👏Мэҥэ Хаҥаласка бастыҥ иитээччини быһаардылар Россияҕа үөрэх ситимигэр Оскуола иннинээҕи үөрэхтээһин, Мэҥэ Хаҥалас улууһугар оскуола иннинээҕи үөрэхтээһин 100 сылларыгар анаммыт «Идэ ситимэ-2026» диэн иитээччилэр улуустааҕы идэтийбит куонкурустара Майатааҕы «Сардаана» оҕо уһуйааныгар быйыл төрдүс сылын ыытылынна. Оҕо-аймахха олох бастакы суолун кэнчээри ыччаты кэрэҕэ-сырдыкка угуйар, уһун күн устата уһуйаан дьиэтигэр ийэни-аҕаны солбуйар иитээччи буолар. Оскуола иннинээҕи үөрэхтээһин педагогтарыгар аналлаах «Идэ ситимэ» куонкуруска быйыл 5 хамаанда ол эбэтэр 10 иитээччи кэлэн бэйэлэрин кытары ыкса алтыһаннар, уопуттарын, сатабылларын тургуттулар. «Бэйэни билиһиннэрии», «Оҕо төрөөбүт тылынан сайдар», «Мин тылым — мин баайым», «Педагогическай мастарыскыай», «Үтүө оонньуулар» курдук түһүмэхтэргэ кыттааччылар бэрт сэргэх уонна сонун дьарыктары көрдөрдүлэр. Быйылгы куонкурус уратытынан билиҥҥи кэм иитээччи билиитин, сатабылын уонна идэтин таһымын үрдэтэригэр аныгы технологиялары туһанан оҕону иитиигэ, үөрэтиигэ электроннай матырыйааллары бэлэхтээтилэр, методическай сүбэлэри биэрдилэр. «Идэ ситимэ» куонкурус кыайыылаахтарынан Нөөрүктээйиттэн «Мичээр» оҕону сайыннарар киин иитээччилэрэ Галина Матросова уонна Лия Скрыбыкина буоллулар. @tookufest
НВК «Саха»
Subscribers
23.8K
−100 24h · −100 7d
Reach per post (ERR)
2.9%679 avg views
Posting
21.8/day
last 55 minutes ago
Reactions per 1K views
1.8
❤ 👍 👏
Views over time
| When | Views |
|---|---|
| 30 Sep 2026, 03:58 | 0 |
| 10 Nov 2026, 22:06 | 732 |
Who shared this post
Posts in other channels we index that link to this one. (Forwards with a hidden source can't be traced.)
Nobody yet.