✈️🌫️Тумантан Дьокуускай аэропордугар рейстэр бириэмэлэригэр уларыйыы баар буолуон сөп Уустук метеорологическай усулуобуйаларынан Дьокуускай аэропордугар рейстэр хаамыыларыгар хойутааһын, уларыйыы баар буолуон сөп. Пассажирдарга рейстэрин билиҥҥи туругунан кэтээн көрөргө сүбэлииллэр: - авиахампаанньа официальнай сайтыгар; - мобильнай сыһыарыыга; -контакт-киин төлөпүөнүнэн. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
НВК «Саха»
Саха сирин сүрүн ханаала! ВК: vk.com/sakha_nvk https://knd.gov.ru/license?id=6737461b772bb113f5282393®istryType=bloggersPermission
-
-
repost 


Шахтёрдар идэлээх бырааһынньыктарыгар Нерюнгри куоракка төрөөбүт дойдуларын туһугар ытык иэстэрин төлүү сылдьан сырдык тыыннара быстыбыт биир дойдулаахтарбытын кэриэстээтибит. Горняктары араҥаччылыыр Сибэтиэй Варвара пааматынньыгар дьиэлэригэр төннүбэтэх хорсун дьоммутугар дириҥ ытыктабылбыт бэлиэтинэн сибэкки дьөрбөтүн уурдубут. Шахтёр идэтэ мэлдьи хорсун быһыыны, күүһү-уоҕу, тулууру уонна эрэллээх доҕордоһууну эрэйэр. Шахта ыарахан үлэтигэр хас биирдии киһи хардарыта көмөлөсүһүү суолтатын билэр уонна аттыгар баар киһи иннигэр эппиэтинэһин өйдүүр. Бу хаачыстыбалары биир дойдулаахтарбыт төрөөбүт дойдуларын көмүскэһиҥҥэ эмиэ көрдөрбүттэрэ. Бүгүн биһиги хас биирдии аат кэннигэр — киһи дьылҕатын, кини дьиэ кэргэнин, чугас дьонун, доҕотторун көрөбүт. Олохторун толук ууран туран Ийэ дойдуну көмүскээбит дьоруойдарбытыгар сүгүрүйэн, төбөбүтүн төҥкөтөбүт. Охтубут буойуттарбыт дьиэ кэргэттэригэр махтал истиҥ тыллара этиллэр, ол эрээри кинилэр ыар сүтүктэрин, дууһа ыарыытын туох да кыайан мүлүрүппэт. Биһиги уопсай иэспит — кинилэр дьиэ кэргэттэрин өйөөһүн, хас биирдии дьоруой аатын уонна хорсун быһыытын үйэтитии, кинилэр тустарынан кэлэр көлүөнэлэргэ тиэрдии буолар. Көмүскээччилэрбитигэр, биир дойдулаахтарбытыгар үйэлээх өйдөбүнньүк буоллун. Боотур буолар — үйэлэргэ умнуллубат ааттаныы! https://max.ru/channel_PetrShamaev
-
repost
🥊 «Вызов Севера» — большой вечер профессионального бокса! Сегодня, 30 августа в 19:00, состоятся зрелищные поединки с участием боксёров из России, Узбекистана, Ирана, Филиппин и ДР Конго. 🔥 Главные бои вечера: Михаил Варламов vs Майкл Касама и Александр Хохлов vs Майкл Кинг. 📺 Прямая трансляция — в сообществе «Кыах»: https://vk.ru/sakhasporttv Не пропустите! 🥊🔥 @sakhasporttv
-
🌫️Дьокуускайга хойуу туман түстэ Киин куоракка сарсыарда, атырдьах ыйын 30 күнүгэр, Дьокуускайга туман түстэ. Салгын температурата билигин 8 кыраадыс сылаас, тыала суох. Бүгүн Дьокуускайга сарсыардатын туманнаах, сөҥүүтэ суох күн-дьыл туруоҕа. Соҕуруулуу-илин өттүгэр сөкүүндэҕэ 1-5 миэтэрэ тыалырыа. Салгын температурата +20+22 кыраадыс сылаас буолуо. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
-
repost 

