НВК «Саха»

@nvk_sakha · Kazakh · active

Саха сирин сүрүн ханаала! ВК: vk.com/sakha_nvk https://knd.gov.ru/license?id=6737461b772bb113f5282393&registryType=bloggersPermission

Subscribers 23.8K Subscribers, last 30 days: 23.9K → 23.8K −100 24h · −100 7d
Reach per post (ERR) 2.9%679 avg views
Posting 21.8/day last 58 minutes ago
Reactions per 1K views 1.8 ❤ 👍 👏
  1. Горнай улууһун Кировскай нэһилиэгэр бу күннэргэ олохтоох көҕүлээһини өйүүр тосхолунан саҥа сынньалаҥ паарка үлэҕэ киирдэ. Тыа сиригэр кэрэ бэлиэ сир хайдах тутуллубутун уонна олохтоохтор үөрүүлээх түгэннэрин сиһилии сюжекка көрүҥ. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  2. 🍚«Амтан» рубрикаҕа: туһалаах уонна тотоойу хааһы Көрүҥ, үтүктүҥ, минньигэстик аһааҥ!😋 nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  3. repost

    КЫТАЛЫКТАР 🍂Көмүс күһүн биир бэлиэ көстүүтүнэн көтөрдөр соҕуруу дойдуга көтүүлэрэ буолар. 🗾Түбэһэ көрдөхпүтүнэ, ыраатыахтарыгар диэри одуулуубут, аны саас этэҥҥэ эргиллэн кэлэллэрин баҕара хаалабыт... 🪽Бүгүн "Чээтиин" рубрикаҕа "Кыталыктар" үҥкүүнү көрүҥ😍 "Кэскил" уһуйаан оҕолоро көрдөрөллөр, салайааччы Таисия Бандерова. 📌Оҕолоргут үҥкүүлэрин, ырыаларын-хоһооннорун уһултарыан баҕалаахтар chokhoon@mail.ru суруйан билсиҥ. 🟡 ЧОХООН МАХ | Rutube | ВК | VK видео суруттар

  4. edited

    Бүгүн IV Николаевскай форум саҕаланар Балаҕан ыйын 30 күнүттэн алтынньы 2 күнүгэр диэри Хаҥалас улууһун Чапаево сэлиэнньэтигэр, «Николаев-Кииҥҥэ», Саха сирин бастакы бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев сырдык аатыгар анаммыт «Норуоттар сомоҕолоһуулара — Уһук Илин уонна Арктика сайдыытын стратегията» IV Николаевскай форум ыытыллар. Кыттыыга Россия араас регионнарыттан 450 кэриҥэ сайаапка киирбит. Быйыл аан бастаан форум өрөспүүбүлүкэ таһынааҕы таһымҥа таҕыста. Видео: СӨ Ыччат парламена nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  5. ⚡Булуҥ улууһугар сир хамсаата Балаҕан ыйын 30 күнүгэр Булуҥ оройуонугар олохтоох бириэмэнэн 8.20.40 чааска сир хамсааһына бэлиэтэннэ. Бу туһунан Федеральнай научнай-чинчийэр киин Дьокуускайдааҕы салаата иһитиннэрдэ. «Кини эпицентрэ 72.19° хотугу киэҥ уонна 124.58° илин долготаҕа баар эбит. Таймылыыр сэлиэнньэтиттэн арҕаа диэки 100 км тэйиччи сиргэ сир хамсааһына бэлиэтэммит», — диэн иһитиннэриигэ этиллэр. Сир хамсааһына МСК-64 шкаланан 5-6 кээмэйдээх, оттон магнитудата — 4. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  6. 🏛 СӨ Ыччат парламенын 20 сылын бэлиэтээтилэр Үбүлүөйдээх датаны төгүрүк остуол тула мунньахтаан бэлиэтээтилэр. Бу сыллар тухары эдэр политиктар араас сокуоннар олоххо киириилэригэр, ыччаты патриотическай иитиигэ үгүс үлэни ыыттылар. Билигин Ыччат парламена IV Николаевскай форуму тэрийии үгэнигэр сылдьар. Форумҥа Саха сирин ыччатын сэргэ, Россия атын муннуктарыттан эдэр политиктар кыттыны ылаллара күүтүллэр. Сиһилии сюжекка көрүҥ. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  7. 🌞Интэриэһинэй чахчылар, тэттик сонуннар күннэтэ «Саҥа күн» биэриигэ тахсаллар. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  8. 😃👋👍🍂🍁 Сибиэһэй салгыннаах сөрүүн күһүҥҥү сарсыардабыт саҕаламмытынан Саҥа саҕахтары арыйдын саҥа күн Саныыр санаабыт сатаннын барыта. Ситиһиилээх таһаарыылаах үөрүү үктэллээх үтүө күн буоллун Дьуон Элэһин nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  9. repost

    КӨМҮС КҮҺҮН Хартыына оҕо хараҕынан 🍁Балаҕан ыйын бүтэһик күнэ бэлиэр буола оҕуста, сир-дойду өссө да көмүс дуйу бүрүнэн, күһүнүн уһатан, киэркэйэн турар… ▶️"Хартыына" рубрикаҕа Мария Рахлеева көмүс күһүн биир күнүн "Золотой сентябрь" диэн ааттаан хартыынаҕа хатаабытын көрүҥ, сэргээҥ. 🖼️ Ойуу СӨ Национальнай художественнай түмэлиттэн ылылынна. 🎙️Сайаана Сергеева ааҕар. 🟡 ЧОХООН МАХ | Rutube | ВК | VK видео суруттар

  10. Программа ТВ НВК "Саха" на 30 сентября (ср.) 06:00-Саҥа күн 6+ 09:00-Утро Якутии 6+ 10:00-Новости 12+ 10:15-Күбэйэ 6+ 11:15-Асчыттар 12+ 12:00-Новости 12+ 12:17-Эйгэ 12+ 13:30-Сонуннар 12+ 14:00-Үлэ киһини киэргэтэр 12+ 15:00-Дойдум дьоно 12+ 15:15-Полярная звезда 6+ 15:45-Репортаж 12+ 16:00-Пути великих свершений 12+ 16:30-Хранители времени 12+ 17:00-Тэтим 12+ 18:00-Новости 12+ 18:15-"Кыргыттар" телесериал 12+ 19:00-Новости 12+ 19:15-Талбан 12+ 20:30-Сонуннар 12+ 21:00-Күһүҥҥү хараҥаҕа 12+ 21:45-Дойдубут туһугар 12+ 22:30-Итоги дня 12+ 23:00-Эйгэ 12+ 00:15-Талбан 12+ 01:30-Күбэйэ 6+ 02:30-Тэтим 12+ 03:30-Асчыттар 12+ 04:15-Полярная звезда 12+ 04:45-Документальный фильм 12+ Уважаемые телезрители, напоминаем, что в программе возможны изменения nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  11. 🚁🆘🙏🏻Муома улууһугар Ми-8 бөртөлүөтүнэн эр киһини эвакуациялаатылар Бүгүн, балаҕан ыйын 29 күнүгэр, Муома улууһугар көрдүүр-быыһыыр үлэ ситиһиилээхтик түмүктэннэ. «Полярные авиалинии» Ми-8 бөртөлүөтэ 1965 сыллаах төрүөх эр киһини Хонуу сэлиэнньэтигэр илдьибит. Көтөр аал Үөһээ Дьааҥы улууһун Баатаҕай бөһүөлэктэн көттө. Эмсэҕэлээбит киһини эвакуациялыырга СӨ Быыһыыр сулууспатын Үөһээ Дьааҥытааҕы көрдүүр-быыһыыр этэрээтин 4 быыһааччыта, ИДьМ үлэһитэ уонна суолдьут кытыннылар. СӨ Быыһыыр сулууспатын Үөһээ Дьааҥытааҕы КБЭ быыһааччыта, бөлөх старшайа Денис Старостин этэринэн, эр киһини Эрикит өрүс кытылыгар, Вал үрэх төрдүттэн булбуттар. Эмсэҕэлээбит туруга чуолкайданар. Эр киһи спутниковай төлөпүөнүнэн туһаммыт буолан көмөнү ыҥырбыт. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  12. repost

