😊👍🏻Игидэй оскуолатыгар саҥа сүүрээни киллэрдилэр Таатта улууһугар Э.К. Пекарскай аатынан Игидэй орто оскуолата бүтүн Россиятааҕы «Знание» төрөппүт түмсүүтүн грантовай күрэҕэр кыайан 2026-2027 үөрэх дьылыгар үлэҕэ, үөрэххэ саҥа сүүрээни киллэрдэ. Үлэ сүрүн сыала - оҕолорго, төрөппүттэргэ уйулҕа өттүнэн көмө, тирэх буолуута. Бары өттүнэн хааччыллыылаах анал хос тэриллэн «Уйулҕа хоһо» диэн ааттанна. Үлэ былаанын чэрчитинэн, балаҕан ыйын 25 күнүгэр, төрөппүт уонна оҕо кыттыылаах дьиэ кэргэн үөрэҕэ буолла. Манна оҕо уонна төрөппүт бэйэ-бэйэни билиигэ, сыһыаҥҥа, дьиэ кэргэн сүрүн сыаннастарын билсиһиигэ үөрэх, оонньуу ыытылыннылар. Бу курдук, дойдубут оҕо сайдыытын өйүүр бырагыраамаларынан биирдэстэрэ - «Знание» төрөппүт түмсүүтүн грантовай күрэҕэ оскуолаҕа саҥа сүүрээни киллэрэригэр махтаналлар. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube