Айсен Николаев муниципальнай тэриллиилэри ититии сезонугар бэлэмҥэ итэҕэстэри туоратары сорудахтаата Ил Дархан Айсен Николаев күһүҥҥү-кыһыҥҥы ититии кэмигэр анаммыт мунньахха муниципальнай тэриллиилэр баһылыктарыгар Ростехнадзор бэлиэтээһиннэрин туоратарга уонна бэлэмнээх буолуу пааспардарын ыларга сорудахтаата. Кини бу үлэни күннэтэ кэтээн көрөргө, бэрэбиэркэлииргэ дьаһайда. Хаартыска: Андрей Сорокин/СИА nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube