👩🏻⚕️Бэрдьигэстээххэ медицинэ колледжын күнэ ыытылынна Балаҕан ыйын 29 күнүгэр Горнай улууһун истоииятыгар сырдык суолу хаалларар бэлиэ күн тосхойдо. Ол курдук, Дьокуускайдааҕы мэдиссиинэ колледж уонна Сэмэн Петрович Данилов аатынан Бэрдьигэстээх орто оскуолатыга икки ардыгар биир ситимнээх үлэни ыытарга сөбүлэҥ баттастылар. Дьокуускайдааҕы медицинэ коллеһын күнэ С.П. Данилов аатынан Бэрдьигэстээх орто оскуолатыгар үрдүк таһымнаахтык ыытылынна. Тэрээһиҥҥэ Горнай улууһун 7-стэн 11-с кылааска диэри үөрэнээччилэрэ, мэдиссиинэ коллеһын иитиллээччилэрэ, төрөппүттэр уонна педагогтар муһуннулар. Күн бастакы аҥарыгар үөрүүлээх арыллыы бэлиэтэннэ, ону кытары сөбүлэҥ баттанна. Күн иккис аҥарыгар үөрэнээччилэргэ анаан араас хайысхалаах маастар-кылаастар үлэлээтилэр. Эдэр ыччат куораттан кэлбит исписэлиистэр көмөлөрүнэн быраас үлэтин кытары практикалаан билсэр кыахтаннылар, ону тэҥэ араас темаларга лекциялар, трениннэр, өйү сайыннарар оонньуулар ыытылыннылар. Ону таһынан, төрөппүттэргэ анаан колледжка хайдах киирии туһунан сүбэ-ама кэпсэтии ыытылынна. Бу курдук таһымнаах тэрээһин тыа сирин оҕолоругар кэскиллээх идэни талалларыгар уонна сотору кэминэн бэйэлэрин улуустарыгар туһалаах каадыр буолан тахсалларыгар улахан тирэх буолара саарбахтаммат. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
НВК «Саха»
Саха сирин сүрүн ханаала! ВК: vk.com/sakha_nvk https://knd.gov.ru/license?id=6737461b772bb113f5282393®istryType=bloggersPermission
-
edited -



+5
-
🏫Саха сирэ ДНР-га оскуола хапытаалынай өрөмүөнүн түмүктээтэ Саха Өрөспүүбүлүкэтэ Докучаевскай куоракка Еленовскай 2 №-дээх орто оскуолатыгар хапытаалынай өрөмүөн үлэтин түмүктээтэ. Эбийиэк 2026 сыл сэтинньитигэр арыллара былааннанар диэн ЯСИА иһитиннэрэр. Еленовскай 2 №-дээх орто оскуолата байыаннай дьайыылар түмүгэр хаста даҕаны эмсэҕэлээбитэ. Манна 192 оҕо үөрэнэр. Хапытаалынай өрөмүөн чэрчитинэн үөрэх эбийиэгин территориятын тупсардылар. Футбол хонуута, баскетбол, волейбол былаһааккалара, тренажердар, алын сүһүөх оҕолоругар оонньуур былаһаакка оскуола аттыгар баар буолла. Хапытаалынай өрөмүөн хаамыытын Ил Түмэн депутата, «Единая Россия» баартыйа чилиэнэ Иван Луцкан бэрэбиэркэлээтэ. Хаартыска: Саина Титова/ЯСИА nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
-
Айсен Николаев Белоруссияҕа кэккэ көрсүһүүлэргэ кытынна Саха сирин Ил Дархана Минскэйгэ оробуочай көрсүһүүлэргэ сырытта. Белоруссия үп миниистирэ Александр Судниктыын алмаас, алмааһы кырыылааһын, ювелирнай бырамыысыланнас эйгэтигэр бииргэ үлэлэһэр туһунан кэпсэттилэр. Ону тэҥэ ити хайысхаларга Саха сирин уонна Белоруссия тэрилтэлэрэ инникитин үлэлэрин дьүүллэстилэр. Айсен Николаев Белоруссия олимпийскай кэмитиэтин бэрэсидьиэнэ Виктором Лукашенконы кытта көрүстэ. Икки инникитин бииргэ күрэхтэһиилэри, сбордары тэрийэр, спортивнай федерациялары сайыннарар, тренердэр икки ардыларыгар үлэни ыытар туһунан сөбүлэстилэр. Маны тэҥэ Саха сирин Ил Дархана «Беларусьфильм» киинэ устуудьуйатыгар сылдьан киинэ уһуллуутун, павильоннар, техническэй инфраструктура үлэлэрин билистэ. Бүгүн «Сахафильм» уонна «Беларусьфильм» бииргэ киинэ уһулар туһунан сөбүлэҥҥэ илии баттастылар. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
