«Продовольствие-2026» быыстапка-дьаарбаҥкаҕа агрооскуолалар куонкурустарын кыайыылаахтара ааттаннылар Өрөспүүбүлүкэтээҕи «Продовольствие-2026» быыстапка-дьаарбаҥкаҕа 7 улуустан уонна Дьокуускай куораттан 16 агрооскуола бэйэлэрин ситиһиилэрин, бородууксуйаларын көрдөрдүлэр, ону тэҥэ үлэлэрин туһунан сырдаттылар. СӨ Тыа хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл бэлиитикэтин министиэристибэтэ агрооскуолаларга «Лучший пришкольный участок», «Лучшая школьная ферма», «Лучшая школа по переработке сырья и производству» анал ааттарга, ону тэҥэ заочно кыттар кыахтаах «Лучшая Арктическая агрошкола» диэн куонкурустары тэрийдэ. Сиһилии бу сигэнэн киирэн ааҕыҥ Хаартыска: СӨ Тыа хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл бэлиитикэтин министиэристибэтин пресс-сулууспата nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube