НВК «Саха»

@nvk_sakha · Kazakh · active

Саха сирин сүрүн ханаала! ВК: vk.com/sakha_nvk https://knd.gov.ru/license?id=6737461b772bb113f5282393&registryType=bloggersPermission

Subscribers 23.8K Subscribers, last 30 days: 23.9K → 23.8K −100 24h · −100 7d
Reach per post (ERR) 2.9%679 avg views
Posting 21.8/day last 29 minutes ago
Reactions per 1K views 1.8 ❤ 👍 👏
  1. 👨🏻‍💻Сунтаарга кыраайы үөрэтээччи Аркадий Яковлев сырдык аатыгар аналлаах электроннай архыып арылынна Сунтаар улууһугар историяны, култуураны уонна төрөөбүт дойдуну үөрэтиигэ сүҥкэн кылаатын киллэрбит, дириҥ билиилээх, уопуттаах архивариус, дьиҥнээх патриот Аркадий Яковлевка аналлаах «Напиши имя моё» диэн ураты интернет-сайт сүрэхтэннэ. Саҥа электроннай былаһааккаҕа улуус биллиилээх кыраайы үөрэтээччитин олорон ааспыт олоҕо, айымньылаах үлэтэ, хас да сыл устата сыралаһан мунньубут докумуоннара уонна кини бэйэтэ оҥорбут история-статистика матырыйааллара киирдилэр. Барыта 60-тан тахса сирэйдээх киэҥ былаһааккаҕа 1000-нан докумуон, 398 научнай уонна чинчийэр үлэ, ону тэҥэ 300-тэн тахса историческай хаартыска харалынна. Маны тэҥэ, дириҥ ис хоһоонноох электроннай архыып саамай сүрүн уонна сөҕүмэр улахан үлэтинэн Сунтаар улууһун интерактивнай атлаһа буолла. Наадалаах матырыйааллар бары биир сиргэ хомуллан, улуус историятын интэриэһиргиир дьоҥҥо уонна кэлэр көлүөнэҕэ улахан көмө буолуохтара. Бу сүҥкэн улахан бырайыагы Ангелина Антонова дириэктэрдээх Оҕо дьоҕурун сайыннарар киин сүрүннээн ыытта. Дьон болҕомтотун тардар, уустук тутуллаах сайты киин бэйэтин выпускнига, талааннаах ыччат Николай Пирожков үрдүк таһымнаахтык оҥорон таһаарда. Сайт сүрэхтэниитигэр Аркадий Яковлев бииргэ үлэлээбит доҕотторо, аймахтара уонна төрөппүт ийэтэ кыттыыны ыллылар. Сунтаар улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  2. edited

    🌿🌿🌿Сунтаардар күһүҥҥү дьаарбаҥкаҕа иккис миэстэни ыллылар Көмүс күһүн тиһэх күннэригэр Дьокуускай куоракка үгэс буолбут тыа хаһаайыстыбатын дьаарбаҥката үрдүк таһымнаахтык ыытылынна. Быйылгы үүнүү, үрүҥ ас, эт уонна балык дьаарбаҥкатыгар уйгулаах Сунтаар сириттэн 12 олохтоох оҥорон таһаарааччы, ону тэҥэ Бордоҥ уонна Куокуну агрооскуолалара көхтөөхтүк кытыннылар. Күрэх түмүгүнэн Сунтаар улууһа «Үрүҥ аһы оҥорон таһаарааччы» саамай сүрүн номинацияҕа бочуоттаах иккис миэстэни ылла. Маны тэҥэ, улуус атын да хаһаайыстыбалара хас да хайысханан үрдүк сыанабылы ыллылар уонна туспа номинацияларынан, наҕараадаларынан бэлиэтэннилэр. Бу кыайыы уонна ситиһии - Сунтаар улууһун тыа сирин үлэһиттэрин, агрооскуолаларын уонна урбаанньыттарын сомоҕолоһуулаах, соруктаах уонна биир сомоҕо үлэлэрин туоһутунан буолар. Кинилэр сайдалларыгар, олохтоох бородууксуйаны элбэтиигэ, хаһаайыстыба тирэхтээх буолуутугар улууска тустаах бырагыраамалар үлэлииллэр, саҥаттан саҥа бырайыактар олоххо киирэллэр. Күһүҥҥү дьаарбаҥка улуус бородууксуйата куорат таһымыгар үрдүктүк сыаналанарын уонна салгыы кэҥииригэр улахан кэскиллээҕин көрдөрдө. Сунтаар улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  3. 📺🌈САХА СУОЛА. САҤА СҮҺҮӨХ КӨҔҮЛЭЭЧЧИЛЭР ❓Дьокуускайбыт национальнай Өрөспүүбүлүкэ киин куората буолара тас көстүүтүгэр төһө биллэрий? ❓60-с сыллардаахха поэт Василий ГОЛЬДЕРОВ биир дьоһун болуоссаппытыгар туох турарын көрүөхпүт диэн хоһуйбутай? ❓"Улица Софронова" диэн ким аатын сүгэр уулуссаный? 🔥Москваҕа Норуоттар доҕордоһууларын университетын экономист идэлээх бүтэрбит, онно эбии саха тылыгар тылбаас магистрын идэтин ылбыт урбаанньыт, элбэх оҕолоох ийэ Алла НОГОВИЦЫНАНЫ кытта Дьокуускай уулуссаларынан хаамсыахха, дьон-сэргэ ортотугар үтүө саҕалааһыннары күөдьүтэр саҥа сүһүөх дьон айымньылаах толкуйдара олоххо хайдах киирэрин болҕойуохха, "САХА СУОЛА" саҥа айар дьылын саҕалыыр үлэтин көрүөххэ. 🔔🌞 Алтынньы 4 күнэ, өрөбүл 🔔⏰ Сарсыарда 10:30 ч. 🔔 Хатылааһына: алтынньы 7 күнэ, сэрэдэ, 16:00 ч. 🔔 Биэрии "Саха" НКИХ сэлэһэр ситимнэригэр киириэҕэ. 💜🤝Биллэриини бөлөхтөрүгэр тарҕаппыт дьоҥҥо барҕа махтал😍🫶🏼 nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  4. repost

    Сотору саҥа сериал!😍👏🏼 «Саха» НКИХ ханаалыгар алтынньы 12 күнүттэн *«Тапталы эрэйэр сүрэхтэр»* диэн саҥа сериал көстүөҕэ!🫶🏼 Сценарист-Сайаана Эверстова, режиссер-Ярослав Касьянов. Тапталы эрэйэр сүрэхтэр Эрэли сүтэрбэт эбиттэр... ♥️🤗 @sakha_serial_nvk @nvk_sakha

  5. 😊👍🏻Игидэй оскуолатыгар саҥа сүүрээни киллэрдилэр Таатта улууһугар Э.К. Пекарскай аатынан Игидэй орто оскуолата бүтүн Россиятааҕы «Знание» төрөппүт түмсүүтүн грантовай күрэҕэр кыайан 2026-2027 үөрэх дьылыгар үлэҕэ, үөрэххэ саҥа сүүрээни киллэрдэ. Үлэ сүрүн сыала - оҕолорго, төрөппүттэргэ уйулҕа өттүнэн көмө, тирэх буолуута. Бары өттүнэн хааччыллыылаах анал хос тэриллэн «Уйулҕа хоһо» диэн ааттанна. Үлэ былаанын чэрчитинэн, балаҕан ыйын 25 күнүгэр, төрөппүт уонна оҕо кыттыылаах дьиэ кэргэн үөрэҕэ буолла. Манна оҕо уонна төрөппүт бэйэ-бэйэни билиигэ, сыһыаҥҥа, дьиэ кэргэн сүрүн сыаннастарын билсиһиигэ үөрэх, оонньуу ыытылыннылар. Бу курдук, дойдубут оҕо сайдыытын өйүүр бырагыраамаларынан биирдэстэрэ - «Знание» төрөппүт түмсүүтүн грантовай күрэҕэ оскуолаҕа саҥа сүүрээни киллэрэригэр махтаналлар. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  6. Анатолий Семёнов оскуола оҕолоругар судаарыстыбаннас уруогун ыытта СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Анатолий Семёнов В.П. Ларионов аатынан Физико-техническэй лицей 5–6 кылааһын үөрэнээччилэригэр судаарыстыбаннас уруогун ыытта. Көрсүһүү өрөспүүбүлүкэ устуоруйатыгар, бастыҥ судаарыстыбаннай уонна уопсастыбаннай диэйэтэллэр киллэрбит кылааттарыгар, ону тэҥэ устуоруйа түбэлтэлэрэ Саха сирин бүгүҥҥү сайдыытын кытта сибээстэригэр ананна. Анатолий Семёнов үөрэнээччилэр төрөөбүт дойдуларын устуоруйатыгар интэриэстэрин уонна дьүүллэммит тиэмэлэргэ билиилээхтэрин бэлиэтээтэ. Сиһилии бу сигэнэн киирэн ааҕыҥ Хаартыска: sakha.gov.ru nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  7. Нүөрүҥгүрү оройуонун СВО бэтэрээнэ мастарыскыайын арыйда Нүөрүҥгүрү оройуонуттан сылдьар анал байыаннай дьайыы бэтэрээнэ Александр Кутулевскай корпуснай миэбэли оҥоруунан уонна дьиэ тэрилин өрөмүөннээһининэн дьарыктанар бэйэ дьыалатын саҕалаата. Сиһилии бу сигэнэн киирэн ааҕыҥ Хаартыска: sakha.gov.ru nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  8. «Продовольствие-2026» быыстапка-дьаарбаҥкаҕа агрооскуолалар куонкурустарын кыайыылаахтара ааттаннылар Өрөспүүбүлүкэтээҕи «Продовольствие-2026» быыстапка-дьаарбаҥкаҕа 7 улуустан уонна Дьокуускай куораттан 16 агрооскуола бэйэлэрин ситиһиилэрин, бородууксуйаларын көрдөрдүлэр, ону тэҥэ үлэлэрин туһунан сырдаттылар. СӨ Тыа хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл бэлиитикэтин министиэристибэтэ агрооскуолаларга «Лучший пришкольный участок», «Лучшая школьная ферма», «Лучшая школа по переработке сырья и производству» анал ааттарга, ону тэҥэ заочно кыттар кыахтаах «Лучшая Арктическая агрошкола» диэн куонкурустары тэрийдэ. Сиһилии бу сигэнэн киирэн ааҕыҥ Хаартыска: СӨ Тыа хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл бэлиитикэтин министиэристибэтин пресс-сулууспата nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  9. Саха сиригэр СВО 5 тыһ кэриҥэ кыттыылааҕа медицинскэй көмөнү ылла Өрөспүүбүлүкэ медицинскэй тэрилтэлэригэр анал байыаннай дьайыы 4 994 кыттыылааҕар көмө оҥоһуллубутуттан, балыыһаҕа сытан 1 338 киһи эмтэммит. Бу туһунан брифиҥҥэ СӨ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин Нэһилиэнньэҕэ медицинскэй көмөнү тэрийии департаменын салайааччыта Дьулустан Чичахов иһитиннэрдэ. Хаартыска: Семен Аммосов/«Саха» НКИХ nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  10. Владимир Путин Илиҥҥи экэнэмиичэскэй форум үчүгэйдик ааспыт диэн сыаналаата Дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин XI-с Илиҥҥи экэнэмиичэскэй форум түмүктэрин үтүө өттүнэн сыаналаата, кини тэриллиитин уонна туһатын бэлиэтээтэ. Бу туһунан РФ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы — РФ Бэрэсидьиэнин УИФУо-ка боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ Юрий Трутнев Магадан уобалаһыгар Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурук сэбиэтин мунньаҕар иһитиннэрдэ. «Мин форум туһунан ыйытыыны РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путиҥҥа сөмөлүөккэ олорон эрдэҕинэ биэрбитим. Владимир Владимирович Форум үчүгэйдик, тэрээһиннээхтик ааспытын уонна туһалааҕын эппитэ. Бу судаарыстыба баһылыгын сыанабыла дии саныыбын», — диэн Юрий Трутнев эттэ. Саха сирэ ВЭФ-2026 түмүгүнэн 180 миллиард солкуобайтан тахса суумалаах 27 сөбүлэҥи түһэристэ. Ил Дархан Айсен Николаев бэлиэтээбитинэн, бу сөбүлэҥнэр саҥа үлэ миэстэлэрин таһаарарга уонна нэһилиэнньэ олоҕун хаачыстыбатын тупсарарга туһуланаллар. Тырааныспар инфраструктуратын сайыннарыыга анаммыт сөбүлэҥнэргэ ураты болҕомто уурулунна. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  11. 👏🏻Саха сирин биллиилээх судаарыстыбаннай уонна бэлитиическэй диэйэтэлэ Степан Николаевич Платонов төрөөбүтэ 100 сылын туолар. Үөһээ Бүлүүтээҕи история уонна этнография түмэлигэр киниэхэ аналлаах быыстапка турда nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  12. 📚🙇🏻‍♂️Уус Алдан улууһугар быйылгы үөрэх дьылыгар оскуола боруогун 33112 оҕо атыллаата. Итинтэн 208 оҕо маҥнайгы кылааска киирдэ. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  13. repost