Саха Өрөспүүбүлүкэтин суруйааччыларын Сойууһун бэрэстэбиитэллэрэ уонна П.А. Ойуунускай аатынан Саха академическай тыйаатыр үлэһиттэрэ буоламмыт, Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай литературнай музейыгар мустан, норуот култууратын сайыннарыы тула суолталаах боппуруостары дьүүллэстибит. Бу кэпсэтии биһиги өрөспүүбүлүкэбит көлүөнэлэрин ситимэ, историята уонна духуобунай нэһилиэстибэтэ буолбут ураты сиргэ ыытыллыбыта икки бүк суолталаах буолла. Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын уонна духуобунай сайдыытын миниистирэ Афанасий Иванович Ноевы кытта Былатыан Ойуунускай балаҕанын прототибынан оҥоһуллубут саҥа тутууну көрдүбүт-иһиттибит. Оҕолору, ыччаты өйөөһүн боппуруостарын туспа дьүүллэстибит. Биһиги министиэристибэбит биир сүрүн соруга — хас биирдии оҕо ханна олороруттан тутулуга суох үөрэххэ, айар үлэҕэ уонна бэйэтин дьоҕурун сайыннарыыга тэҥ кыаҕы хааччыйыы буолар. Онуоха бибилэтиэкэлэри, түмэллэри, ыччат кииннэрин, култуура уонна үөрэх бырайыактарын сайыннарыахха наада. Дойду киинэтин сайыннарыы туһунан эмиэ кэпсэттибит. Саха сиригэр номнуо күүстээх кинематограф оскуолата, дьоҕурдаах режиссердар, сценаристар уонна артыыстар бааллар. Арассыыйа кинематографистарын сойууһун кытта бииргэ үлэлээһини бөҕөргөтүү уонна саха айымньыларыгар олоҕурбут киинэлэри дойду үрдүнэн уонна аан дойду таһымыгар тарҕатарга көмөлөһүү улахан суолталаах. Эдэр суруйааччылары, ааптардары өйөөһүн эмиэ күүскэ ыытыллыахтаах. Дьоҕурдаах ыччаппыт элбэх, кинилэргэ бүтүн Арассыыйа таһымыгар тахсар, сайдар кыаҕы биэрии — биһиги сүрүн сорукпут. Култуура диэн ааспыт кэми харыстааһын эрэ буолбатах. Бу киһи бэйэтин силистэрин өйдүүр, дьоҕурун арыйар уонна саҥаны айар кыаҕа буолар. Онон биһиги Саха сирин нэһилиэстибэтин харыстаан, саҥа ааттар, айымньылар, идиэйэлэр үөскүүллэригэр усулуобуйаны тэрийиэхтээхпит. https://max.ru/channel_PetrShamaev
-
repost
Управление Роспотребнадзора по Республике Саха (Якутия) информирует о результатах лабораторного мониторинга атмосферного воздуха в связи с задымлением в г. Якутске 29 августа 2026 г. В связи с установившимся режимом задымления атмосферного воздуха, вызванного природными пожарами, Управление Роспотребнадзора проводит усиленный лабораторный контроль качества атмосферного воздуха на территории городского округа «Город Якутск». Мониторинг осуществляется в круглосуточном режиме. Результаты инструментальных замеров 29 августа 2026 года в 8.00ч. специалистами аккредитованной лаборатории проведено 21 инструментальное измерение в 3 контрольных точках, расположенных в различных районах города. По итогам лабораторных исследований в пробах атмосферного воздуха зафиксировано превышение установленных предельно допустимых концентраций (ПДК) по следующим показателям: взвешенные вещества — превышение в 1,4 раза; частицы PM10 — превышение в 1,4 раза; частицы РМ2,5 – в 2 раза; диоксид азота - в 1 раз.
-
repost 


В Нерюнгри проверил первый готовый дом жилого комплекса «Покровские ворота». Это один из проектов федеральной программы «Доступное арендное жилье в ДФО», разработанной Минвостокразвития России совместно с ДОМ.РФ. По условиям программы ДОМ.РФ приобретает 192 полностью обустроенные квартиры и передает их региональному оператору для предоставления жителям на льготных условиях. В сентябре ключи от первых 70 квартир передадут жильцам. Еще два дома должны быть введены в эксплуатацию в ближайшее время. Список будущих жильцов первого дома уже полностью сформирован, всего поступило 282 заявки. Важно, чтобы люди приезжали в Нерюнгри не только на работу, но и могли комфортно жить здесь вместе с семьями. Доступная аренда дает возможность обустроиться, строить планы и связывать свое будущее с Нерюнгри. #РаботаемДальше
-
🚨Дьокуускай уонна кэккэ оройуоннар буруонан бүрүллэн тураллар Бүгүн космостан кэтээн көрүү түмүгүнэн Дьокуускай куорат уонна сорох оройуоннар Красноярскай кыраай, Саха сирин ойуур баһаардарын хойуу буруотунан бүрүллэн турар. Өрөспүүбүлүкэ соҕуруу оройуоннара билигин буруота суохтар. Күнү-дьылы кэтээн көрөр сулууспа билгэлииринэн, өрөбүллэргэ күн-дьыл туруга күүскэ уларыйара күүтүллүбэт. Дьокуускайга, арҕаа улуустарга өрөбүллэр устата буруолаах буолуо. Өскөтүн тыал хайысхата уларыйдаҕына буруо түргэнник сүтүөҕэ. Красноярскай кыраайга, Саха сирин чугас сытар сирдэригэр 173 ойуур баһаара умайар. Уустук балаһыанньа Эвенкийскэй, Туруханскай, Таймырскай, Долгано-Ненецкэй, Енисейскэй, Богучанскай уокуруктарга бэлиэтэнэр. Региоҥҥа ойуур баһаардарынан ЧС эрэһиимэ үлэлиир. Бүгүн сарсыарда Ньурба, Мииринэй, Үөһээ Бүлүү, Кэбээйи, Хаҥалас оройуоннарыгар ойуур баһаардарын умуруораллар. Уопсайа 185334 га иэннээх хонтуруолланар сиргэ ойуур бааһардара умайаллар. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
-
repost
📍 Росмолодёжь.Гранты на IV Николаевском форуме В рамках форума проходит конкурс «Росмолодёжь.Гранты». Граждане РФ от 14 до 35 лет могут представить один проект в одной из 18 номинаций. Минимальный грант — 5 тысяч рублей, максимальный — 500 тысяч рублей. Успей подать заявку до 24 сентября! Регистрация на грантовый конкурс — по ссылке: https://myrosmol.ru/events/0e3bb8ea-fdad-4e6b-be0b-f1f3e033e28d Регистрация на форум — по ссылке: https://forms.yandex.ru/u/699ef1c96d2d730022f63662 #Росмолодёжь #РосмолодёжьГранты @molparlament_sakha
-
⛽️Ил Дархан Айсен Николаев регион бырабыыталыстыбатыгар, уматык хампаанньаларыгар уматыгы тиһигин быспакка аҕалыыны, хааччыйыыны уонна заправка ыстаансыйаларын бэрээдэктиири сорудахтаата nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
-
⛽️Федеральнай антимонопольнай сулууспа уматыкка сыананы хонтуруолга тутар nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
