НВК «Саха»

@nvk_sakha · Kazakh · active

Subscribers 23.8K Subscribers, last 30 days: 23.9K → 23.8K −100 24h · −100 7d
Reach per post (ERR) 2.9%679 avg views
Posting 21.8/day last 36 minutes ago
Reactions per 1K views 1.8 ❤ 👍 👏

Айсен Николаев: Биир кэлим преференциальнай эрэһиим ТОР уонна Арктика чэпчэтиилэрин холбуоҕа Биир кэлим преференциальнай эрэһиим бүтүн Уһук Илиҥҥэ олохтоох каадырдары үлэҕэ ылыы усулуобуйалаах үлэлиэҕэ. Резиденнэргэ страховой төлөбүрдэргэ нолуок чэпчэтиилэрэ олорор сиринэн регистрацияламмыт үлэһиттэргэ эрэ оннунан хаалыахтара. Бу ньыма олохтоох каадырдары үлэҕэ тардыыны көҕүлүүргэ туһуланар. Бу туһунан Быһа биэрии кэмигэр Ил Дархан Айсен Николаев иһитиннэрдэ. Саҥа эрэһиим 2036 сылга диэри сабаҕалааһыннаах 2030 сылга диэри Уһук Илин социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын Стратегиятын олоххо киллэрэр сүрүн инструменнартан биирдэстэрэ буолуоҕа. Тустаах сокуон барыла РФ Бырабыыталыстыбатын көрүүтүгэр сылдьар. Бу иннинэ РФ Бырабыыталыстыбатын вице-премьерэ — РФ Бэрэсидьиэнин УИФУо-ка боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ Юрий Трутнев Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурук Сэбиэтин мунньаҕар бырайыагы оҥорууну уонна олоххо киллэрии механизмнарын дьүүллэспитэ. Саха сирэ федеральнай тэрээһиннэр былааннарыгар бэйэтин саамай бөдөҥ инфраструктурнай уонна технологическай көҕүлээһиннэрин киллэрэр санаалаах. Россия Бэрэсидьиэнин сорудаҕынан оҥоһуллубут уонна балаҕан ыйыгар Бырабыыталыстыба Бэрэссэдээтэлэ Михаил Мишустинынан бигэргэтиллибит Стратегия олоххо киирии түһүмэҕэр таҕыста. Тэрээһиннэр былааннарын бырайыага 2027 сыл кулун тутар 1 күнүгэр диэри РФ Бырабыыталыстыбатыгар тиэрдиллиэхтээх. Айсен Николаев туспа тоһоҕолоон бэлиэтээбитинэн, ТОР уонна Арктика балаһатын бары үлэлии турар резиденнэрэ түһэрсиллибит сөбүлэһиилэр дьайар болдьохторун устата урукку сымнаҕас усулуобуйаларын сүтэриэхтэрэ суоҕа. Бу региоҥҥа номнуо үлэлии сылдьар хампаанньаларга үбүлээһин эйгэтин туруктаах уонна сабаҕаланар буоларын мэктиэлиир. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

Views over time

020040060080028 Sep 02:1610 Nov 22:0669928 Sep 02:16: 0 views10 Nov 22:06: 699 views
Snapshots we took after posting.
WhenViews
28 Sep 2026, 02:160
10 Nov 2026, 22:06699

Who shared this post

Posts in other channels we index that link to this one. (Forwards with a hidden source can't be traced.)

Nobody yet.