    Сахалыы сериалга 2-3 хостоох, миэбэллээх квартираны көрдүүбүт. Съемка үлэ кэмигэр 2-3 күн буолуоҕа. Төлөбүрү, ырааһы эрэннэрэбит. Б.т.+7 914 825-18-82

  14. Саха сирин элбэх кыбартыыралаах дьиэлэрин олохтоохторо MAКС-ка дьиэ-уот чаттарыгар холбонуохтарын сөп Саха сирин элбэх кыбартыыралаах дьиэлэрин олохтоохторо национальнай мессенджергэ — MAКС-ка — дьиэ-уот чаттарыгар холбонор кыахтаннылар. Холбонуу «Госуслуги Дом» сыһыарыы нөҥүө оҥоһуллар. Сиһилии бу сигэнэн киирэн ааҕыҥ nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  15. «Кыталык көтүүтэ» обсерватория Саха сиригэр 600 кыталык көтөн ааспытын бэлиэтээтэ Томпо улууһун «Куолума-Чаппанда» ресурснай резерватыгар күһүҥҥү миграция чэрчитинэн 600-чэкэ кыталык көтөн ааспыта бэлиэтэннэ. Кэтээн көрүүлэр Ил Дархан Айсен Николаев көҕүлээһининэн тэриллибит «Кыталык көтүүтэ» диэн билим-сырдатар комплекска, норуоттар икки ардыларынааҕы орнитологическай обсерваторияҕа баазаланан ыытыллаллар. Күһүҥҥү миграция салҕанар, чопчу сыыппаралар кини түмүктэммитин кэннэ биллиэхтэрэ. Сиһилии бу сигэнэн киирэн ааҕыҥ Хаартыска: оҥоһуу өй nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  16. Дьокуускайга хас да АЗС үлэтэ салҕанара күүтүллэр Киин куоракка бүгүҥҥү күн иккис аҥаарыгар «СибОйл» ситимин массыына уматыгын үс сапыраапкатын үлэтэ сөргүтүллэрэ күүтүллэр. Бу туһунан СӨ Гражданскай көмүскэлгэ миниистири солбуйааччы Никита Павлов брифиҥҥэ иһитиннэрдэ. Кини этэринэн, АЗС-тар быстах кэмҥэ тохтоон ылбыттара саҥа баартыйа кэлиэн иннинэ тэрилтэ уматыгын саппааһа бүппүтүн кытта сибээстээх. Уматык Аллараа Бэстээххэ номнуо кэлбит уонна билиҥҥи кэмҥэ Дьокуускайга тиэрдиллэ сылдьар. «Тохтобул төрүөтэ — тэрилтэ уматыгын саппааһа саҥа баартыйа кэлиэн иннинэ бүппүтэ. Билигин уматык Аллараа Бэстээххэ кэлбит уонна билигин Дьокуускай куоракка тиэрдиллэ сылдьар», — диэн Никита Павлов эттэ. Миниистир солбуйааччыта бэлиэтээбитинэн, таһаҕаһы тиэйиигэ уустуктар ньиэби переработкалыыр собуоттарга охсуулар содулларыттан тахсыбыттар. Таһаҕаһы тиэйиини РФ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Александр Новак салайыытынан федеральнай ыстаап сүрүннүүр. Тыырыллыбыт квоталар өрөспүүбүлүкэ арктическай оройуоннарыгар уматыгы толору тиэйэргэ кыах биэрбиттэр. Сорох нэһилиэнньэлээх пууннарга тиэрдии салҕанар. Дьокуускай сорох АЗС-тарыгар уматыгы биэриигэ хааччахтары билигин да тутуһаллар – биир тырааныспарга 20 лиитирэҕэ диэри. Хааччахтары сымнатыы таһаҕаһы тиэйии быһыытыттан уонна ньиэби переработкалыыр собуоттар үлэлэрэ чөлүгэр түһэриттэн тутулуктаах буолуоҕа. «Билигин уматыгы биэриигэ хааччахтар үлэлии тураллар – биир тырааныспарга 20 лиитирэҕэ диэри. Балаһыанньа өрөспүүбүлүкэҕэ да, дойду да үрдүнэн уустук. Ньиэби переработкалыыр собуоттар үлэлэрэ чөлүгэр түһэр түгэнигэр хааччахтары сымнатыахха сөп», — диэн Никита Павлов бэлиэтээтэ. «Саханефтегазсбыт» АЗС-тарыгар АИ-92, АИ-95 бензин уонна дизельнэй уматык харчынан уонна каартанан 20 лиитирэҕэ диэри лимииттээх атыыланаллар. Михаил Николаев проспегар, Жатайдааҕы уонна Маҕаннааҕы быһа охсуһууларга, Сэбиэскэй Аармыйа 50 сылын уулуссатыгар уонна Хатыҥ Үрэх шоссетыгар заправкаланыахха сөп. «Туймаада-Нефть» АЗС-гар АИ-95 мобильнай сыһыарыы нөҥүө бэриллэр, АИ-92 — харчынан уонна каартанан 20 лиитирэҕэ диэри лимииттээх. Уматык 50 лет Октября автострадаҕа, Дзержинскай уулуссаҕа уонна Бүлүүлүүр суолга баар. Ситим бары АЗС-тарыгар дизельнэй уматыгы хааччаҕа суох биэрэллэр. Дьокуускайга «СибОйл» ыстаансыйаларыгар АИ-92 уонна АИ-95 билигин уматык каарталарынан бэриллэллэр. Покровскайдыыр суолга баар «Сервис Ойл» АЗС-ка АИ-92 харчынан уонна каартанан 20 лиитирэҕэ диэри лимииттээх атыыланар. Уматык кэлиитин уонна массыынаны уматыгынан сапыраапкалыыр ыстаансыйаларга биэрии боппуруоһун өрөспүүбүлүкэ салалтата уонна аналлаах биэдэмистибэлэр хонтуруолга туталлар. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  17. Айсен Николаев: Биир кэлим преференциальнай эрэһиим ТОР уонна Арктика чэпчэтиилэрин холбуоҕа Биир кэлим преференциальнай эрэһиим бүтүн Уһук Илиҥҥэ олохтоох каадырдары үлэҕэ ылыы усулуобуйалаах үлэлиэҕэ. Резиденнэргэ страховой төлөбүрдэргэ нолуок чэпчэтиилэрэ олорор сиринэн регистрацияламмыт үлэһиттэргэ эрэ оннунан хаалыахтара. Бу ньыма олохтоох каадырдары үлэҕэ тардыыны көҕүлүүргэ туһуланар. Бу туһунан Быһа биэрии кэмигэр Ил Дархан Айсен Николаев иһитиннэрдэ. Саҥа эрэһиим 2036 сылга диэри сабаҕалааһыннаах 2030 сылга диэри Уһук Илин социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын Стратегиятын олоххо киллэрэр сүрүн инструменнартан биирдэстэрэ буолуоҕа. Тустаах сокуон барыла РФ Бырабыыталыстыбатын көрүүтүгэр сылдьар. Бу иннинэ РФ Бырабыыталыстыбатын вице-премьерэ — РФ Бэрэсидьиэнин УИФУо-ка боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ Юрий Трутнев Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурук Сэбиэтин мунньаҕар бырайыагы оҥорууну уонна олоххо киллэрии механизмнарын дьүүллэспитэ. Саха сирэ федеральнай тэрээһиннэр былааннарыгар бэйэтин саамай бөдөҥ инфраструктурнай уонна технологическай көҕүлээһиннэрин киллэрэр санаалаах. Россия Бэрэсидьиэнин сорудаҕынан оҥоһуллубут уонна балаҕан ыйыгар Бырабыыталыстыба Бэрэссэдээтэлэ Михаил Мишустинынан бигэргэтиллибит Стратегия олоххо киирии түһүмэҕэр таҕыста. Тэрээһиннэр былааннарын бырайыага 2027 сыл кулун тутар 1 күнүгэр диэри РФ Бырабыыталыстыбатыгар тиэрдиллиэхтээх. Айсен Николаев туспа тоһоҕолоон бэлиэтээбитинэн, ТОР уонна Арктика балаһатын бары үлэлии турар резиденнэрэ түһэрсиллибит сөбүлэһиилэр дьайар болдьохторун устата урукку сымнаҕас усулуобуйаларын сүтэриэхтэрэ суоҕа. Бу региоҥҥа номнуо үлэлии сылдьар хампаанньаларга үбүлээһин эйгэтин туруктаах уонна сабаҕаланар буоларын мэктиэлиир. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  18. Older posts