НВК «Саха»

@nvk_sakha · Kazakh · active

Subscribers 23.8K Subscribers, last 30 days: 23.9K → 23.8K −100 24h · −100 7d
Reach per post (ERR) 2.9%679 avg views
Posting 21.8/day last 55 minutes ago
Reactions per 1K views 1.8 ❤ 👍 👏

🏫Саха сирэ ДНР-га оскуола хапытаалынай өрөмүөнүн түмүктээтэ Саха Өрөспүүбүлүкэтэ Докучаевскай куоракка Еленовскай 2 №-дээх орто оскуолатыгар хапытаалынай өрөмүөн үлэтин түмүктээтэ. Эбийиэк 2026 сыл сэтинньитигэр арыллара былааннанар диэн ЯСИА иһитиннэрэр. Еленовскай 2 №-дээх орто оскуолата байыаннай дьайыылар түмүгэр хаста даҕаны эмсэҕэлээбитэ. Манна 192 оҕо үөрэнэр. Хапытаалынай өрөмүөн чэрчитинэн үөрэх эбийиэгин территориятын тупсардылар. Футбол хонуута, баскетбол, волейбол былаһааккалара, тренажердар, алын сүһүөх оҕолоругар оонньуур былаһаакка оскуола аттыгар баар буолла. Хапытаалынай өрөмүөн хаамыытын Ил Түмэн депутата, «Единая Россия» баартыйа чилиэнэ Иван Луцкан бэрэбиэркэлээтэ. Хаартыска: Саина Титова/ЯСИА nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

Views over time

02004006008001 Oct 03:5310 Nov 22:067201 Oct 03:53: 0 views10 Nov 22:06: 720 views
Snapshots we took after posting.
WhenViews
1 Oct 2026, 03:530
10 Nov 2026, 22:06720

Who shared this post

Posts in other channels we index that link to this one. (Forwards with a hidden source can't be traced.)

Nobody yet.