-
Алтынньы 1 күнүгэр ханнык бэлиэ түгэннэр буолбуттарай? nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
-
Саха сирэ уонна Белоруссия киинэ уһулуохтара Ил Дархан Айсен Николаев Беларусь Өрөспүүбүлүкэтигэр үлэ сырыытын чэрчитинэн «Беларусьфильм» национальнай киинэ устуудьуйатыгар сырытта, манна киинэни оҥоруу толору циклин тэрийиини, павильоннар үлэлэрин уонна тэрилтэ техническэй инфраструктуратын кытта билистэ. Көрсүһүү түмүгүнэн «Сахафильм» генеральнай дириэктэрэ Алексей Егоров уонна «Беларусьфильм» генеральнай дириэктэрэ Дмитрий Семенов бииргэ үлэлэһии туһунан сөбүлэҥҥэ илии баттаатылар, онтон сүрүн пуунунан уус-уран киинэни устуу буолла. «Сценарий бырайыага номнуо баар, режиссердар икки өттүттэн быһаарылыннылар. Киинэ чопчу аатын билигин ааттыыр кыахпыт суох, ол эрээри киинэ уопсай сыаннастары, норуоттар доҕордоһууларын уонна үтүө устуоруйаны таарыйарын этиэхпитин сөп. Биһиги былааммыт барыта хайаан да олоххо киириэ, Россия уонна Беларусь көрөөччүлэрэ бу киинэни экраҥҥа көрүөхтэрэ диэн эрэнэбит», – диэн «Сахафильм» генеральнай дириэктэрэ Алексей Егоров эттэ. Сиһилии бу сигэнэн киирэн ааҕыҥ nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
-
edited
Ил Дархан Белоруссияҕа үлэлиир Саха сирин Ил Дархана Айсен Николаев Белоруссияҕа оробуочай сырыынан тиийдэ. Үлэ бырагыраамата Минскэйдээҕи массыына собуотуттан саҕаланна. Белоруссия оҥорон таһаарар тиэхиньикэлэрэ бырамыысылыннаска, тырааныспар уонна коммунальнай эйгэлэргэ үрдүк хачыстыбалааҕын көрдөрбүтэ биллэр. Собуокка Айсен Николаев тэрилтэ үлэтин кытта билистэ. Собуот үлэһиттэрэ Дьокуускайга Саха сирин тымныы, тыйыс кыһыныгар учуоттаан Белоруссия оҥорон таһаарбыт оптуобуһа ыытылларын эттилэр. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
-
edited Ырыа: Эн миэхэ бэлэхтээ 🎤Варя Максима nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
-
repost
КАРАОКЕ | ЭҔЭРДЭ 👴🏼👵🏻Аҕам саастаахтар күннэринэн эбэлэргэ, эһэлэргэ, ытык кырдьаҕастарга истиҥ эҕэрдэбитин ылбаҕай ырыанан тиэрдэбит! 🥰 Ону тэҥэ бүгүн Музыка Аан дойдутааҕы күнэ! 🎉 Дьүрүскэн абылаҥар куустаран өрүү үөрэ-көтө, үҥкүү-битии аргыстаах ыллыы-туойа сылдьыҥ! 🎼 🎶"Караоке" рубрикабытыгар К.Пахомова мел., П.Тобуруокап тыл... "Эбээҕэ эҕэрдэ" ырыа таҕыста😍🥳🎉 🎙️Нюргустана Игнатьева ыллыыр. Мария Александрова тус архыыбыттан. 🎤Тапталлаах күндү дьоҥҥутугар анаан ырыа ыллааҥ, истиҥ тыллары анаан үөрдүҥ, сүргэлэрин көтөҕүҥ! 🫶 🟡 ЧОХООН МАХ | Rutube | ВК | VK видео суруттар
-
