🤩👍🏻Иркутскайтан үөрүүлээх сонун!
Ангарскай куоракка ыытыллыбыт Бүтүн Россиятааҕы нуучча дуобатын күрэҕэр «Олимпик» спортивнай оскуола иитиллээччилэрэ Вася Жирков уонна Айнара Нестерева спортивнай разрядтары толорбуттар. Бу туһунан Нам улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Нам улууһун эдэр дуобатчыттара алтынньы 27 күнүттэн сэтинньи 3 күнүгэр диэри Иркутскай уобалас Ангарскай куоратыгар ыытыллыбыт Бүтүн Россиятааҕы нуучча дуобатын күрэҕэр ситиһиилээхтик кытыннылар.
Ол курдук, Надежда Протопопова тренердээх Хамаҕаттатааҕы «Олимпик»спортивнай оскуола иитиллээччилэрэ Вася Жирков 2-с, оттон Айнара Нестерева 3-с спортивнай разрядтары толордулар. Эрдэ бу күрэххэ Арчын Нестеров молниеноснай бырагыраамаҕа - 2-с, классическай оонньууга 3-с миэстэлэри ылан чаҕылхай көрдөрүүлэммитэ.
«Надежда Георгиевнаны өр сыллаах дьаныардаах үлэҥ үтүө түмүктэммитинэн, оҕолору үрдүк ситиһиилэринэн эҕэрдэлиибит! Саҥаттан саҥа кыайыылар кэлэн истиннэр!», - диэн иһитиннэриигэ этиллэр.
@sakhasporttv
Show more Show less
🐎Дьөһөгөй оҕотун маанылаах симэҕин билэҕит дуо?
Кычым, кымньыы, дэпсэ, ыҥыыр, чаппараах, үүн, бойбуур...
Бу тыллар суолталарын видеоны көрөн билиэххэ.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай уонна дьиҥ таһымнаах тылларын харыстыыр уонна сайыннарар судаарыстыбаннай бырагыраама чэрчитинэн уһулунна.
nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
Show more Show less
Өлүөнэ өрүһүнэн таһаҕаһы тиэйии муус турбутуттан тохтуур
«Ленское объединенное речное пароходство» ПАУо партнердарыгар уонна таһаҕас ылааччыларга Өлүөнэ өрүһүнэн «Жатай – Төхтүр – Жатай» хайысханан ледокол арыалдьыттаах таһаҕаһы тиэйиини быстах кэмҥэ уларыталларын туһунан иһитиннэрэр. Бу өрүскэ муус турбута уонна суудуналар сырыыларыгар куттал суох буоларын хааччыйар туһуттан ылыллар наадалаах миэрэ.
Бүгүн, сэтинньи 6 күнүгэр, «Төхтүр – Жатай» хайысханан рейс оҥоһуллуоҕа. Сэтинньи 7-8 күннэригэр таһаҕаһы уонна тиэхиньикэни тиэйиини букатын тохтотоллор.
Барыллаан сэтинньи 9 күнүттэн саҕалаан бу хайысханан үлэ сөргүтүллүөҕэ. Суудуналар сырыылара муус букатын турдаҕына уонна суудуналар куттала суох ааһалларыгар анаан ханаал бэлэмнээһинин үлэтэ бүттэҕинэ эрэ кыаллыаҕа.
Ледокол арыаллааһына сэтинньи 1 күнүттэн саҕаламмыта. Онно «Капитан Бородкин» ледокол, «ОТ-2050» буксир уонна «Жатай-1» бааржа кытталлар.
Хаартыска: СӨ Тырааныспарга министиэристибэтэ
nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
Show more Show less
Тыа сирин олохтоохторугар кыстыкка киириигэ түбүк үгүс, олортон биирдэстэрэ муус ылыыта буолар. Сомоҕолоһуу күнүн Сарыал үлэһиттэрэ күүстээх үлэнэн көрүстүлэр.
