НВК «Саха»

@nvk_sakha · Kazakh · active

Subscribers 23.8K Subscribers, last 30 days: 23.9K → 23.8K −100 24h · −100 7d
Reach per post (ERR) 2.8%678 avg views
Posting 21.7/day last 2 hours ago
Reactions per 1K views 1.8 ❤ 👍 👏

💐💐💐Кириэстээххэ Намыловтар ыал буолан олорбуттара 50 сылларын бэлиэтээтилэр Сунтаар улууһун Кириэстээх нэһилиэгин бочуоттаах олохтоохторо, үлэ уонна олох бэриниилээх аргыстарынан буолбут Саргылана Васильевна уонна Иннокентий Петрович Намыловтар бииргэ олорбуттара 50 сылын - кыһыл көмүс сыбаайбаларын бэлиэтээтилэр. Биир үйэ чиэппэрин тухары илии-илииттэн тутуһан, олох үөрүүтүн-хомолтотун тэҥҥэ үллэстэн, үбүлүөйдээх ыал 2 оҕо күн күбэй ийэтэ, аҕата уонна 5 сиэн тапталлаах эбэтэ, эһэтэ буолаллар. Намыловтар бэйэлэрин талбыт идэлэригэр бэриниилээхтик үлэлээн, нэһилиэк сайдыытыгар үтүмэн кылааттарын киллэрбит дьон. Саргылана Васильевна доруобуйа харыстабылын туйгуна. Кини эдэркээн сааһыттан, үөрэҕин бүтэрээт, Кириэстээх участковай балыыһатыгар медицинскэй сиэстэрэнэн үлэтин саҕалаабыта. Өр сыллар устата күнү-түүнү аахсыбакка, нэһилиэнньэ доруобуйатын көрөн-истэн, үрдүк таһымнаахтык уонна эппиэтинэстээхтик үлэлээбитэ. Оттон дьиэ кэргэн баһылыга Иннокентий Петрович «Кириэстээх» сопхуос солбуллубат суотчута, нэһилиэк биир тутаах киһитэ этэ. Кини өр сылларга кылаабынай бухгалтерынан үлэлээн, сопхуос экэниэмикэтэ туруктаах буоларыгар бэйэтин билиитин-көрүүтүн биэрбитэ. Бар дьоннорун түмэр, үөрүүлэрин үллэстэр кэрэ күннэригэр ытык кырдьаҕастарга улуус баһылыга Анатолий Григорьев ыалдьыттаата. Кини үбүлүөйдээх ыалга барҕа махталын, истиҥ баҕа санаатын этэн туран, өрөспүүбүлүкэҕэ ытыктанар «Дьиэ кэргэн килбиэнэ» бэлиэни үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттарда. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

Views over time

02505007501K28 Aug 13:2910 Nov 22:0684328 Aug 13:29: 0 views10 Nov 22:06: 843 views
Snapshots we took after posting.
WhenViews
28 Aug 2026, 13:290
10 Nov 2026, 22:06843

Who shared this post

Posts in other channels we index that link to this one. (Forwards with a hidden source can't be traced.)

Nobody yet.