Россия судаарыстыбаннай былааҕын күнүгэр телебашня уота сандаарыаҕа Атырдьах ыйын 22 күнүгэр, Россия судаарыстыбаннай былааҕын күнүгэр, РТРС Дьокуускайга филиала куорат сүрүн телебашнятыгар архитектурнай-художественнай уоту-күөһү холбуохтара, Россия былааҕын өҥнөрүнэн сандаарыаҕа. Бырааһынньыктааҕы иллюминация олохтоох бириэмэнэн 21:00-тан 23:00 чааска диэри үлэлиэҕэ. Уотунан сырдатыы тэтимнээхтик икки чаас устата ыытыллыаҕа: башня өҥө үрүҥ, күөх уонна кыһыл дьүһүннэринэн солбуллуоҕа. Бырааһынньыктааҕы сырдатыы хас биирдии киһиэхэ Россия судаарыстыбаннай бэлиэлэрин суолтатын арыйыаҕа уонна улахан дойду сомоҕолоһуутун бэлиэтэ буолуоҕа. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube