НВК «Саха»

@nvk_sakha · Kazakh · active

Subscribers 23.8K Subscribers, last 30 days: 23.9K → 23.8K −100 24h · −100 7d
Reach per post (ERR) 2.9%679 avg views
Posting 21.8/day last 36 minutes ago
Reactions per 1K views 1.8 ❤ 👍 👏

Дьокуускайга хас да АЗС үлэтэ салҕанара күүтүллэр Киин куоракка бүгүҥҥү күн иккис аҥаарыгар «СибОйл» ситимин массыына уматыгын үс сапыраапкатын үлэтэ сөргүтүллэрэ күүтүллэр. Бу туһунан СӨ Гражданскай көмүскэлгэ миниистири солбуйааччы Никита Павлов брифиҥҥэ иһитиннэрдэ. Кини этэринэн, АЗС-тар быстах кэмҥэ тохтоон ылбыттара саҥа баартыйа кэлиэн иннинэ тэрилтэ уматыгын саппааһа бүппүтүн кытта сибээстээх. Уматык Аллараа Бэстээххэ номнуо кэлбит уонна билиҥҥи кэмҥэ Дьокуускайга тиэрдиллэ сылдьар. «Тохтобул төрүөтэ — тэрилтэ уматыгын саппааһа саҥа баартыйа кэлиэн иннинэ бүппүтэ. Билигин уматык Аллараа Бэстээххэ кэлбит уонна билигин Дьокуускай куоракка тиэрдиллэ сылдьар», — диэн Никита Павлов эттэ. Миниистир солбуйааччыта бэлиэтээбитинэн, таһаҕаһы тиэйиигэ уустуктар ньиэби переработкалыыр собуоттарга охсуулар содулларыттан тахсыбыттар. Таһаҕаһы тиэйиини РФ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Александр Новак салайыытынан федеральнай ыстаап сүрүннүүр. Тыырыллыбыт квоталар өрөспүүбүлүкэ арктическай оройуоннарыгар уматыгы толору тиэйэргэ кыах биэрбиттэр. Сорох нэһилиэнньэлээх пууннарга тиэрдии салҕанар. Дьокуускай сорох АЗС-тарыгар уматыгы биэриигэ хааччахтары билигин да тутуһаллар – биир тырааныспарга 20 лиитирэҕэ диэри. Хааччахтары сымнатыы таһаҕаһы тиэйии быһыытыттан уонна ньиэби переработкалыыр собуоттар үлэлэрэ чөлүгэр түһэриттэн тутулуктаах буолуоҕа. «Билигин уматыгы биэриигэ хааччахтар үлэлии тураллар – биир тырааныспарга 20 лиитирэҕэ диэри. Балаһыанньа өрөспүүбүлүкэҕэ да, дойду да үрдүнэн уустук. Ньиэби переработкалыыр собуоттар үлэлэрэ чөлүгэр түһэр түгэнигэр хааччахтары сымнатыахха сөп», — диэн Никита Павлов бэлиэтээтэ. «Саханефтегазсбыт» АЗС-тарыгар АИ-92, АИ-95 бензин уонна дизельнэй уматык харчынан уонна каартанан 20 лиитирэҕэ диэри лимииттээх атыыланаллар. Михаил Николаев проспегар, Жатайдааҕы уонна Маҕаннааҕы быһа охсуһууларга, Сэбиэскэй Аармыйа 50 сылын уулуссатыгар уонна Хатыҥ Үрэх шоссетыгар заправкаланыахха сөп. «Туймаада-Нефть» АЗС-гар АИ-95 мобильнай сыһыарыы нөҥүө бэриллэр, АИ-92 — харчынан уонна каартанан 20 лиитирэҕэ диэри лимииттээх. Уматык 50 лет Октября автострадаҕа, Дзержинскай уулуссаҕа уонна Бүлүүлүүр суолга баар. Ситим бары АЗС-тарыгар дизельнэй уматыгы хааччаҕа суох биэрэллэр. Дьокуускайга «СибОйл» ыстаансыйаларыгар АИ-92 уонна АИ-95 билигин уматык каарталарынан бэриллэллэр. Покровскайдыыр суолга баар «Сервис Ойл» АЗС-ка АИ-92 харчынан уонна каартанан 20 лиитирэҕэ диэри лимииттээх атыыланар. Уматык кэлиитин уонна массыынаны уматыгынан сапыраапкалыыр ыстаансыйаларга биэрии боппуруоһун өрөспүүбүлүкэ салалтата уонна аналлаах биэдэмистибэлэр хонтуруолга туталлар. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

Views over time

020040060080028 Sep 03:0410 Nov 22:0668128 Sep 03:04: 0 views10 Nov 22:06: 681 views
Snapshots we took after posting.
WhenViews
28 Sep 2026, 03:040
10 Nov 2026, 22:06681

Who shared this post

Posts in other channels we index that link to this one. (Forwards with a hidden source can't be traced.)

Nobody yet.