НВК «Саха»

@nvk_sakha · tech · Kazakh · active

Subscribers 23.9K Subscribers, last 30 days: 23.9K → 23.9K +0 24h
Reach per post (ERR) 3.0%711 avg views
Posting 21.4/day last 1 hour ago
Reactions per 1K views 1.7 ❤ 👍 👏
edited

Өлүөнэ өрүһүнэн таһаҕаһы тиэйии муус турбутуттан тохтуур «Ленское объединенное речное пароходство» ПАУо партнердарыгар уонна таһаҕас ылааччыларга Өлүөнэ өрүһүнэн «Жатай – Төхтүр – Жатай» хайысханан ледокол арыалдьыттаах таһаҕаһы тиэйиини быстах кэмҥэ уларыталларын туһунан иһитиннэрэр. Бу өрүскэ муус турбута уонна суудуналар сырыыларыгар куттал суох буоларын хааччыйар туһуттан ылыллар наадалаах миэрэ. Бүгүн, сэтинньи 6 күнүгэр, «Төхтүр – Жатай» хайысханан рейс оҥоһуллуоҕа. Сэтинньи 7-8 күннэригэр таһаҕаһы уонна тиэхиньикэни тиэйиини букатын тохтотоллор. Барыллаан сэтинньи 9 күнүттэн саҕалаан бу хайысханан үлэ сөргүтүллүөҕэ. Суудуналар сырыылара муус букатын турдаҕына уонна суудуналар куттала суох ааһалларыгар анаан ханаал бэлэмнээһинин үлэтэ бүттэҕинэ эрэ кыаллыаҕа. Ледокол арыаллааһына сэтинньи 1 күнүттэн саҕаламмыта. Онно «Капитан Бородкин» ледокол, «ОТ-2050» буксир уонна «Жатай-1» бааржа кытталлар. Хаартыска: СӨ Тырааныспарга министиэристибэтэ nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

Views over time

02505007506 Nov 08:0010 Nov 22:067356 Nov 08:00: 0 views10 Nov 22:06: 735 views
Snapshots we took after posting.
WhenViews
6 Nov 2026, 08:000
10 Nov 2026, 22:06735

Who shared this post

Posts in other channels we index that link to this one. (Forwards with a hidden source can't be traced.)

Nobody yet.