🚌Мэҥэ Хаҥалас оскуолаларыгар саҥа оптуобустар Сэтинньи 5 күнүгэр РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин быһаччы көҕүлээһининэн, Бырабыыталыстыба өйөбүлүнэн оскуола автопаркатын саҥардыы федеральнай барылын чэрчитинэн Ил Дархан Айсен Николаев Саха сирин 23 улууһун үөрэх кыһаларыгар барыта 46 саҥа оскуола оптуобуһун туттарда. Бу туһунан улуус дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр. Мэҥэ Хаҥалас улууһуттан А.С. Шахурдин аатынан Төҥүлү уонна М.Е. Попов аатынан Аллараа Бэстээх орто оскуолалара саҥа оптуобустар күлүүстэрин туттулар. Бу оптуобустар оҕолор араас тэрээһиннэргэ куттала суох айанныылларыгар анал тахографтардаахтар, ГЛОНАСС навигациятынан, ЭРА-ГЛОНАСС тэриллэринэн хааччыллыбыттар уонна түргэнэ 60 км/ч үрдүк буолбат гына оҥоһуллубуттар. «Дойдубут бэрэсидьиэнигэр Владимир Путиҥҥа, өрөспүүбүлүкэбит Ил Дарханыгар Айсен Николаевка, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Үөрэҕин министиэристибэтигэр махталбытын тиэрдэбит!», – диэн иһитиннэриигэ этиллэр. nvk-online.ru 📲 💬Mакс | 💬Telegram | 💙ВК | 📺VK Видео | 📺Rutube