Саха сиригэр айанньыттары таһыы барыта эрэһиим быһыытынан ыытыллар Өрөспүүбүлүкэ тырааныспарын комплексыгар киирэр тэрилтэлэр уматыгынан хааччыллан тураллар уонна үлэни эрэһиим быһыытынан салгыы ыыталлар. СӨ Тырааныспарга уонна суол хаһаайыстыбатыгар министиэристибэтигэр үөскүүр ыйытыктары суһаллык быһаарар туһугар уматыгынан хааччыйыы боппуруостарынан салаа ыстааба үлэлиир. Айанньыттары таһар тырааныспар бары көрүҥнэрэ уматык наадалаах кээмэйинэн хааччыллыбыттар, айан сырыытыгар харгыстар бэлиэтэммэттэр. Авиация, тимир суол, оптуобустар, паромнар араспысаанньанан сылдьаллар, графиктан туорааһын суох. Социальнай суолталаах «Дьокуускай — Аллараа Бэстээх» хайысхаҕа өрүһүнэн таһыы харгыһа суох барар. Айанньыттары таһар теплоходтары тохтоло суох сапараапкалыыр туһугар уматыгынан хааччыйыы анал механизмэ оҥоһуллубут уонна үлэлии турар. СӨ Тырааныспарга министиэристибэтин суһал ыстааба тырааныспар-суол комплексын тэрилтэлэрин дьайыыларын салгыы сүрүннүүр. Министиэристибэ таһааччылары кытта бииргэ үлэлэһэр уонна тырааныспар тиһигин туруктаахтык үлэлэтэр туһугар уматык балаансатын кэтээн көрөр. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
НВК «Саха»
Subscribers
23.8K
−100 24h · −100 7d
Reach per post (ERR)
2.8%678 avg views
Posting
21.7/day
last 1 hour ago
Reactions per 1K views
1.8
❤ 👍 👏
Views over time
| When | Views |
|---|---|
| 20 Aug 2026, 03:54 | 0 |
| 10 Nov 2026, 22:06 | 768 |
Who shared this post
Posts in other channels we index that link to this one. (Forwards with a hidden source can't be traced.)
Nobody yet.