НВК «Саха»

@nvk_sakha · Kazakh · active

Subscribers 23.8K Subscribers, last 30 days: 23.9K → 23.8K −100 24h · −100 7d
Reach per post (ERR) 2.8%678 avg views
Posting 21.7/day last 2 hours ago
Reactions per 1K views 1.8 ❤ 👍 👏
repost from Шамаев Петр

Саха Өрөспүүбүлүкэтин суруйааччыларын Сойууһун бэрэстэбиитэллэрэ уонна П.А. Ойуунускай аатынан Саха академическай тыйаатыр үлэһиттэрэ буоламмыт, Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай литературнай музейыгар мустан, норуот култууратын сайыннарыы тула суолталаах боппуруостары дьүүллэстибит. Бу кэпсэтии биһиги өрөспүүбүлүкэбит көлүөнэлэрин ситимэ, историята уонна духуобунай нэһилиэстибэтэ буолбут ураты сиргэ ыытыллыбыта икки бүк суолталаах буолла. Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын уонна духуобунай сайдыытын миниистирэ Афанасий Иванович Ноевы кытта Былатыан Ойуунускай балаҕанын прототибынан оҥоһуллубут саҥа тутууну көрдүбүт-иһиттибит. Оҕолору, ыччаты өйөөһүн боппуруостарын туспа дьүүллэстибит. Биһиги министиэристибэбит биир сүрүн соруга — хас биирдии оҕо ханна олороруттан тутулуга суох үөрэххэ, айар үлэҕэ уонна бэйэтин дьоҕурун сайыннарыыга тэҥ кыаҕы хааччыйыы буолар. Онуоха бибилэтиэкэлэри, түмэллэри, ыччат кииннэрин, култуура уонна үөрэх бырайыактарын сайыннарыахха наада. Дойду киинэтин сайыннарыы туһунан эмиэ кэпсэттибит. Саха сиригэр номнуо күүстээх кинематограф оскуолата, дьоҕурдаах режиссердар, сценаристар уонна артыыстар бааллар. Арассыыйа кинематографистарын сойууһун кытта бииргэ үлэлээһини бөҕөргөтүү уонна саха айымньыларыгар олоҕурбут киинэлэри дойду үрдүнэн уонна аан дойду таһымыгар тарҕатарга көмөлөһүү улахан суолталаах. Эдэр суруйааччылары, ааптардары өйөөһүн эмиэ күүскэ ыытыллыахтаах. Дьоҕурдаах ыччаппыт элбэх, кинилэргэ бүтүн Арассыыйа таһымыгар тахсар, сайдар кыаҕы биэрии — биһиги сүрүн сорукпут. Култуура диэн ааспыт кэми харыстааһын эрэ буолбатах. Бу киһи бэйэтин силистэрин өйдүүр, дьоҕурун арыйар уонна саҥаны айар кыаҕа буолар. Онон биһиги Саха сирин нэһилиэстибэтин харыстаан, саҥа ааттар, айымньылар, идиэйэлэр үөскүүллэригэр усулуобуйаны тэрийиэхтээхпит. https://max.ru/channel_PetrShamaev

Views over time

05001K1.5K29 Aug 07:0810 Nov 22:061.1K29 Aug 07:08: 0 views10 Nov 22:06: 1,140 views
Snapshots we took after posting.
WhenViews
29 Aug 2026, 07:080
10 Nov 2026, 22:061.1K

Who shared this post

Posts in other channels we index that link to this one. (Forwards with a hidden source can't be traced.)

Nobody yet.