    🚨 ВАЖНОЕ УТОЧНЕНИЕ! 🚨 В предыдущей афише мы немного… переоценили внимательность нашего дизайнера 😂 Почта там была указана неправильно🫣айуу айа🫠 Дизайнера конечно же, уже уволили. Шутка. Или нет. 👀 Но зато теперь всё проверили трижды, перепроверили и даже отправили себе тестовое письмо. 😎 Так что ловите нормальную версию афиши 👇 🎤 Ищем ведущих!🥳 Да-да, именно тебя. Даже если ты пока только ведёшь разговоры с собой в душе 😭 Что нужно? — харизма (желательно своя 😎) — чувство юмора — умение не теряться перед камерой — готовность говорить так, чтобы хотелось слушать 📹 Что делать? Запиши небольшую видеовизитку: кто ты + чем занимаешься + почему именно ты должен/должна быть в «UONNA». Не нужно идеальное видео. Нам важнее ты, чем твой идеальный свет из окна. 😂 📩 Правильная почта: uonnanvk@gmail.com На этот раз — точно она. 🤝 «UONNA» — когда вечер становится интереснее. ✨

  13. 👩🏻‍🏫💐Бастыҥ уһуйааннары уонна иитээччилэри чиэстээтилэр Балаҕан ыйын 29 күнүгэр Иитээччи күнүн чэрчитиэн бастыҥ уһуйааннары уонна иитээччилэри чиэстиир үөрүүлээх тэрээһин ыытылынна. Өрөспүүбүлүкэтээҕи уонна федеральнай таһымнаах судаарыстыбаннай наҕараадалар туттарылыннылар, ону тэҥэ «Тыа сирин бастыҥ уһуйаана» куонкурус түмүгүн таһаардылар. РФ үөрэҕин бочуоттаах үлэһитэ үрдүкү аат икки педагокка иҥэрилиннэ: Амматааҕы «Солнышко» уһуйаан иитээччитэ Аграфена Артемьева уонна Дьокуускай 13 №-дээх «Светлячок» уһуйаана Марфа Михайлова. РФ Үөрэҕирии министиэристибэтин туйгун бэлиэтэ Хаҥаластааҕы 2 №-дээх «Ромашка» уһуйаан иитээччитэ Светлана Шеферга туттарылынна. Саха сирин үөрэҕин туйгуна Мэҥэ Хаҥалас улууһун Догдоҥо уһуйаанын иитээччитэ Аксинья Морозова буолла. 26 дээх «Кустук» уһуйаан педагог-психолога Сардаана Унарова «СӨ оскуола иннинээҕи үөрэҕэр кылаатын иһин» аат туттарылынна. Эбии 8 иитээччи Ил Түмэн уонна Донской-II аатынан Үөрэҕи сайыннарар уонна идэни үрдэтэр институт наҕараадаларын ылбыта. «Тыа сирин бастыҥ уһуйаана — 2026» бырааһынньык кыайыылаахтарын иһитиннэрдилэр, 24 улуустан 34 уһуйаан кыттыыны ылар. Күрэс муҥутуур кыайыылаахтарынан буоллулар: Нам улууһун Кыһыл Сыыртан 1 №-дээх «Мичийээнэ» уһуйаан; Уус Алдан улууһун Уус Күөл сэлиэнньэтиттэн 10 №-дээх «Чуораанчык» уһуйаан; Уус Маайа улууһун Петропавловскайыттан «Аленушка» уһуйаан; Эбээн Бытантай улууһун Саккырыырыттан «Хаарчаана» уһуйаан; Үөһээ Бүлүүттэн Оҕо сайдыытын киинэ – «Ыллыкчаан» уһуйаан; Ньурба улууһуттан Сүлэ сэлиэнньэтиттэн «Улыбка» уһуйаан; Эдьигээн улууһун Эдьигээн сэлиэнньэтиттэн Оҕо сайдыытын киинэ – «Звездочка» уһуйаан. Хаартыска: ЯСИА/Саргын Скрябин nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  14. repost

    Провел рабочую встречу с руководителем Федерального дорожного агентства Романом Витальевичем Новиковым. Рассмотрели ключевые вопросы развития дорожной инфраструктуры Якутии и дальнейшей федеральной поддержки наших проектов. По нацпроекту «Инфраструктура для жизни» в этом году в работе 75 километров региональных трасс, улицы Якутска, дороги Алдана, Ленска, Мирного и Нерюнгри. В Якутске продолжаем развивать интеллектуальную транспортную систему: новые детекторы, камеры и умные светофоры помогут сделать движение в городе безопаснее и удобнее. В 2027 году планируем привести в нормативное состояние еще почти 77 километров дорог. Благодарю Романа Витальевича за внимание к вопросам развития транспортной системы Якутии и поддержку республики. max.ru/aisen_nikolaev

  15. Томпо улууһугар тыы түҥнэстэн ууга былдьаммыт балыксыт өлүгүн буллулар Томпо улууһун Кириэс Халдьаайы сэлиэнньэтин Уолба диэн сиригэр баар күөлгэ 1965 сыллаах төрүөх эр киһи өлүгүн волонтердар буллулар. Быһылаан балаҕан ыйын 27 күнүгэр балыктааһын кэмигэр тахсыбыт. Икки эр киһи тыылара түҥнэстэн ууга түспүт. Балыксыттартан биирдэстэрэ бэйэтэ биэрэккэ харбаан тахсар кыахтаммыт, иккиһэ ууга тимирбит. Бүгүн, балаҕан ыйын 29 күнүгэр, күнүс 15:00 чаас саҕана волонтердар ууга былдьаммыт киһи өлүгүн булбуттар. Бүгүн сарсыарда быһылаан тахсыбыт сиригэр СӨ Быыһыыр сулууспатын түөрт быыһааччыта тиийбит. Кинилэр билигин бастайааннай дислокацияларыгар төннөн эрэллэр. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  16. 🌲Саха сиригэр ойуур баһаардарын утары ураты эрэһиим тохтоото От ыйын 10 күнүттэн олохтоммут өрөспүүбүлүкэ сиригэр-уотугар ойуур баһаардарын утары ураты эрэһиими уһуллулар. Тустаах быһаарыы ойуурга баһаар турар куттала суоһаабытынан ылылынна. Туһааннаах ыйаахха Саха сирин Ил Дархана Айсен Николаев илии баттаата. Олохтоох бэйэни салайыныы уорганнарыгар баһаар кутталынан улуустарга, нэһилиэктэргэ киирбит эбии ирдэбиллэри тохтотору уонна олохтоохторго, тэрилтэлэргэ, тэриллиилэргэ ол туһунан иһитиннэрэри сүбэлээтилэр. Тустаах ыйаах туолуутун СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы эбээһинэһин толорооччу Николай Бочков хонтуруоллуур. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  17. Сыл саҕаланыытыттан Саха сиригэр СВО кыттыылаахтарыттан уонна кинилэр дьиэ кэргэттэриттэн 350 тахса киһи үлэҕэ киирдэ Сыл саҕаланыаҕыттан өрөспүүбүлүкэҕэ анал байыаннай дьайыы 233 кыттыылааҕа уонна кинилэр дьиэ кэргэттэриттэн 119 киһи үлэнэн хааччылыннылар. Бу туһунан брифиҥҥэ СӨ Нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун судаарыстыбаннай кэмитиэтин бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Георгий Борисов иһитиннэрдэ. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  18. Older posts