🤩👍🏻Иркутскайтан үөрүүлээх сонун! Ангарскай куоракка ыытыллыбыт Бүтүн Россиятааҕы нуучча дуобатын күрэҕэр «Олимпик» спортивнай оскуола иитиллээччилэрэ Вася Жирков уонна Айнара Нестерева спортивнай разрядтары толорбуттар. Бу туһунан Нам улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр. Нам улууһун эдэр дуобатчыттара алтынньы 27 күнүттэн сэтинньи 3 күнүгэр диэри Иркутскай уобалас Ангарскай куоратыгар ыытыллыбыт Бүтүн Россиятааҕы нуучча дуобатын күрэҕэр ситиһиилээхтик кытыннылар. Ол курдук, Надежда Протопопова тренердээх Хамаҕаттатааҕы «Олимпик»спортивнай оскуола иитиллээччилэрэ Вася Жирков 2-с, оттон Айнара Нестерева 3-с спортивнай разрядтары толордулар. Эрдэ бу күрэххэ Арчын Нестеров молниеноснай бырагыраамаҕа - 2-с, классическай оонньууга 3-с миэстэлэри ылан чаҕылхай көрдөрүүлэммитэ. «Надежда Георгиевнаны өр сыллаах дьаныардаах үлэҥ үтүө түмүктэммитинэн, оҕолору үрдүк ситиһиилэринэн эҕэрдэлиибит! Саҥаттан саҥа кыайыылар кэлэн истиннэр!», - диэн иһитиннэриигэ этиллэр. @sakhasporttv