🤩👍🏻Иркутскайтан үөрүүлээх сонун!
Ангарскай куоракка ыытыллыбыт Бүтүн Россиятааҕы нуучча дуобатын күрэҕэр «Олимпик» спортивнай оскуола иитиллээччилэрэ Вася Жирков уонна Айнара Нестерева спортивнай разрядтары толорбуттар. Бу туһунан Нам улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Нам улууһун эдэр дуобатчыттара алтынньы 27 күнүттэн сэтинньи 3 күнүгэр диэри Иркутскай уобалас Ангарскай куоратыгар ыытыллыбыт Бүтүн Россиятааҕы нуучча дуобатын күрэҕэр ситиһиилээхтик кытыннылар.
Ол курдук, Надежда Протопопова тренердээх Хамаҕаттатааҕы «Олимпик»спортивнай оскуола иитиллээччилэрэ Вася Жирков 2-с, оттон Айнара Нестерева 3-с спортивнай разрядтары толордулар. Эрдэ бу күрэххэ Арчын Нестеров молниеноснай бырагыраамаҕа - 2-с, классическай оонньууга 3-с миэстэлэри ылан чаҕылхай көрдөрүүлэммитэ.
«Надежда Георгиевнаны өр сыллаах дьаныардаах үлэҥ үтүө түмүктэммитинэн, оҕолору үрдүк ситиһиилэринэн эҕэрдэлиибит! Саҥаттан саҥа кыайыылар кэлэн истиннэр!», - диэн иһитиннэриигэ этиллэр.
@sakhasporttv
Show more Show less
+6
🇷🇺 СЛУЖБА ПО СПЕЦКОНТРАКТУ: ОПЕРАТОР В ЭЛИТНЫЕ ВОЙСКА БЕСПИЛОТНЫХ СИСТЕМ 🇷🇺
Оформление через пункт отбора на военную службу по спецконтракту (3 разряда) г. Якутска
💳 Единовременная выплата — от 3 800 000 ₽
💳 Денежное довольствие — от 240 000 ₽ ежемесячно
💳 За год службы — от 6 680 000 ₽
💳 Заключение специального контракта сроком на 1 ГОД в ЭЛИТНЫЕ подразделения беспилотных систем с гарантированным увольнением!
📤 Требования к кандидатам:
- гражданство Российской Федерации;
- возраст от 18 до 44 лет;
- категория здоровья А или Б;
- отсутствие судимостей по УК РФ;
- образование — не ниже 9 классов.
📃 Условия:
- бесплатное приобретение авиабилетов из любой точки России до г. Якутска для кандидатов;
- бесплатное проживание и питание;
- помощь в восстановлении документов.
📄 Льготы:
✅ статус ветерана боевых действий;
✅ списание долгов до 10 000 000 ₽;
✅ поступление в ВУЗы и ССУЗы вне конкурса (на бюджетные места — для военнослужащего и членов его семьи);
✅ оформление академического отпуска на время службы (сроком до 1 года);
✅ иные предусмотренные льготы.
📞 Телефон для связи: 8-923-231-80-30
8-800-100-37-56
#ВойскаБПС
БЕСПИЛОТНЫЕ СИСТЕМЫ ЯКУТИИ:
https://max.ru/channel_bps14
Show more Show less
+1
🚌Мэҥэ Хаҥалас оскуолаларыгар саҥа оптуобустар
Сэтинньи 5 күнүгэр РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин быһаччы көҕүлээһининэн, Бырабыыталыстыба өйөбүлүнэн оскуола автопаркатын саҥардыы федеральнай барылын чэрчитинэн Ил Дархан Айсен Николаев Саха сирин 23 улууһун үөрэх кыһаларыгар барыта 46 саҥа оскуола оптуобуһун туттарда. Бу туһунан улуус дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Мэҥэ Хаҥалас улууһуттан А.С. Шахурдин аатынан Төҥүлү уонна М.Е. Попов аатынан Аллараа Бэстээх орто оскуолалара саҥа оптуобустар күлүүстэрин туттулар.
Бу оптуобустар оҕолор араас тэрээһиннэргэ куттала суох айанныылларыгар анал тахографтардаахтар, ГЛОНАСС навигациятынан, ЭРА-ГЛОНАСС тэриллэринэн хааччыллыбыттар уонна түргэнэ 60 км/ч үрдүк буолбат гына оҥоһуллубуттар.
«Дойдубут бэрэсидьиэнигэр Владимир Путиҥҥа, өрөспүүбүлүкэбит Ил Дарханыгар Айсен Николаевка, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Үөрэҕин министиэристибэтигэр махталбытын тиэрдэбит!», – диэн иһитиннэриигэ этиллэр.
nvk-online.ru 📲 💬Mакс | 💬Telegram | 💙ВК | 📺VK Видео | 📺Rutube
Show more Show less
Айсен Николаев муниципальнай тэриллиилэри ититии сезонугар бэлэмҥэ итэҕэстэри туоратары сорудахтаата
Ил Дархан Айсен Николаев күһүҥҥү-кыһыҥҥы ититии кэмигэр анаммыт мунньахха муниципальнай тэриллиилэр баһылыктарыгар Ростехнадзор бэлиэтээһиннэрин туоратарга уонна бэлэмнээх буолуу пааспардарын ыларга сорудахтаата. Кини бу үлэни күннэтэ кэтээн көрөргө, бэрэбиэркэлииргэ дьаһайда.
Хаартыска: Андрей Сорокин/СИА
nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
Show more Show less
#Пушистыеновости: Выдра Финик раскрыл секреты СПА-ритуалов после купания 🦦
В Ленинградском зоопарке рассказали о необычных привычках выдры по кличке Финик. После водных процедур животное предпочитает «натуральный» уход за кожей и шерстью.
Сотрудники зоопарка поделились кадрами, на которых Финик с нескрываемым удовольствием натирается о растительность в вольере. Главный секрет его бьюти-ритуала — хорошенько поваляться в траве и потереться о землю 🧖🏻♀️🌿
Видео: Ленинградский зоопарк
yk24.ru в MAКС | Telegram | ВК | VK Видео
Show more Show less
🌞Интэриэһинэй чахчылар, тэттик сонуннар күннэтэ «Саҥа күн» биэриигэ тахсаллар.
nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
🌤ТУСКУЛ БИЛГЭТЭ
Тарас Тарасов-Тускул сэтинньи 7-14 күннэригэр Саха сиригэр хайдах күн-дьыл буоларын анаарыыта☀️🌨❄️
nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
🚌Саха сирин үөрэх кыһаларыгар 46 саҥа оптуобус!
Сэтинньи 5 күнүгэр Ил Дархан Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэ колледжтарыгар уонна оскуолаларыгар 46 саҥа оптуобус күлүүстэрин үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттарда.
Саҥа тырааныспар көмөтүнэн үөрэнээччилэр, устудьуоннар, учууталлар, уһуйааччылар өрөспүүбүлүкэ устун сырыылара тэтимириэҕэ, улуустар икки ардыларыгар, улуус иһигэр даҕаны сылдьыахтара.
Манна даҕатан эттэххэ, оскуолаларга оптуобустары 2016 сылтан биэрэллэр. Саха сиригэр бу сыллар тухары 593 тырааныспар кэллэ. Бу Россия бэрэсидьиэнэ Владимир Путинтан уонна федеральнай Бырабыыталыстыбаттан улахан көмө диэн бэлиэтииллэр.
nvk-online.ru 📲 💬Mакс | 💬Telegram | 💙ВК | 📺VK Видео | 📺Rutube
Show more Show less
✅Марат Хуснуллин Саха сирин үрдүктүк сыаналаата
РФ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Марат Хуснуллин судаарыстыбаннай бырагыраамалары уонна федеральнай бырайыактары олоххо киллэриигэ Саха сирэ бастыҥ көрдөрүүлээх регионнар ортолоругар киирэрин бэлиэтээтэ. Бу туһунан кини мунньахха регионнарга оттук сезона хайдах ааһан иһэрин, «Инфраструктура для жизни» национальнай бырайыак олоххо киириитин уонна дьиэлэри тутуу боппуруостарын билсэн баран иһитиннэрдэ.
Саха сирин кытта лиидэрдэринэн Чечня, Калужскай, Саратовскай уонна Пензенскай уобаластар, Мордовия уонна Татарстан ааттаннылар.
Мунньах биир сүрүн тиэмэтинэн дойду үгүс өттүгэр саҕаламмыт оттук сезона буолла. Билигин 87 региоҥҥа 3 тыһыычна кэриҥэ муниципальнай тэриллиигэ итиини биэрэллэр. 81 регион муниципалитетыгар барытыгар итиини холбообуттар. Регионнарга үлэни барытын хонтуруолга тутары ыйдылар.
«Инфраструктура для жизни» национальнай бырайыакка ураты болҕомтону уурдулар. Сыл бүтүөр диэри икки ыйтан кыра хаалбытынан, эбийиэктэри үлэҕэ киллэрии тэтимин, болдьохтору тутуһуу улахан суолталааҕын бэлиэтээтилэр.
Дьиэ тутуутун дьүүллэһии кэмигэр, дойдуга элбэх кыбартыыралаах дьиэлэри үлэҕэ киллэрии былырыыҥҥы кэми кытта тэҥнээтэххэ, быйылгы көрдөрүү инники күөҥҥэ сылдьарын бэлиэтээтилэр.
Хаартыска: sakha.gov.ru
nvk-online.ru 📲 💬Mакс | 💬Telegram | 💙ВК | 📺VK Видео | 📺Rutube
Show more Show less
ОСТУОРУЙА ИСТИЭХХЭ
⚜️ Быйыл Сахабыт сиригэр Култуура сыла биллэриллэн турар.
Маны тэҥэ, киин куораппытыгар үөрэхтээһин 100 сыла!
📖 Бу бэлиэ дьылга Дьокуускай куорат уһуйааннарын иитээччилэрэ, уһуйааччылара биһиги каналбыт көрөөччүлэригэр анаан остуоруйа ааҕаллар.
Бүгүн бу рубрикаҕа Николай Якутскай кэпсээнэ таҕыста.
🎙 Ньурба улууһун Чаппанда орто оскуолатын алын сүһүөх учуутала Светлана Павлова ааҕар.
🫎 Байанай ыйыгар "Хотой доҕоро" 🦅 диэн кэпсээни сэргээн истиҥ.
✅ Остуоруйа ааҕан, куолас уһултаран үйэтитиэн баҕалаах иитээччилэри, уһуйааччылары биһиги айар бөлөхпүт кэккэтигэр ыҥырабыт. Электроннай аадырыспытыгар суруйаргытын күүтэбит chokhoon@mail.ru
🟡 ЧОХООН МАХ | Rutube | ВК | VK видео суруттар
Show more Show less
Программа ТВ НВК "Саха" на 6 ноября (пт.)
06:00-Саҥа күн 6+
09:00-Утро Якутии 6+
10:00-Новости 12+
10:15-Күбэйэ 6+
11:15-Асчыттар 12+
12:00-Новости 12+
12:17-Эйгэ 12+
13:30-Сонуннар 12+
14:00-Үлэ киһини киэргэтэр 12+
15:00-Дапсы кинигэтин сүрэхтэниитэ 12+
16:15-Харах далыгар. Матвей Мучин 12+
17:00-Тэтим 12+
18:00-Новости 12+
18:15-Кинолетопись Якутии 12+
18:30-Күрэс 12+
19:00-Новости 12+
19:15-Өркөн өй 12+
20:30-Сонуннар 12+
21:00-Уонна 12+
22:00-Сэргэх 12+
22:30-Итоги дня 12+
23:00-Эйгэ 12+
00:15-Өркөн өй 12+
01:30-Күбэйэ 6+
02:30-Тэтим 12+
03:30-Асчыттар 12+
04:10-Города и реки 6+
04:35-Документальный фильм 12+
Уважаемые телезрители, напоминаем, что в программе возможны изменения
nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
Show more Show less
📺🌈САХА СУОЛА.
САХА СҮРЭ
🐴☀️Өбүгэбит Күн Дьөһөгөй Айыы диэн үҥэр-сүктэр таһымҥа таһаарбыт сылгыта аны САХА СҮРЭ буолар аналланыа дуо? Хас биирдиибит кыттыгастаах буолар "СҮР" Акционернай уопсастыба хайдах үлэлиэй? Сылгыбыт өлөн бараммыт мамоннарга туох сыһыаннааҕый?
"САХА СУОЛУГАР" Саха Өрөспүүбүлүкэтин билимнэрин Акадьыамыйатын бэрэсидьиэнэ Леонид ВЛАДИМИРОВЫ истиҥ.
🔔🌞 Сэтинньи 8 күнэ, өрөбүл
🔔⏰ Сарсыарда 10:30 ч.
🔔 Хатылааһына: сэтинньи 9 күнэ, бэнидиэнньик,16:00 ч.
🔔 Биэрии "Саха" НКИХ сэлэһэр ситимнэригэр киириэҕэ.
💜🤝Биллэриини бөлөхтөрүгэр тарҕаппыт дьоҥҥо барҕа махтал😍🫶🏼
nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
Show more Show less
«Тапталы эрэйэр сүрэхтэр» сериалы куоттарыма!😍👏🏼
«Саха» НКИХ ханаалыгар бүгүн, сэтинньи 5 күнүгэр, 21:00 чаастан сериалы көрөргүн умнума!🫶🏼
Сценарист-Сайаана Эверстова, режиссер-Ярослав Касьянов.
nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
🍃🌿Таатта улууһун олохтооҕо, саха аһын сөргүтээччи, тарҕатааччы, бастыҥ саламааттаах, үрүмэ астаах Мария Бондарева 75 сааһын туолар бэлиэ күнүн «Маарыйа алгыстаах түһүлгэтэ» диэн саламааты уонна үрүмэни астыыр күрэҕинэн бэлиэтээтэ.
Саха төрүт аһын түһүлгэтигэр Жанна Бурмистрова сырытта.
nvk-online.ru 📲 💬Mакс | 💬Telegram | 💙ВК | 📺VK Видео | 📺Rutube
👏Чурапчы улууһун «Айылгы» норуот айымньытын дьиэтигэр «Хомуһун» диэн улуус драмтеатрдарын көрүү бэстибээлэ ыытылынна.
Манна улуус нэһилиэктэриттэн барыта 14 кэллэктиип кыттыыны ылла.
nvk-online.ru 📲 💬Mакс | 💬Telegram | 💙ВК | 📺VK Видео | 📺Rutube
Аҕа дойду Улуу сэриитин сылларыттан саҕалаан үөрэҕирии, култуура уонна олохтоох хаһаайыстыба сайдыытыгар 44 сыл устата сүҥкэн кылааты киллэрбит, нэһилиэк дьокутаатынан, дьахталлар уонна бэтэрээннэр сэбиэттэрин салайааччытынан үлэлээбит улахан дьиэ кэргэн Далбар Хотуна, «Ийэ албана», «Ийэҕэ үрдүк махтал» бэлиэ туһааннааҕа, Таатта ытык кырдьаҕаһа Анна Николаевна Соловьева Ил Дархан «Үйэ саас» бэлиэтин тутта.
nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
Show more Show less