НВК «Саха»

@nvk_sakha · tech · Kazakh · active

Саха сирин сүрүн ханаала! ВК: vk.com/sakha_nvk https://knd.gov.ru/license?id=6737461b772bb113f5282393&registryType=bloggersPermission

Subscribers 23.9K Subscribers, last 30 days: 23.9K → 23.9K +0 24h
Reach per post (ERR) 3.0%711 avg views
Posting 21.4/day last 1 hour ago
Reactions per 1K views 1.7 ❤ 👍 👏
  1. ad repost

    🎬 «Омоон суоллар. Искупление» — билеты уже в продаже! 19 ноября на большие экраны выходит полнометражное продолжение самого рейтингового сериала Якутии от НВК «Саха». Оперативник Ньургун Васильев (Ньургун Черов) снова берется за дело — расследование убийства в лесной глуши поставит его перед выбором между буквой закона и человеческим состраданием. Режиссер — Радомир Томский. В ролях также Петр Садовников, Дьулуур Баланов, Екатерина Семенова, Айталыына Яковлева. Фильм — финалист «ТЭФИ-Регион» 2026. 🎟 Билеты уже доступны в кассах кинотеатров и онлайн. Реклама ГБУ РС(Я) «НВК «САХА»» erid 2VtzqxJQfCA

  2. 🤩Ытык Күөлгэ Сомоҕолоһуу күнүгэр үҥкүүгэ күрэхстэстилэр Таатта Ытык Күөлүгэр «Сарыал» култуура киинигэр норуоттар сомоҕолоһууларын күнүнэн үҥкүү күрэһэ ыытылынна. Улуустааҕы үҥкүү куонкурсугар 16 бөлөх уонна 125 киһи кыттыыны ылла. Кылаан кыайыылааҕынан Зинаида Николаева салайааччылаах, Галина Можарова хореографтаах «Алдаана» бөлөх буолла. nvk-online.ru 📲 💬Mакс | 💬Telegram | 💙ВК | 📺VK Видео | 📺Rutube

  3. Түмэл, барамай, урамньы, үтүө көмөһүт, тулаһа, сэлэ... Бу тыллар суолталарын билэҕит дуо? Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай уонна дьиҥ таһымнаах тылларын харыстыыр уонна сайыннарар судаарыстыбаннай бырагыраама чэрчитинэн уһуллубут видеоны көрүҥ nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  4. «Дьокуускай-Москва» рейс пассажирдара «Улахан этнографическай дьыктааны» 10 тыһыынча миэтэрэ үрдүктэн суруйдулар Норуот сомоҕолоһуутун күнүгэр «Якутия» авиахампаанньа «Дьокуускай-Москва» хайысханан көтөр рейсигэр XI «Улахан этнографическай дьыктаан» норуоттар икки ардыларынааҕы аахсыйата буолан ааста. Пассажирдар дьыктааны 10 тыһыынча миэтэрэ үрдүктэн суруйдулар. Саха сиригэр барыта дьыктааны ыытарга 300-тэн тахса былаһаакка бэлэмнэммитэ. Аахсыйа түмүгэ 2026 сыл ахсынньы 12 күнүгэр, РФ Конституциятын күнүгэр, тахсыаҕа. Хаартыска: «Якутия» хампаанньа пресс-сулууспата nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  5. repost

    В новом здании школы № 1 города Якутска начался учебный процесс 🔹 5 ноября в новом здании средней школы № 1 города Якутска начались учебные занятия. Педагоги приступили к работе в современных классах и кабинетах, а дети с радостью знакомились с новым пространством. 🔹 Ученики рады просторным кабинетам и удобной планировке. Директор школы Вероника Яковлева отметила, что школа создает благоприятные возможности для обучения и развития. 🔹 Проект реализован в рамках Мастер-плана Якутска за счет Единой президентской субсидии. Здание в стиле современного сталинского ампира гармонично вписалось в историческую застройку центра города. 🔹 Сейчас в одну смену учатся начальные и 10-11 классы. До 2030 года в столице республики построят еще 12 школ и 14 детских садов. 📲Окружная администрация города Якутска в MAX

  6. 15 дойду бэрэстэбиитэллэрэ IX Саха сирин норуоттар икки ардыларынааҕы киинэ бэстибээлигэр кытталлар Дьокуускайга IX Саха сирин норуоттар икки ардыларынааҕы киинэ бэстибээлэ ыытыллар, манна аан дойду 15 дойдутуттан уонна Россия араас регионнарыттан 200-тэн тахса кыттааччы түмсүбүт. Ыалдьыттар ортолоругар — режиссёрдар, актёрдар, продюсердар, киинэ кириитиктэрэ уонна киинэ индустриятын атын бэрэстэбиитэллэрэ. Сиһилии бу сигэнэн киирэн ааҕыҥ Хаартыска: Андрей Сорокин/СИА nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  7. edited

    Дьокуускайга «Норуот уонна аармыйа биир сомоҕо» фашизмы утары IV өрөспүүбүлүкэтээҕи форум пленарнай мунньаҕа буолла. Тэрээһини Ил Дархан Айсен Николаев арыйда. Сиһилии сюжекка көрүҥ. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  8. Россия Дьоруойа Александр Находкин Амма улууһун юнармеецтарыгар Эр санаа уруогун ыытта Амма улууһугар «Юнармия» байыаннай-патриотическай хамсааһын кыттыылаахтара РФ Дьоруойа Александр Находкины кытта көрүстүлэр. Эр санаа уруогун анал байыаннай дьайыы бэтэрээнэ, «Аҕа дойдуну көмүскээччилэр» судаарыстыбаннай пуонда Саха сиринээҕи филиалын арыалыгар сылдьар Мичил Винокуров тэрийдэ. Эр санаа уруогун кэмигэр Александр Находкин оҕолорго сулууспатын, бойобуой суолун уонна анал байыаннай дьайыыга кыттыытын туһунан кэпсээтэ. «Юнармия» кыттыылаахтара РФ Дьоруойугар интэриэһиргиир ыйытыыларын биэрэн, патриотизм, байыаннай иэс, доҕордоһуу уонна тус эппиэтинэс тиэмэлэрин ырытыстылар. Хаартыска: sakha.gov.ru nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  9. Таатта улууһун Томтор сэлиэнньэтигэр саҥа быраас амбулаториятын икки ыйдааҕы үлэтин түмүктэрин таһаардылар Былыргы, үйэтин ааспыт дьиэ оннугар тутуллубут аныгы мэдиссиинискэй тэрилтэ бэйэтин наадалааҕын уонна көдьүүстээҕин дакаастаата. Кылгас кэм иһигэр манна тыһыынчаттан тахса ыарыһах, ол иһигэр 183 оҕо көрдөрүммүт. Бэйэтин санаатын нэһилиэк ытык кырдьаҕаһа, 94 саастаах, педагогическай үлэ бэтэрээнэ Семён Семёнович Малгин үллэһиннэ, кини бэйэтэ саҥа амбулаторияҕа эмтэммит: «Саҥа балыыһаттан үөрүүм муҥура суох. Мин бу дьиэҕэ эмтэнэ охсубутум уонна табыгастаах, сылаас эйгэни, ырааһы бэлиэтиибин. Барыта нэһилиэнньэ уонна үлэһиттэр туһаларыгар оҥоһуллубута көстөр. Биһиги мэдиссиинибит үлэһиттэрин идэлэрин таһымын, ыарыһахтарга эйэҕэс уонна кыһамньылаах сыһыаннарын бэлиэтиибин. Нэһилиэк бары олохтоохторун аатыттан биһиги бырабыыталыстыбабытыгар, Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтигэр уонна биһиги мэдиссииниспит үлэһиттэригэр улахан махталбын тиэрдэбин».  Амбулаторияны арыйыы Саха сиригэр доруобуйа харыстабылын модернизациялааһыҥҥа систиэмэлээх үлэ сорҕотунан буолар. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  10. Ырыа: «Тапталы эрэйэр сүрэхтэр» 🎙️Эрчим Айгылаан тыллара уонна дьүрүлэ nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  11. repost
    +6

    СОШ №1 начала учебный процесс в новом здании. Дети и учителя очень довольны. Месяцами о школе №1 говорили взрослые. Сегодня слово наконец взяли дети. Школа открыла двери для учеников, и встреча с ребятами стала для меня лучшим итогом этих месяцев. Пообщался с детьми разных возрастов. Никакие отчёты не дают такого ощущения победы, как детские лица: любопытные, радостные, чуть взволнованные, как бывает в первые дни на новом месте. Искренне рад за каждого из них. Ради этой минуты стоило работать, спорить и ждать. Безопасность детей была и остаётся главным приоритетом. Одной из проблем было отсутствие ограждения у центрального входа: ребёнок мог выбежать прямо на проезжую часть. Администрация школы решила этот вопрос, и теперь ученики входят в школу со двора. Пообщался и с родителями, лично ответил на все их вопросы. Видно, как они переживают за детей и как важно для них было услышать прямой и честный ответ. Благодарю за доверие и конструктивный настрой. Уверен, что если в первые недели работы появятся новые вопросы, администрация школы устранит их оперативно и так же внимательно отработает с родителями. Коллектив школы отзывчив, и это чувствуется с первых минут общения. Этот результат стал возможным благодаря общим усилиям. Спасибо Правительству, Общественной палате, городской администрации, Управлению образования, специалистам Роспотребнадзора и журналистам, которые доносили точную информацию и конструктивно подошли к решению проблем. Когда люди слышат друг друга, решения находятся. Открытие школы это начало, а не финал. Первые недели покажут, чего не хватает, и я как депутат готов быть рядом. Если у школы, учителей или родителей возникнут вопросы или потребуется содействие, помогу. Ни одна проблема, касающаяся детей, не должна оставаться без внимания, должны находится компромиссные решения ради наших детей. #ЕдинаяРоссия #НародныйФронт ✅Доктор Луцкан в МАХ https://max.ru/channel_doctorlutskan

  12. Дьокуускайга «Звёзднай» дьоҕус түөлбэ инфраструктурата сайдар Саха сиригэр сири-уоту сайыннарыы холобурдарыттан биирдэстэринэн киин куоракка «Звёзднай» дьоҕус түөлбэ буолар. Манна саҥа элбэх кыбартыыралаах дьиэлэр тутуллаллар, инженернэй уонна социальнай инфраструктура сайдар, дьиэ кэргэттэр үчүгэйдик олороллоругар усулуобуйалар тэриллэллэр диэн СӨ Тутууга министиэристибэтин пресс-сулууспата иһитиннэрэр. Карбаиновтар дьиэ кэргэҥҥэ «Звёзднай» түөлбэҕэ көһүү улахан суолталаах түгэнинэн буолла. Кинилэр бу иннинэ 15 сыл устата эргэ мас дьиэҕэ олорбуттара. Көһөн кэлбиттэрин кэнниттэн олохторо хайдах уларыйбытын туһунан Анна Карбаинова кэпсээтэ. «Эргэ мас дьиэҕэ 15 сыл олорбуппут. Сэсиэттии олорор ыалларбытын кытта эйэлээхтик олорбуппут, ол эрээри усулуобуйабыт уустук этэ. Ону ыарахаттары аахсыбакка, үчүгэй өйдөбүллэрбит элбэхтэр. Тохсунньу 14 күнүгэр «Звёзднай» түөлбэҕэ саҥа кыбартыыраҕа көспүппүт. Былаана тута биһирэппитэ, барыта ып-ыраас, өрөмүөннэммит, сантехниката туруоруллубут. Көһүү үөрүүлээхтик уонна эйэлээхтик ааспыта, саҥа дьиэбититтэн олус үөрбүппүт», — диэн Анна үллэһиннэ. Санатар буоллахха, Саха сиригэр 2026 сыл балаҕан ыйын 1 күнүнээҕи туругунан, 2019 сылтан 1 018,7 тыһыынча квадратнай миэтэрэ хаарбах туруктаах дьиэттэн 55,2 тыһыынча киһи көһөрүллүбүт. Бу үлэ РФ Бэрэсидьиэнэ көҕүлээбит «Инфраструктура для жизни» национальнай бырайыак чэрчитинэн ыытыллар. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  13. +6