Программа ТВ НВК "Саха" на 1 октября (чт.) 06:00-Саҥа күн 6+ 09:00-Утро Якутии 6+ 10:00-Новости 12+ 10:15-Күбэйэ 6+ 11:15-Асчыттар 12+ 12:00-Новости 12+ 12:17-Эйгэ 12+ 13:30-Сонуннар 12+ 14:00-Үлэ киһини киэргэтэр 12+ 15:00-Дойдубут туһугар 12+ 15:45-Репортаж 12+ 16:00-Дом, где согреваются сердца 12+ 17:00-Тайм-аут 12+ 18:00-Новости 12+ 18:15-"Кыргыттар" телесериал 12+ 19:00-Новости 12+ 19:15-Талбан 12+ 20:30-Сонуннар 12+ 21:00-Күһүҥҥү хараҥаҕа 12+ 21:45-Модун 12+ 22:15-Дойдум дьоно 12+ 22:30-Итоги дня 12+ 23:00-Эйгэ 12+ 00:15-Талбан 12+ 01:30-Күбэйэ 6+ 02:30-Тайм-аут 12+ 03:30-Асчыттар 12+ 04:15-Модун 12+ 04:45-Документальный фильм 12+ Уважаемые телезрители, напоминаем, что в программе возможны изменения nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
-
repost 📍 Николаевский форум: Мы начинаем! Торжественное открытие IV Николаевского форума «Единство народов — стратегия развития Дальнего Востока и Арктики» состоялось в стенах Николаев-центра, в селе Чапаево Хангаласского района. В работе площадки принимают участие более ста делегатов, включая гостей из Республики Карелия, Магаданской и Камчатской областей и города Москвы. Приветствие участникам направил Председатель Государственного Собрания (Ил Тумэн) Республики Саха (Якутия) Алексей Еремеев. Он отметил, что форум впервые стал межрегиональным, а значит, площадка растёт и получает признание: «Николаевский форум — не просто мероприятие, а история. Он вырос из инициативы молодых управленцев и общественников, объединённых Молодёжным парламентом Якутии». С приветственным словом к участникам обратился Председатель Правительства Якутии Кирилл Бычков. Он подчеркнул, что форум — это живая площадка, где рождаются идеи и формируются связи, которые невозможно заменить цифровыми технологиями. «То, что сегодня форум впервые вышел на межрегиональный уровень, объединив делегации со всей России, — лучшее подтверждение того, что дело Михаила Ефимовича живёт и развивается», — сказал он. Председатель Молодёжного парламента Айтал Керемясов, открывая форум, напомнил, что площадка носит имя человека, определившего развитие республики на десятилетия вперёд: «Идеи Михаила Ефимовича о подготовке кадров, укреплении межнационального согласия и устойчивом развитии территорий лежат в основе концепции нашего форума». Впереди у участников три дня работы. В программе — стратегические сессии с федеральными и региональными экспертами, образовательные модули, работа по шести тематическим направлениям, площадка межкультурного взаимодействия и итоговая защита проектов. Отдельный трек — «Росмолодёжь.Гранты»: каждый участник может представить свой проект и получить поддержку до 500 тысяч рублей. Форум продлится до 2 октября. Организаторами форума являются Государственное Собрание (Ил Тумэн) Республики Саха (Якутия), Молодежный парламент при Государственном Собрании (Ил Тумэн) Республики Саха (Якутия), правительство Республики Саха (Якутия). Форум проходит при партнерской поддержке «Нордголд», «Иркутской нефтяной компании» «Саханефть» и «Целевого фонда будущих поколений Республики Саха (Якутия)». Грантовым партнёром Форума является «Росмолодежь.Гранты» #Росмолодежь #Росмолодежь.Гранты Подписывайтесь на нас в МАКС / ТЕЛЕГРАМ / ВКОНТАКТЕ @molparlament_sakha
-
edited 🇷🇺Балаҕан ыйын 30 күнэ - Россияҕа саҥа регионнар холбоспут күннэрэ Балаҕан ыйын 30 күнүгэр Россияҕа Донецкай уонна Луганскай норуодунай өрөспүүбүлүкэлэр, Запорожскай уонна Херсонскай уобаластар Россия састаабыгар киирбит күннэрэ бэлиэтэнэр. Бу бэлиэ күҥҥэ Саха сирин бары муннуктарыгар тэрээһиннэр ыытыллаллар. 2022 сыллаахха саҥа регионнарга олохтоохтор референдум ыытыллыбытын кэнниттэн РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин уонна Донецкай уонна Луганскай норуодунай өрөспүүбүлүкэлэр, Запорожскай уонна Херсонскай уобаластар баһылыктара бу регионнар Россия састаабыгар киирэллэрин туһунан сөбүлэҥ түһэрсибиттэрэ. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
-
Нам улууһун бэтэрээнин сэбиэтэ аҕам саастаах дьоӈӈо тэрээһиннэри ыытар nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
-
repost 

⚡️2027 сыллааҕы Дыгын оонньууларын бастакы сүүмэрдээһинэ сэтинньи 28-29 күннэригэр ыытыллыаҕа Төрүт дэгит күрэс федерацията 2027 сыллааҕы Дыгын оонньууларын бастакы сүүмэрдээһинин болдьоҕун быһаарда. Сэтинньи 28-29 күннэригэр Дьокуускайга ыытыллыаҕа. Турнир түмүгүнэн үс бастыҥ кыттааччы эһиил финалга кыттар путевканы ылыаҕа. Сүүмэрдээһин систиэмэтэ оннунан хаалар: үс түһүмэхтэн хас биирдиитигэр үстүү путевка оонньонуоҕа. Оттон хаалбыт алта кыттааччыны сүүмэрдээһин түмүгүнэн уопсай оҥоһуллубут рейтинг нөҥүө быһаарыахтара. Артем Дьяконов быйылгы Дыгын оонньууларын кыайыылааҕа буоларын быһыытынан эһиил Үс Хатыҥҥа кыттар путевкалаах. @sakhasporttv
-
ТЮЗ урукку уопсай дьиэтин олохтоохторо «Звезднай» түөлбэҕэ кыбартыыра ылыахтара Балаҕан ыйын 27 күнүгэр буолбут быһа эпиир кэмигэр Ил Дархан Айсен Николаев Үүнэр көлүөнэ тыйаатырын урукку уопсай дьиэтин олохтоохторугар кыбартыыраны биэрии боппуруоһа сотору кэминэн быһаарыллыаҕын туһунан иһитиннэрбитэ. Санатар буоллахха, бу «Звезднай» түөлбэҕэ икки хостоох сэттэ кыбартыыра туһунан этиллэр. СӨ Тутуу миниистирэ Виктор Романов чуолкайдаабытынан, сири-уоту комплекснай сайыннарыы туһунан дьаһалга уонна олоххо киллэрии туһунан сөбүлэҥҥэ СӨ Бырабыыталыстыбата илии баттаабытын кэнниттэн «РИА» АУо кыбартыыралары дьоҥҥо биэриэҕэ уонна сөптөөх сөбүлэҥнэри түһэрсиэҕэ. ТЮЗ урукку уопсай дьиэтин олохтоохторун «Звезднай» түөлбэ кыбартыыраларыгар көһөрүүнү КРТ оператора хааччыйыаҕа. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
-
repost 


+2
🤩👏🏻Устье оскуолатын үөрэнээччилэрин кыайыыта: улууска саҥа былаһаакка үлэҕэ киирдэ Устье орто оскуолатын үөрэнээччилэрин көҕүлээһиннэринэн спортивнай-военизированнай балаһа (полоса препятствий) үлэҕэ киирдэ. Саҥа тутуллубут былаһаакка аныгы кэм ирдэбилигэр толору эппиэттиир, оҕо эт-хаан өттүнэн күүстээх, тулуурдаах буола улаатарыгар уонна байыаннай-патриотическай тыыннаах иитиллэригэр сүүнэ кыаҕы биэрэр. Манна инникитин байыаннай дьарыктар, араас күрэхтэһиилэр, профильнай лааҕырдар тэриллэллэригэр усулуобуйа толору баар буолла. Оҕолор бэйэлэрин күүстэринэн, санааларынан төрүттээбит бырайыактара ситиһии төрүөтүнэн буолар. Бу бырайыак оскуола үөрэнээччилэрин көҕүлээһинин өйүүр тосхолунан олоххо киирдэ. Сунтаар улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата @sakhasporttv
-
👁️🏥Дьокуускайдааҕы офтальмологическай балыыһа филиала Донецкайга арыллыаҕа Донецкайга быйыл Дьокуускайдааҕы өрөспүүбүлүкэтээҕи офтальмологическай балыыһа филиала арыллыаҕа. Бииргэ үлэлэһии сөбүлэҥэр ДНР доруобуйатын харыстабылын миниистирэ Константин Масников уонна балыыһа кылаабынай бырааһа Иван Луцкан илии баттаатылар. Саха сирин харах балыыһатын филиала 2027 сыл саҕаланыыта үлэлээн саҕалыаҕа. Кини Донецкай 24 №-дээх куораттааҕы киин клиническай балыыһатыгар арыллыаҕа. Дьокуускайдааҕы өрөспүүбүлүкэтээҕи офтальмологическай балыыһа быраастара катарактаны суох оҥорууга операцияны оҥоруохтара. Санатар буоллахха, 2023 сылга Ил Дархан Айсен Николаев сорудаҕынан ДНР Кировскайыгар харах балыыһата филиалын арыйбыта. Кини Россия үрдүнэн ДНР-га бастакы арыллыбыт филиал буолбута. Хаартыска: ЯСИА/Саина Титова nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
-
repost Сотору саҥа сериал!😍👏🏼 «Саха» НКИХ ханаалыгар алтынньы 12 күнүттэн *«Тапталы эрэйэр сүрэхтэр»* диэн саҥа сериал көстүөҕэ!🫶🏼 Сценарист-Сайаана Эверстова, режиссер-Ярослав Касьянов. Тапталы эрэйэр сүрэхтэр Эрэли сүтэрбэт эбиттэр... ♥️🤗 @sakha_serial_nvk @nvk_sakha
-
Норуодунай суруйааччы, Үлэ дьоруойа Дмитрий Кононович Сивцев-Суорун Омоллоон бар дьонугар бэлэх ууммут, аһаҕас халлаан анныгар тутан хаалларбыт үс түмэлиттэн ордук эдэрдэрэ — «Таатта» литературнай уус-уран түмэл — Ытык Күөл кэрэ-бэлиэ сиригэр, Хадаайы кырдалыгар турар. Быйыл түмэл төрүттэммитэ 25 сыла. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
-
repost 👏Мэҥэ Хаҥаласка бастыҥ иитээччини быһаардылар Россияҕа үөрэх ситимигэр Оскуола иннинээҕи үөрэхтээһин, Мэҥэ Хаҥалас улууһугар оскуола иннинээҕи үөрэхтээһин 100 сылларыгар анаммыт «Идэ ситимэ-2026» диэн иитээччилэр улуустааҕы идэтийбит куонкурустара Майатааҕы «Сардаана» оҕо уһуйааныгар быйыл төрдүс сылын ыытылынна. Оҕо-аймахха олох бастакы суолун кэнчээри ыччаты кэрэҕэ-сырдыкка угуйар, уһун күн устата уһуйаан дьиэтигэр ийэни-аҕаны солбуйар иитээччи буолар. Оскуола иннинээҕи үөрэхтээһин педагогтарыгар аналлаах «Идэ ситимэ» куонкуруска быйыл 5 хамаанда ол эбэтэр 10 иитээччи кэлэн бэйэлэрин кытары ыкса алтыһаннар, уопуттарын, сатабылларын тургуттулар. «Бэйэни билиһиннэрии», «Оҕо төрөөбүт тылынан сайдар», «Мин тылым — мин баайым», «Педагогическай мастарыскыай», «Үтүө оонньуулар» курдук түһүмэхтэргэ кыттааччылар бэрт сэргэх уонна сонун дьарыктары көрдөрдүлэр. Быйылгы куонкурус уратытынан билиҥҥи кэм иитээччи билиитин, сатабылын уонна идэтин таһымын үрдэтэригэр аныгы технологиялары туһанан оҕону иитиигэ, үөрэтиигэ электроннай матырыйааллары бэлэхтээтилэр, методическай сүбэлэри биэрдилэр. «Идэ ситимэ» куонкурус кыайыылаахтарынан Нөөрүктээйиттэн «Мичээр» оҕону сайыннарар киин иитээччилэрэ Галина Матросова уонна Лия Скрыбыкина буоллулар. @tookufest
- Older posts