-
📺Программа ТВ НВК "Саха" на 29 августа (сб.) 06:00-Тиэргэн 12+ 06:30-Мы вам покажем 12+ 07:00-Аһаҕастык 12+ 07:30-Геван 6+ 08:00-Саха сатаабата суох 6+ 08:30-Айар-тутар Сахам сирэ! 12+ 09:15-Истиҥ илдьит 6+ 09:45-Дойдум дьоно 12+ 10:00-Кэрэ кэпсээн 6+ 11:30-Году культуры и единства народов 12+ 12:00-Новости 12+ 12:15-Просто вкусно 12+ 13:00-Күн дэлэйэ 6+ 13:30-Новости 12+ 13:45-Дойдум дьоно 12+ 14:00-Тэтим 6+ 15:00-Новости 12+ 15:15-ТВ-спорт. Хаҥалас хапсаҕайа 12+ 18:00-Новости 12+ 18:15-Истиҥ илдьит 6+ 18:45-Дойдум дьоно 12+ 19:00-Өркөн өй 12+ 20:15-Сүүрүү-олох. Петр Наумов сырдык кэриэһигэр 12+ 21:30-Новости 12+ 21:45-Арыыга 12+ 22:30-Дууһам иэйэр абылаҥа 6+ 00:15-Кэрэ кэпсээн 6+ 01:30-Кэм кэрэһитэ 6+ 02:00-Новости 12+ 02:15-Тэтим 6+ 03:15-Арыыга 12+ 04:00-Айар-тутар Сахам сирэ! 12+ 04:40-Документальный фильм 12+ Уважаемые телезрители, напоминаем, что в программе возможны изменения nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
-
repost Отпуск топлива на АЗС: данные на 21:00 28 августа АО «Саханефтегазсбыт» Наличие АИ-92, АИ-95 и дизельного топлива за наличный и безналичный расчёт (лимит до 20 литров на одно транспортное средство) по адресам: 🟢АЗС № 2: улица Труда, 4а 🟢АЗС № 6: Жатайский перекресток, 1 🟢АЗС № 1401 ОПТИ: Маганский перекресток, 1 🟢АЗС № 51: 50 лет Советской Армии, 49б (АИ-92 возобновится завтра) 🟢АЗС № 62: Хатын-Юряхское шоссе, 4 км, 8а АО НК «Туймаада-Нефть» 🔴Отпуск АИ-92 за наличный и безналичный расчёт возобновится завтра. Дизельное топливо: на всех АЗС сети отпуск производится без ограничений. ООО «СибОйл» 🔴АИ-95: Покровский тракт, 4 км (возобновится завтра) ООО «Сервис Ойл» 🔴АИ-92: Покровский тракт, 5 км, 2Б (возобновится завтра) Якутия. Оперштаб в МАКС
-
💐💐💐Кириэстээххэ Намыловтар ыал буолан олорбуттара 50 сылларын бэлиэтээтилэр Сунтаар улууһун Кириэстээх нэһилиэгин бочуоттаах олохтоохторо, үлэ уонна олох бэриниилээх аргыстарынан буолбут Саргылана Васильевна уонна Иннокентий Петрович Намыловтар бииргэ олорбуттара 50 сылын - кыһыл көмүс сыбаайбаларын бэлиэтээтилэр. Биир үйэ чиэппэрин тухары илии-илииттэн тутуһан, олох үөрүүтүн-хомолтотун тэҥҥэ үллэстэн, үбүлүөйдээх ыал 2 оҕо күн күбэй ийэтэ, аҕата уонна 5 сиэн тапталлаах эбэтэ, эһэтэ буолаллар. Намыловтар бэйэлэрин талбыт идэлэригэр бэриниилээхтик үлэлээн, нэһилиэк сайдыытыгар үтүмэн кылааттарын киллэрбит дьон. Саргылана Васильевна доруобуйа харыстабылын туйгуна. Кини эдэркээн сааһыттан, үөрэҕин бүтэрээт, Кириэстээх участковай балыыһатыгар медицинскэй сиэстэрэнэн үлэтин саҕалаабыта. Өр сыллар устата күнү-түүнү аахсыбакка, нэһилиэнньэ доруобуйатын көрөн-истэн, үрдүк таһымнаахтык уонна эппиэтинэстээхтик үлэлээбитэ. Оттон дьиэ кэргэн баһылыга Иннокентий Петрович «Кириэстээх» сопхуос солбуллубат суотчута, нэһилиэк биир тутаах киһитэ этэ. Кини өр сылларга кылаабынай бухгалтерынан үлэлээн, сопхуос экэниэмикэтэ туруктаах буоларыгар бэйэтин билиитин-көрүүтүн биэрбитэ. Бар дьоннорун түмэр, үөрүүлэрин үллэстэр кэрэ күннэригэр ытык кырдьаҕастарга улуус баһылыга Анатолий Григорьев ыалдьыттаата. Кини үбүлүөйдээх ыалга барҕа махталын, истиҥ баҕа санаатын этэн туран, өрөспүүбүлүкэҕэ ытыктанар «Дьиэ кэргэн килбиэнэ» бэлиэни үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттарда. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
-



+3
-
⛽️Саха сиригэр эбии АЗС арыйыахтарын сөп Саха сирин уматык хампаанньаларыгар эбии автозаправочнай ыстаансыйалары арыйар кыаҕы көрөргө сорудахтанна. Ити саамай үрдүк ирдэбиллээх АЗС-ка ноҕоруусканы аччатыахтаах. Сорудах Ил Дархан Айсен Николаев салайааччылаах суһал мунньах түмүгүнэн бэрилиннэ. Гражданскай оборона дьыалаларыгар миниистири солбуйааччы Яна Наумова этэринэн, өрөбүллэри кытта тэҥнээтэххэ, Дьокуускайга быһыы-майгы тупсубут. Тырааныспар сүүрээнэ сыыйа-баайа үллэриллэн, уочаракка кэтэһии кэмэ кылгаабыт. Оройуоннарга эмиэ балаһыанньа көнөн эрэрэ көстөр. Хаҥалас улууһугар Покровскайга, Мохсоҕоллооххо уонна Булгунньахтаахха «Саханефтегазсбыт» АЗС-ка бензини атыылааһын сууккатааҕы лимииттэрэ үрдээбит. «Бу күннэргэ Аллараа Бэстээххэ АИ-92 мааркалаах уматыктаах вагоннар саҥа баартыйалара кэлэрин, ону тэҥэ Уус-Куттан Сатайга АИ-92 бензиннээх танкер кэлэрин күүтэбит», — диэн Наумова эбэн эттэ. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
-
📊📈Элбэх оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ социальнай хантыраак туһунан кэпсэттибит. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
-
🚌11 № - дээх оптуобус «Звезднай» дьоҕус оройуону таарыйар буолла Быһаарыыны Дьокуускайдааҕы куорат дууматын, куорат уокуруктааҕы дьаһалтатын уонна туһааннаах сулууспалар дьокутааттарын бииргэ үлэлээһиннэрин түмүгүнэн ыллылар. Урут дьоҕус оройуон олохтоохторо сыһыарыллыбыт 3 №-дээх оптуобуһунан куорат балыыһатыгар айанныырга уустуктары көрсөллөрө. Сорох түбэлтэлэргэ айан уһуна 50 мүнүүтэҕэ тиийэрэ. Дьокутааттар боппуруоһу көрөн, үөрэтэн Дьокуускай дьаһалтатыгар ыыппыттар. «Ыытыллыбыт үлэ түмүгэр атырдьах ыйын 28 күнүттэн «Звезднай» дьоҕус оройуоҥҥа таарыйар 11 № — дээх маршрут сырыытын схематын уларытар туһунан быһаарыы ылылынна», - диэн иһитиннэрдилэр. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
-
edited ⛽️Арктика оройуоннара 2026 сыллааҕы навигацияҕа уматыгынан хааччылыннылар nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
-
edited ⛽️Дьокуускайга заправка ахсаанын 11-гэ диэри элбэттилэр nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
- Older posts