    ✊🏻Сунтаарга Норуоттар сомоҕолоһууларын күнүн үрдүк таһымнаахтык бэлиэтээтилэр Сунтаар улууһугар Норуоттар сомоҕолоһууларын өрөгөйдөөх күнэ саха норуотун сиэрдээх үҥкүүтүнэн - сири-дойдуну, күнү уруйдуур үрдүк аналлаах оһуохайынан саҕаланна. Кэлбит ыалдьыттар, олохтоохтор бары илии-илииттэн сиэттиһэн, биир сомоҕо буолан оһуохай дуораанын таһаардылар. Бу туһунан Сунтаар улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр. Ол кэнниттэн саалаҕа мустубут толору дьон оскуола оҕолорун талба таланнарын көрдүлэр. Кинилэр араас омук таҥаһын-сабын кэтэн, эйэни, доҕордоһууну уруйдуур ырыаларынан, үҥкүүлэринэн көрөөччүлэр сүргэлэрин көтөхтүлэр, кэрэхсэбиллэрин ыллылар. Бу күн үөрүүлээх чааһыгар улуус баһылыга Анатолий Григорьев мустубут дьоҥҥо эҕэрдэ тыл эттэ уонна Бойобуой албан аат күнүнэн сиэттэрэн, дойду көмүскэлигэр сылдьар хорсун биир дойдулаахтарбытын чиэстээтэ. Анал байыаннай дьайыы кыттыылааҕар Сергей Яныкка үрдүк наҕараада - «Эр санааланыы» уордьана туттарылынна. Хас биирдии көрөөччү хорсун байыаһы сүһүөхтэригэр туран, уруйдуу-айхаллыы чиэстээтилэр. Маны тэҥэ, Кыайыы туһугар сырдык тыыннарын толук уурбут дьоруой байыастарбыт Николай Григорьев, Николай Иванов, Сергей Маганныров, Федор Попов, Василий Лаптев сырдык ааттарыгар бэриллибит судаарыстыбаннай наҕараадаларын кинилэр чугас дьонноругар, төрөппүттэригэр уонна кэргэттэригэр улахан ытыктабылы кытта туттардылар. Ону тэҥэ Эдуард Филиппов ЛНР 2-с истиэпэннээх уордьанынан наҕараадаланна. Сэрии толоонугар сырдык тыыннара быстыбыт Дьоруой уолаттар аҕалара үрдүк сыанаҕа тахсан уолаттарын чиэстээбит түгэннэрэ хас биирдии киһи уйулҕатын хамсатта, киэн туттуу уонна кутурҕан иэйиитин үөскэттэ. «Историята суох норуот суох» диэн дириҥ ис хоһоонноох тылларынан сиэттэрэн, Сунтаар улууһун сайдыытыгар, эдэр көлүөнэни иитиигэ өҥөлөрүн иһин улуус бочуоттаах олохтоохторун ааттара ааттанна. Сунтаар улууһун Бочуоттаах олохтооҕо бэлиэнэн спорт уонна үөрэх эйгэтин үтүөлээх бэтэрээнэ Игорь Максимов наҕараадаланна. Ону тэҥэ өр сыллаах үлэтин, үтүөтүн бэлиэтээн Николай Васильевка «Бочуоттаах бэтэрээн» үрдүк аат иҥэрилиннэ. nvk-online.ru 📲 💬Mакс | 💬Telegram | 💙ВК | 📺VK Видео | 📺Rutube

  14. 🍲👍🏻Бүлүү улууһун Чочу нэһилиэгин олохтооҕо Оксана Никитина балыгы буһаран-хатаран СВО кыттыылаахтарыгар көмөтүн ыыппыта хаһыс да сыла. Аны быйылгыттан волонтер өссө миин икки көрүҥүн оҥорор буолла. nvk-online.ru 📲 💬Mакс | 💬Telegram | 💙ВК | 📺VK Видео | 📺Rutube

  15. Саха сиригэр сэтинньи 5-6 күннэригэр «Норуот уонна аармыйа биир сомоҕо» диэн IV Өрөспүүбүлүкэтээҕи антифашистскай форум тэрээһиннэрэ ыытыллыахтара Сэтинньи 5-6 күннэригэр Дьокуускайга уонна Горнай улууһугар форум пленарнай мунньаҕа, төгүрүк остуоллар, семинардар, устудьуоннары кытта көрсүһүүлэр уонна айар туруоруулар ыытыллыахтара. Тэрээһиҥҥэ байыаннай сулууспалаахтар, бойобуой дьайыылар бэтэрээннэрэ, анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтара, былаас уорганнарын, уопсастыбаннай тэрилтэлэр бэрэстэбиитэллэрэ уонна ыччат кыттыыны ылыахтара. Сэтинньи 5 күнүгэр А.Е. Кулаковскай аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр 10:00 чааска анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын өйүүр волонтерскай тэрилтэлэр быыстапкалара аһылынна. 11:00 чааска манна форум үөрүүлээх пленарнай мунньаҕа саҕаланыаҕа. Форум бырагырааматын сиһилии бу сигэнэн киирэн көрүҥ Хаартыска: sakha.gov.ru nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  16. 🏫Быйыл ахсынньы саҕаланыытыгар Исидор Никифорович Барахов аатын сүгэр Үөһээ Бүлүүтээҕи бастакы нүөмэрдээх оскуола 150 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтиир. Оҕолор сынньалаҥнарын кэмнэригэр оскуолаҕа ис-тас өрөмүөн үлэтэ тэтимнээхтик барда. nvk-online.ru 📲 💬Mакс | 💬Telegram | 💙ВК | 📺VK Видео | 📺Rutube

  17. 🎬IX Саха сиринээҕи норуоттар икки ардыларынааҕы киинэ бэстибээлэ хайдах ааспытын видеоҕа көрүҥ, сэргээҥ nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  18. repost

    ЧОХООН ХОҺООНО ▶️ Бүгүн "ХОҺООН" рубрикаҕа Дьокуускай куорат 51 N-дээх "Кэскил" уһуйааныттан Алита Спиридонова хоһоонун көрүҥ🤩 ✅ Хоһоон ааҕыан баҕалаах уһуйаан оҕолорун төрөппүттэрэ, иитээччилэр биһиги электроннай аадырыспытыгар суруйан билсиэххитин, хоһооннору уһулан ыытыаххытын сөп ✉️chokhoon@mail.ru күүтэбит. 💛 Чохоон хоһоонуттан саҕалаан кырачааннар сахалыы саҥараллар, чочуллан чобуотук чоргуйаллар 🥰 🟡 ЧОХООН МАХ | Rutube | ВК | VK видео суруттар

  19. 👋😃👍❄️❄️ Хаардаах, тыаллаах, ыраас, сибиэһэй салгыннаах Саҥа сарсыардабыт саҕаламмытынан! Сатаннын барыта санаабыт хоту, Туоллун барыта баҕа санаабыт, Чэгиэн буолуохха, чэбдик сылдьыахха үөрүү-көтүү аргыстаах. Дьуон Элэһин nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  20. repost

    📚 Иккис чиэппэр саҕаламмытынан! 👏👏👏 Бары үөрэнээччилэргэ сынньалаҥ кэнниттэн ситиһиилээх үөрэҕи, бигэ туругу, бэйэҕэ эрэли, элбэх дьоллоох түгэни баҕарабыт! ✊ Учууталларга, уһуйааччыларга соругу ситиһэр кыаҕы, үрдүккэ кынаттыыр саҥа саҕахтары, үлэттэн дуоһуйууну, саргылаах сарсыҥҥыны, бары үтүөнү, чэгиэн туругу! 🫶 🟡 ЧОХООН МАХ | Rutube | ВК | VK видео суруттар

  21. Older posts