НВК «Саха»

@nvk_sakha · Kazakh · active

Subscribers 23.8K Subscribers, last 30 days: 23.9K → 23.8K −100 24h · −100 7d
Reach per post (ERR) 2.8%678 avg views
Posting 21.7/day last 1 hour ago
Reactions per 1K views 1.8 ❤ 👍 👏
edited

СӨ Быыһыыр сулууспатын водолазтара Томпо улууһугар сүүрүк илдьэ барбыт эр киһини көрдүүллэр Томпо улууһугар атырдьах ыйын 14 күнүн түүнүгэр Илиҥҥи Хаандыга өрүһү туоруур кэмҥэ сүппүт 73 саастаах эр киһини көрдүүлэр. Барыллаан дааннайдарынан, Теплай Ключ бөһүөлэгиттэн Илиҥҥи Хаандыга диэки түөрт эр киһи «КрАЗ» массыынанан айаннаабыт. Өрүһү туоруулларыгар булчуттар массыыналара батыллан хаалбыт. Үс киһи биэрэккэ тахсыбыт — сайабылыанньаны биэрбит киһи, 60 саастаах эр киһи уонна кини 15 саастаах уола. Саамай саастаахтарын сүүрүк массыынаттан илдьэ барбыт. Эр киһи матрастан тутуспут. Бу туһунан биир быыһаммыт киһи сатыы Теплай Ключ бөһүөлэгэр тиийэн тыллаабытын кэннэ биллибит. Көрдүүр үлэҕэ Теплай Ключ бөһүөлэгин дьаһалтатын үлэһиттэрэ уонна волонтердар кыттыбыттар. Уу таһыма үрдүгүттэн уонна күүстээх сүүрүктэн биэрэк лииньийэтин бастакы чинчийии туох да түмүгү аҕалбатах. Көрөр сири кэҥэтээри квадрокоптер туһаныллыбыт. Бу түбэлтэ миэстэтигэр Дьокуускай куораттан СӨ Быыһыыр сулууспатын водолазтара кэллилэр. Кинилэр гидролокатор көмөтүнэн 7100 квадратнай миэтэрэ иэннээх акваторияны чинчийбиттэр уонна аҕыс төгүл умсубуттар. Сүппүт киһи көстүбэтэх. Бүгүн көрдүүр үлэни салгыыллар. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

Views over time

02505007501K20 Aug 03:3710 Nov 22:0681120 Aug 03:37: 0 views10 Nov 22:06: 811 views
Snapshots we took after posting.
WhenViews
20 Aug 2026, 03:370
10 Nov 2026, 22:06811

Who shared this post

Posts in other channels we index that link to this one. (Forwards with a hidden source can't be traced.)

Nobody yet.