👩🏻⚕️Бэрдьигэстээххэ медицинэ колледжын күнэ ыытылынна Балаҕан ыйын 29 күнүгэр Горнай улууһун истоииятыгар сырдык суолу хаалларар бэлиэ күн тосхойдо. Ол курдук, Дьокуускайдааҕы мэдиссиинэ колледж уонна Сэмэн Петрович Данилов аатынан Бэрдьигэстээх орто оскуолатыга икки ардыгар биир ситимнээх үлэни ыытарга сөбүлэҥ баттастылар. Дьокуускайдааҕы медицинэ коллеһын күнэ С.П. Данилов аатынан Бэрдьигэстээх орто оскуолатыгар үрдүк таһымнаахтык ыытылынна. Тэрээһиҥҥэ Горнай улууһун 7-стэн 11-с кылааска диэри үөрэнээччилэрэ, мэдиссиинэ коллеһын иитиллээччилэрэ, төрөппүттэр уонна педагогтар муһуннулар. Күн бастакы аҥарыгар үөрүүлээх арыллыы бэлиэтэннэ, ону кытары сөбүлэҥ баттанна. Күн иккис аҥарыгар үөрэнээччилэргэ анаан араас хайысхалаах маастар-кылаастар үлэлээтилэр. Эдэр ыччат куораттан кэлбит исписэлиистэр көмөлөрүнэн быраас үлэтин кытары практикалаан билсэр кыахтаннылар, ону тэҥэ араас темаларга лекциялар, трениннэр, өйү сайыннарар оонньуулар ыытылыннылар. Ону таһынан, төрөппүттэргэ анаан колледжка хайдах киирии туһунан сүбэ-ама кэпсэтии ыытылынна. Бу курдук таһымнаах тэрээһин тыа сирин оҕолоругар кэскиллээх идэни талалларыгар уонна сотору кэминэн бэйэлэрин улуустарыгар туһалаах каадыр буолан тахсалларыгар улахан тирэх буолара саарбахтаммат. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
НВК «Саха»
Subscribers
23.8K
−100 24h · −100 7d
Reach per post (ERR)
2.9%679 avg views
Posting
21.8/day
last 55 minutes ago
Reactions per 1K views
1.8
❤ 👍 👏
Views over time
| When | Views |
|---|---|
| 1 Oct 2026, 05:40 | 0 |
| 10 Nov 2026, 22:06 | 729 |
Who shared this post
Posts in other channels we index that link to this one. (Forwards with a hidden source can't be traced.)
Nobody yet.