Владимир Путин Илиҥҥи экэнэмиичэскэй форум үчүгэйдик ааспыт диэн сыаналаата Дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин XI-с Илиҥҥи экэнэмиичэскэй форум түмүктэрин үтүө өттүнэн сыаналаата, кини тэриллиитин уонна туһатын бэлиэтээтэ. Бу туһунан РФ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы — РФ Бэрэсидьиэнин УИФУо-ка боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ Юрий Трутнев Магадан уобалаһыгар Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурук сэбиэтин мунньаҕар иһитиннэрдэ. «Мин форум туһунан ыйытыыны РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путиҥҥа сөмөлүөккэ олорон эрдэҕинэ биэрбитим. Владимир Владимирович Форум үчүгэйдик, тэрээһиннээхтик ааспытын уонна туһалааҕын эппитэ. Бу судаарыстыба баһылыгын сыанабыла дии саныыбын», — диэн Юрий Трутнев эттэ. Саха сирэ ВЭФ-2026 түмүгүнэн 180 миллиард солкуобайтан тахса суумалаах 27 сөбүлэҥи түһэристэ. Ил Дархан Айсен Николаев бэлиэтээбитинэн, бу сөбүлэҥнэр саҥа үлэ миэстэлэрин таһаарарга уонна нэһилиэнньэ олоҕун хаачыстыбатын тупсарарга туһуланаллар. Тырааныспар инфраструктуратын сайыннарыыга анаммыт сөбүлэҥнэргэ ураты болҕомто уурулунна. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
НВК «Саха»
Subscribers
23.8K
−100 24h · −100 7d
Reach per post (ERR)
2.9%679 avg views
Posting
21.8/day
last 36 minutes ago
Reactions per 1K views
1.8
❤ 👍 👏
Views over time
| When | Views |
|---|---|
| 28 Sep 2026, 05:39 | 0 |
| 10 Nov 2026, 22:06 | 753 |
Who shared this post
Posts in other channels we index that link to this one. (Forwards with a hidden source can't be traced.)
Nobody yet.