Саха сиригэр 40 тыһ кэриҥэ туонна үүт соҕотуопкаламмыт Өрөспүүбүлүкэҕэ 39 908,05 туонна үүт соҕотуопкаламмыт – бу 2026 сыллааҕы былаан 73,4%-а. Соҕотуопка кээмэйэ ааспыт сыл бу кэминээҕи көрдөрүүтүнээҕэр 14,5 туоннанан куоһарбыт. Бу туһунан СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ иһитиннэрдэ. Үүт саамай улахан кээмэйэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар – 4 429,74 туонна, Сунтаарга – 4 328,57 туонна, Чурапчыга – 3 456,66 туонна, Хаҥаласка – 3 211,30 туонна, Аммаҕа – 3 027,44 туонна, Бүлүүгэ – 2 953,77 туонна уонна Ньурбаҕа – 2 605,85 туонна соҕотуопкаламмыт. Дьокуускай куоракка 2 405,18 туонна тутуллубут. Улуустар уонна куораттааҕы уокуруктар сүүмэрдиир түмүктэринэн үүтү тутууну уонна учуоту 56 соҕотуопкалыыр тэрилтэ ыытар. 2026 сылга өрөспүүбүлүкэҕэ үүтү оҥорууну уонна соҕотуопкалыыры хааччыйарга барыта 3,7 млрд солкуобай көрүллүбүт. Ол гынан баран, социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыы судаарыстыбаннай бырагырааматынан бигэргэтиллибит субвенция кээмэйэ былааннаах 65,7 тыһыынча туонна үүтү соҕотуопкалыырга 4,6 млрд солкуобайга тэҥнэһэр. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube