын министиэристибэтин кытары иитиигэ туһуламмыт бырайыактары сайыннарары таһынан, оҕолор уонна ыччаттар бары өттүнэн сайдалларыгар сөптөөх усулуобуйаны тэрийиигэ утумнаахтык үлэлиир. Ол эрэн оҕону кытары үлэни сүрүннуур дьонунан иитиигэ дириэктэрдэр сүбэһиттэрэ, уһуйааннар иитээччилэрэ, учууталлар, муниципальнай куратордар уонна бары педагогтар буолаллар. Эһиги хас биирдии оҕоҕо болҕомтоҕут, күннээҕи сыралаах үлэҕит иһин барҕа махтал! Эһиги үлэҕититтэн биһиги өрөспүүбүлүкэбит кэскилэ быһаччы тутулуктаах, сотору кэминэн оҕолорбут Сахабыт Сирин салгыы сайыннарыахтара турдаҕа. Форум чэрчитинэн «Үөрэххэ — сүрүн болҕомто: иитии» диэн методическай хомуурунньук үһүс таһаарыыта сүрэхтэннэ, бастыҥ уопуттары дьүүллэстибит. Иннибитигэр өссө күүстээх үлэ, уопут атастаһыыта, саҥа идиэйэлэри, инструменнары көрдөөһүн соруга турар. Эһиэхэ барыгытыгар таһаарыылаах үлэни, сонун идиэйэлэри, айар күүрээни баҕарабын! https://max.ru/channel_PetrShamaev

Views over time

025050075020 Aug 06:4610 Nov 22:0678120 Aug 06:46: 0 views10 Nov 22:06: 781 views
Snapshots we took after posting.
WhenViews
20 Aug 2026, 06:460
10 Nov 2026, 22:06781

Who shared this post

Posts in other channels we index that link to this one. (Forwards with a hidden source can't be traced.)

Nobody yet.