Саха сирэ уонна Белоруссия киинэ уһулуохтара Ил Дархан Айсен Николаев Беларусь Өрөспүүбүлүкэтигэр үлэ сырыытын чэрчитинэн «Беларусьфильм» национальнай киинэ устуудьуйатыгар сырытта, манна киинэни оҥоруу толору циклин тэрийиини, павильоннар үлэлэрин уонна тэрилтэ техническэй инфраструктуратын кытта билистэ. Көрсүһүү түмүгүнэн «Сахафильм» генеральнай дириэктэрэ Алексей Егоров уонна «Беларусьфильм» генеральнай дириэктэрэ Дмитрий Семенов бииргэ үлэлэһии туһунан сөбүлэҥҥэ илии баттаатылар, онтон сүрүн пуунунан уус-уран киинэни устуу буолла. «Сценарий бырайыага номнуо баар, режиссердар икки өттүттэн быһаарылыннылар. Киинэ чопчу аатын билигин ааттыыр кыахпыт суох, ол эрээри киинэ уопсай сыаннастары, норуоттар доҕордоһууларын уонна үтүө устуоруйаны таарыйарын этиэхпитин сөп. Биһиги былааммыт барыта хайаан да олоххо киириэ, Россия уонна Беларусь көрөөччүлэрэ бу киинэни экраҥҥа көрүөхтэрэ диэн эрэнэбит», – диэн «Сахафильм» генеральнай дириэктэрэ Алексей Егоров эттэ. Сиһилии бу сигэнэн киирэн ааҕыҥ nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
НВК «Саха»
Subscribers
23.8K
−100 24h · −100 7d
Reach per post (ERR)
2.9%679 avg views
Posting
21.8/day
last 55 minutes ago
Reactions per 1K views
1.8
❤ 👍 👏
Views over time
| When | Views |
|---|---|
| 1 Oct 2026, 02:26 | 0 |
| 10 Nov 2026, 22:06 | 717 |
Who shared this post
Posts in other channels we index that link to this one. (Forwards with a hidden source can't be traced.)
Nobody yet.