НВК «Саха»

@nvk_sakha · Kazakh · active

Subscribers 23.8K Subscribers, last 30 days: 23.9K → 23.8K −100 24h · −100 7d
Reach per post (ERR) 2.9%679 avg views
Posting 21.8/day last 54 minutes ago
Reactions per 1K views 1.8 ❤ 👍 👏

ТЮЗ урукку уопсай дьиэтин олохтоохторо «Звезднай» түөлбэҕэ кыбартыыра ылыахтара Балаҕан ыйын 27 күнүгэр буолбут быһа эпиир кэмигэр Ил Дархан Айсен Николаев Үүнэр көлүөнэ тыйаатырын урукку уопсай дьиэтин олохтоохторугар кыбартыыраны биэрии боппуруоһа сотору кэминэн быһаарыллыаҕын туһунан иһитиннэрбитэ. Санатар буоллахха, бу «Звезднай» түөлбэҕэ икки хостоох сэттэ кыбартыыра туһунан этиллэр. СӨ Тутуу миниистирэ Виктор Романов чуолкайдаабытынан, сири-уоту комплекснай сайыннарыы туһунан дьаһалга уонна олоххо киллэрии туһунан сөбүлэҥҥэ СӨ Бырабыыталыстыбата илии баттаабытын кэнниттэн «РИА» АУо кыбартыыралары дьоҥҥо биэриэҕэ уонна сөптөөх сөбүлэҥнэри түһэрсиэҕэ. ТЮЗ урукку уопсай дьиэтин олохтоохторун «Звезднай» түөлбэ кыбартыыраларыгар көһөрүүнү КРТ оператора хааччыйыаҕа. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

Views over time

025050075030 Sep 08:1810 Nov 22:0673030 Sep 08:18: 0 views10 Nov 22:06: 730 views
Snapshots we took after posting.
WhenViews
30 Sep 2026, 08:180
10 Nov 2026, 22:06730

Who shared this post

Posts in other channels we index that link to this one. (Forwards with a hidden source can't be traced.)

Nobody yet.