🚌Саха сирин үөрэх кыһаларыгар 46 саҥа оптуобус! Сэтинньи 5 күнүгэр Ил Дархан Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэ колледжтарыгар уонна оскуолаларыгар 46 саҥа оптуобус күлүүстэрин үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттарда. Саҥа тырааныспар көмөтүнэн үөрэнээччилэр, устудьуоннар, учууталлар, уһуйааччылар өрөспүүбүлүкэ устун сырыылара тэтимириэҕэ, улуустар икки ардыларыгар, улуус иһигэр даҕаны сылдьыахтара. Манна даҕатан эттэххэ, оскуолаларга оптуобустары 2016 сылтан биэрэллэр. Саха сиригэр бу сыллар тухары 593 тырааныспар кэллэ. Бу Россия бэрэсидьиэнэ Владимир Путинтан уонна федеральнай Бырабыыталыстыбаттан улахан көмө диэн бэлиэтииллэр. nvk-online.ru 📲 💬Mакс | 💬Telegram | 💙ВК | 📺VK Видео | 📺Rutube