НВК «Саха»

@nvk_sakha · Kazakh · active

Subscribers 23.8K Subscribers, last 30 days: 23.9K → 23.8K −100 24h · −100 7d
Reach per post (ERR) 2.9%679 avg views
Posting 21.8/day last 36 minutes ago
Reactions per 1K views 1.8 ❤ 👍 👏

👨🏻‍💻Сунтаарга кыраайы үөрэтээччи Аркадий Яковлев сырдык аатыгар аналлаах электроннай архыып арылынна Сунтаар улууһугар историяны, култуураны уонна төрөөбүт дойдуну үөрэтиигэ сүҥкэн кылаатын киллэрбит, дириҥ билиилээх, уопуттаах архивариус, дьиҥнээх патриот Аркадий Яковлевка аналлаах «Напиши имя моё» диэн ураты интернет-сайт сүрэхтэннэ. Саҥа электроннай былаһааккаҕа улуус биллиилээх кыраайы үөрэтээччитин олорон ааспыт олоҕо, айымньылаах үлэтэ, хас да сыл устата сыралаһан мунньубут докумуоннара уонна кини бэйэтэ оҥорбут история-статистика матырыйааллара киирдилэр. Барыта 60-тан тахса сирэйдээх киэҥ былаһааккаҕа 1000-нан докумуон, 398 научнай уонна чинчийэр үлэ, ону тэҥэ 300-тэн тахса историческай хаартыска харалынна. Маны тэҥэ, дириҥ ис хоһоонноох электроннай архыып саамай сүрүн уонна сөҕүмэр улахан үлэтинэн Сунтаар улууһун интерактивнай атлаһа буолла. Наадалаах матырыйааллар бары биир сиргэ хомуллан, улуус историятын интэриэһиргиир дьоҥҥо уонна кэлэр көлүөнэҕэ улахан көмө буолуохтара. Бу сүҥкэн улахан бырайыагы Ангелина Антонова дириэктэрдээх Оҕо дьоҕурун сайыннарар киин сүрүннээн ыытта. Дьон болҕомтотун тардар, уустук тутуллаах сайты киин бэйэтин выпускнига, талааннаах ыччат Николай Пирожков үрдүк таһымнаахтык оҥорон таһаарда. Сайт сүрэхтэниитигэр Аркадий Яковлев бииргэ үлэлээбит доҕотторо, аймахтара уонна төрөппүт ийэтэ кыттыыны ыллылар. Сунтаар улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

Views over time

02505007501K28 Sep 13:2810 Nov 22:0685528 Sep 13:28: 0 views10 Nov 22:06: 855 views
Snapshots we took after posting.
WhenViews
28 Sep 2026, 13:280
10 Nov 2026, 22:06855

Who shared this post

Posts in other channels we index that link to this one. (Forwards with a hidden source can't be traced.)

Nobody yet.