✅Марат Хуснуллин Саха сирин үрдүктүк сыаналаата РФ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Марат Хуснуллин судаарыстыбаннай бырагыраамалары уонна федеральнай бырайыактары олоххо киллэриигэ Саха сирэ бастыҥ көрдөрүүлээх регионнар ортолоругар киирэрин бэлиэтээтэ. Бу туһунан кини мунньахха регионнарга оттук сезона хайдах ааһан иһэрин, «Инфраструктура для жизни» национальнай бырайыак олоххо киириитин уонна дьиэлэри тутуу боппуруостарын билсэн баран иһитиннэрдэ. Саха сирин кытта лиидэрдэринэн Чечня, Калужскай, Саратовскай уонна Пензенскай уобаластар, Мордовия уонна Татарстан ааттаннылар. Мунньах биир сүрүн тиэмэтинэн дойду үгүс өттүгэр саҕаламмыт оттук сезона буолла. Билигин 87 региоҥҥа 3 тыһыычна кэриҥэ муниципальнай тэриллиигэ итиини биэрэллэр. 81 регион муниципалитетыгар барытыгар итиини холбообуттар. Регионнарга үлэни барытын хонтуруолга тутары ыйдылар. «Инфраструктура для жизни» национальнай бырайыакка ураты болҕомтону уурдулар. Сыл бүтүөр диэри икки ыйтан кыра хаалбытынан, эбийиэктэри үлэҕэ киллэрии тэтимин, болдьохтору тутуһуу улахан суолталааҕын бэлиэтээтилэр. Дьиэ тутуутун дьүүллэһии кэмигэр, дойдуга элбэх кыбартыыралаах дьиэлэри үлэҕэ киллэрии былырыыҥҥы кэми кытта тэҥнээтэххэ, быйылгы көрдөрүү инники күөҥҥэ сылдьарын бэлиэтээтилэр. Хаартыска: sakha.gov.ru nvk-online.ru 📲 💬Mакс | 💬Telegram | 💙ВК | 📺VK Видео | 📺Rutube