⚡️2027 сыллааҕы Дыгын оонньууларын бастакы сүүмэрдээһинэ сэтинньи 28-29 күннэригэр ыытыллыаҕа Төрүт дэгит күрэс федерацията 2027 сыллааҕы Дыгын оонньууларын бастакы сүүмэрдээһинин болдьоҕун быһаарда. Сэтинньи 28-29 күннэригэр Дьокуускайга ыытыллыаҕа. Турнир түмүгүнэн үс бастыҥ кыттааччы эһиил финалга кыттар путевканы ылыаҕа. Сүүмэрдээһин систиэмэтэ оннунан хаалар: үс түһүмэхтэн хас биирдиитигэр үстүү путевка оонньонуоҕа. Оттон хаалбыт алта кыттааччыны сүүмэрдээһин түмүгүнэн уопсай оҥоһуллубут рейтинг нөҥүө быһаарыахтара. Артем Дьяконов быйылгы Дыгын оонньууларын кыайыылааҕа буоларын быһыытынан эһиил Үс Хатыҥҥа кыттар путевкалаах. @sakhasporttv