НВК «Саха»

@nvk_sakha · Kazakh · active

Саха сирин сүрүн ханаала! ВК: vk.com/sakha_nvk https://knd.gov.ru/license?id=6737461b772bb113f5282393&registryType=bloggersPermission

Subscribers 23.8K Subscribers, last 30 days: 23.9K → 23.8K −100 24h · −100 7d
Reach per post (ERR) 2.9%679 avg views
Posting 21.8/day last 39 minutes ago
Reactions per 1K views 1.8 ❤ 👍 👏
  1. Дьокуускай мээрэ 25 №-дээх оптуобуһу төннөрөргө сорудахтаата Бу туһунан киин куорат баһылыга Дмитрий Садовников балаҕан ыйын 28 күнүнээҕи уопсай куораттааҕы мунньахха иһитиннэрдэ. Мээр бэлиэтииринэн, бу иннинэ 25 №-дээх оптуобуһу төннөрүөххэ диэн олохтоохтор көрдөспүттэр. Ону тэҥэ маннык этии Ил Дархан Айсен Николаев Быһа эпииригэр киирдэ. Бу боппуруоһу Дмитрий Садовников быһаарарга сорудахтаата. Ону таһынан, мээр куоракка оптуобус тохтобулларын туруктарыгар болҕомтотун ууран бэрээдэктииргэ модьуйда. Хаартыска: киин куорат дьаһалтатын пресс-сулууспата nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  2. 🌞Интэриэһинэй чахчылар, тэттик сонуннар күннэтэ «Саҥа күн» биэриигэ тахсаллар. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  3. repost

    ТААБЫРЫНЫ ТААЙ ☀️Саҥа үлэ, үөрэх нэдиэлэтэ ситиһиилээх буоллун! Сынньалаҥ кэнниттэн өй үлэтин дьарыктаа, таабырыны таай. 🟡 ЧОХООН МАХ | Rutube | ВК | VK видео суруттар

  4. Программа ТВ НВК "Саха" на 28 сентября (пн.) 06:00-Саҥа күн 6+ 09:00-Утро Якутии 6+ 10:00-Новости 12+ 10:15-Күбэйэ 6+ 11:15-Асчыттар 12+ 12:00-Новости 12+ 12:17-Эйгэ 12+ 13:30-Сонуннар 12+ 14:00-Үлэ киһини киэргэтэр 12+ 15:00-Аал луук мас 12+ 16:00-Геван 12+ 16:30-Хантан хааннаахпытый? 12+ 17:00-Тэтим 12+ 18:00-Новости 12+ 18:15-"Кыргыттар" телесериал 12+ 19:00-Новости 12+ 19:15-Талбан 12+ 20:30-Сонуннар 12+ 21:00-Күһүҥҥү хараҥаҕа 12+ 21:45-Якутия в деталях 12+ 22:30-Итоги дня 12+ 23:00-Эйгэ 12+ 00:15-Талбан 12+ 01:30-Күбэйэ 6+ 02:30-Тэтим 12+ 03:30-Асчыттар 12+ 04:15-Хантан хааннаахпытый 12+ 04:45-Документальный фильм 12+ Уважаемые телезрители, напоминаем, что в программе возможны изменения nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  5. edited

    ✅Ил Дархан Быһа биэриитэ түмүктэннэ: Айсен Николаев олохтоохтор ыйытыыларыгар эппиэттээтэ Балаҕан ыйын 27 күнүгэр, Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннаһын күнүгэр Ил Дархан Айсен Николаев олохтоохтлру кытта быһа сибээскэ таҕыста. Эпиир кээмэйэ - 3 чаас 21 мүнүүтэ. Уопсайа 1700 тахса ыйытыы киирдэ. Быһа биэрии кэмигэр киирбэтэх ыйытыылар былаас тустаах уорганнарыгар ыытыллыахтара, хоруйдара тутатына кэлиэҕэ. Ил Дархан биэрии устата 51 ыйытыыга эппиэттээтэ. Ыйытыылары колл-киин, МАКС мессенджергэ чат-бот, «Айта» көмөлөһөөччү (аан бастакытын) көмөтүнэн ыллылар. Саха дьоно ордук суол, тырааныспар, ОДьКХ, тупсарыы уонна социальнай көмө тиэмэлэригэр ыйытыылары биэрдэ. Эпиир хайдах ааспытын видеоҕа көр. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  6. 🛣️Саха сиригэр «Мухтуя» айан суолугар 100 кэриҥэ км-дээх кэрчиги өрөмүөннүөхтэрэ Ил Дархан Айсен Николаев Быһа биэрии кэмигэр «Мухтуя» айан суолун өрөмүөнэ кытаанах хонтуруолга сылдьарын бэлиэтээтэ. Күн бүгүн сорох хайысхаларга үлэ бара турар. «Лиэнскэй уонна Мииринэй икки арыдыгар 135 км тахса уһуннаах «Мухтуя» айан суола Россия үрдүнэн тыын суолталаах трасса буолар. Айан суолугар 100 кэриҥэ км-дээх кэрчиккэ өрөмүөн ыытыллара былааннанар», – диэн Айсен Николаев чуолкайдаата. Хаартыска: Андрей Сорокин/ЯСИА nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  7. edited

    💊Айсен Николаев: тыын суолталаах эмтэргэ 4 млрд кэриҥэ солк көрүлүннэ Ил Дархан Айсен Николаев Быһа биэрии кэмигэр быйыл тыын суолталаах эмтэринэн хааччыллыыга үбүлээһин биллэ улааппытын эттэ - 4 млрд кэриҥэ солк тыырылынна. «Сахафармация централизациятын түмүгэр 300 мөл солк тахса үбү кэмчилээтибит. Бу үп-харчы тыын суолталаах эмтэри атыылаһыыга ыытылынна», - диэн Айсен Николаев кэпсээтэ. Сахафармация линиятынан эмп сыаната оройуоннарга барыларыгар тэҥ диэн Ил Дархан чуолкайдаата. Билигин дойду үрдүнэн эми-тому аҕалыыга кэккэ уустуктар үөскүөхтэрин сөбүн Айсен Сергеевич сэрэттэ. Хаартыска: Андрей Сорокин/ЯСИА nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  8. ❗️Ил Дархан: биһиги учууталлары сарбыйбаппыт Саҥа реформа үөрэх эйгэтин көдьүүһүн үрдэтэр сыаллаах. Ону кытта учууталлар ахсааннарын кыччатыа суохтаахпыт. Биһиги административнай уонна салайар үлэһиттэри аҕыйатыахтаахпыт. Дьокуускайга сарбыйыы түмүктэннэ. Ууратыллыбыт дьон бары административнай уонна салайар үлэһиттэр этилэр. Бу бэлиитикэ куораттарга уонна улахан оройуон кииннэригэр салҕанан барыахтаах. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  9. 🧑‍🧑‍🧒‍🧒💰Ил Дархан Айсен Николаев «Дьиэ кэргэн» ийэ хапытаалын туһунан: Саха сиригэр төрдүс уонна онтон салгыы төрөөбүт оҕолорго бэриллэр «Дьиэ кэргэн» ийэ хапытаалын оннунан хаалларар туһунан быһаарыы ылылынна. Бу туһунан Ил Дархан Айсен Николаев Быһа биэрии кэмигэр санатта. «Ааспыт сылга мин анал туһаайыыбар ити туһунан этэн турардаахпын. Ол кэнниттэн мин этиибин бырабыыталыстыба, парламент өйөөбүттэрэ. Биһиги төрдүс уонна онтон салгыы төрөөбүт оҕолорго бэриллэр «Дьиэ кэргэн» ийэ хапытаалын оннунан хаалларыахтаахпыт. Билигин хапытаал 300 тыһ тахса солк тэҥнэһэр», — диэн Айсен Николаев эттэ. Кини этэринэн, ааспыт сыл түмүгүнэн тустаах төлөбүрү 1300-тэн тахса дьиэ кэргэн ылбыт. Хаартыска: Андрей Сорокин/ЯСИА nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  10. ✈️ Саха сиригэр олохтоох авиарейстэргэ чэпчэтии бырагырааматын үлэтэ салҕаныаҕа Өрөспүүбүлүкэҕэ олохтоох авиарейстэргэ чэпчэтии бырагырааматын үлэтэ кэлэр сылга салҕаныахтаах. Билигин 2027 сыл бүддьүөтэ оҥоһуллар. Онно үбүлээһин сөптөөх кээмэйин көрүөхтэрэ. Бу туһунан Ил Дархан Айсен Николаев Быһа биэриитигэр иһитиннэрдэ. «Кэлэр сылга субсидиялаах билиэттэргэ быйылгыга курдук үбүлээһини көрөргө быһаарыы ылылынна. Мин бырабыыталыстыбаҕа бүддьүөт иккис ааҕыытын кэмигэр авиацияны чопчу учуоттуур сорудаҕы биэрдим. Бырабыыталыстыба бу быһаарыыны толоруо диэн эрэллээхпин», — диэн Ил Дархан эттэ. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  11. ⚡️Ил Дархан Үөһээ Дьааҥы улууһугар ардах халааныттан эмсэҕэлээбит дьон төлөбүрдэрин туһунан: 900-тэн тахса киһи материальнай көмөнү ылыахтаах. Эбии 90-тан тахса дьиэ кэргэн баайын-дуолун сорҕотун сүтэрбитин иһин компенсация ылыаҕа. Биир дьиэ олорорго табыгаһа суох диэн быһаарыллыбыт, сыаната толору төлөнүөҕэ. Ил Дархан алтынньы 1 күнүгэр диэри төлөбүрдэри барытын биэрэргэ сорук туруорбут. Кэлэр нэдиэлэҕэ ардах халааныттан эмсэҕэлээбит дьон харчыларын ылан саҕалыахтара. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  12. ✅Айсен Николаев: СӨ бастакы бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев дьыалатын салҕыыбыт Ил Дархан Айсен Николаев Быһа биэриитин саҕаланыытыгар Саха сирин олохтоохторун Судаарыстыбаннас күнүнэн эҕэрдэлээн туран өрөспүүбүлүкэ аныгы историята бастакы бэрэсидьиэн Михаил Николаев нэһилиэстибэтин кытта быстыспат ситимнээҕин бэлиэтээбитэ. «Бу үөрүүлээх күн биһиги өрөспүүбүлүкэ араас кэмнэригэр салайбыт, сайыннарбыт дьоммутун саныыбыт. Биһиги бастакы бэрэсидьиэммит Михаил Николаевы олус истиҥник саныыбыт, ахтан-санаан ылабыт. Кини 90-с сыллар ыарахан кэмнэригэр өрөспүүбүлүкэҕэ чаҕылхай кэрдиис кэми олохтообута, сайдыы саҥа аныгылыы суолугар таһаарбыта», – диэн Айсен Николаев кэпсээтэ. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  13. edited

    ⛽️Ил Дархан Айсен Николаев уматык балаһыанньатын туһунан: - Хотугу таһаҕаһы тиэйии бырагырааматын чэрчитинэн өрөспүүбүлүкэҕэ квоталар көрүллүбүттэрэ. Ол иһин толору хааччыллыы ситиһиллибитэ. Арктикаҕа бэнсиин, дизельнэй уматык уонна авиация уматыктара толору ыытылыннылар. - Ол эрээри өрөспүүбүлүкэ киин өттүгэр кэккэ боппуруостар үөскээтилэр. Уматык сорох кээмэйэ кэлбэккэ турар. Онон өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбата биир массыынаҕа уматыгы атыылааһыны хааччахтыырга быһаарынна. - Дьокуускайга балаһыанньа «СибОйл» хампаанньаттан сылтаан уустугурда. Кинилэр улахан уматык саппааһын ылан баран хааччаҕы барытын уһулан кэбиспиттэрэ. Ол түмүгэр уматык барыта бүтэн хаалбыта. Хампаанньа Аллараа Бэстээххэ уматыктаах. Бүгүн кинилэр киин куорат диэки уматыктарын аҕалыахтара. Сарсын эбиэт кэннэ «СибОйл» үс заправката үлэлээн саҕалыаҕа. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  14. edited

    🇷🇺📨Ил Дархан Айсен Николаев Судаарыстыбаннай Дуума депутаттарын быыбарын туһунан: «Быыбар көрдөрүүлэрин үчүгэй диэн сыаналыыбын. Саха сиригэр сөптөөх, туһалаах дьон талылыннылар. "Единая Россия" депутаттара олус кыахтаахтар. Галина Данчикова — экономикаҕа уонна бүддьүөт систиэмэтигэр үлэлээбит улахан уопуттаах, оттон Петр Шамаев — саҥа көлүөнэ салайааччыта, ыччат миниистиринэн үлэлээбитэ, бэйэтин баҕа өттүнэн дойдутун көмүскээбитэ», - диэн СӨ баһылыга эттэ. Айсен Николаев бэлиэтээбитинэн, олохтоохтор быыбар нөҥүө Россия бэрэсидьиэнэ Владимир Путины өйүүллэрин уонна сайдыы уопсай соруктарын тула түмсүүлээхтэрин көрдөрдүлэр. Быыбар дойду үрдүнэн уустук балаһыанньаҕа ыытыллыбытын Айсен Сергеевич эттэ. Украина дроннара быыбарга мэһэйдии сатаабыт. Ол эрээри Россия киин өттүгэр элбэх киһи куоластаабыта биллэр. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  15. 📺👍🏻Ил Дархан Быһа биэриитин тэрийэр «Саха» НКИХ хамаандата – үлэ үөһүгэр nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  16. edited

    ⚡️Ил Дархан Быһа биэриитин саҕаланыытыгар 700-тэн тахса ыйытыы киирбит Эпиир саҕаланыыта 700-тэн тахса ыйытыы киирбит. Олохтоохтор үксэ тырааныспар, суол, тупсарыы, хаарбах дьиэлэртэн көһөрүү тиэмэлэргэ ыйытыылары ыыппыттар. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  17. ❓Ил Дархан Быһа биэриитигэр ыйытыылары туталлар Ыйытыыларгытын 8 (4112) 506-006 нүөмэргэ, Телеграмҥа @voprosGlaveYakutii_bot чат-ботка уонна 8 (4112) 510-000 нүөмэргэ «Айта» цифровой көмөлөһөөччү көмөтүнэн ыытыаххытын сөп. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  18. edited

    ⚡️Ил Дархан Айсен Николаев Быһа биэриитэ саҕаланна СӨ Баһылыгын Быһа биэриитин НВК «Саха», «Якутия 24», «Россия 24» ханаалларга, «Тэтим», «Радио России», «Виктория Саха», «СТВ-радио» араадьыйаларга уонна Айсен Николаев социальнай ситимнэригэр көрүҥ. Быһа биэрии ыытааччылара Олег Колесов уонна Анна Ярыгина буолаллар. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  19. ⚡️18:00 чаастан Ил Дархан Айсен Николаев Быһа биэриитэ буолуоҕа Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннаһын күнүгэр, балаҕан ыйын 27 күнүгэр, Ил Дархан Быһа биэриитэ көстүөҕэ. Эпиир олохтоох бириэмэнэн киэһэ 18:00 чаастан саҕаланыаҕа. Быһа эпиири «НВК Саха», «Якутия 24», «Россия 24» ханаалларга, «Тэтим», «Радио России», «Виктория Саха», «СТВ-радио» араадьыйаларга уонна Айсен Николаев социальнай ситимнэригэр көрүҥ. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  20. +1

    👏🏻Чөркөөххө Судаарыстыбаннас күнэ! Тааттаҕа Судаарыстыбаннас күнэ ытык Чөркөөххө, Былатыан Ойуунускай төрөөбүт алааһыгар Муҥха Дэлбэрийбиккэ буолла. Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы А. А. Семенов кыттыыны ылла. Суруйааччы төрөөбүт балаҕанын көмүлүөк оһоҕо оттуллан ыалдьыттары көрүстэ. Кэскиллээх кэпсэтии олохтонно. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  21. Older posts