НВК «Саха»

@nvk_sakha · Kazakh · active

Subscribers 23.8K Subscribers, last 30 days: 23.9K → 23.8K −100 24h · −100 7d
Reach per post (ERR) 2.8%678 avg views
Posting 21.7/day last 47 minutes ago
Reactions per 1K views 1.8 ❤ 👍 👏

🚨Дьокуускай уонна кэккэ оройуоннар буруонан бүрүллэн тураллар Бүгүн космостан кэтээн көрүү түмүгүнэн Дьокуускай куорат уонна сорох оройуоннар Красноярскай кыраай, Саха сирин ойуур баһаардарын хойуу буруотунан бүрүллэн турар. Өрөспүүбүлүкэ соҕуруу оройуоннара билигин буруота суохтар. Күнү-дьылы кэтээн көрөр сулууспа билгэлииринэн, өрөбүллэргэ күн-дьыл туруга күүскэ уларыйара күүтүллүбэт. Дьокуускайга, арҕаа улуустарга өрөбүллэр устата буруолаах буолуо. Өскөтүн тыал хайысхата уларыйдаҕына буруо түргэнник сүтүөҕэ. Красноярскай кыраайга, Саха сирин чугас сытар сирдэригэр 173 ойуур баһаара умайар. Уустук балаһыанньа Эвенкийскэй, Туруханскай, Таймырскай, Долгано-Ненецкэй, Енисейскэй, Богучанскай уокуруктарга бэлиэтэнэр. Региоҥҥа ойуур баһаардарынан ЧС эрэһиимэ үлэлиир. Бүгүн сарсыарда Ньурба, Мииринэй, Үөһээ Бүлүү, Кэбээйи, Хаҥалас оройуоннарыгар ойуур баһаардарын умуруораллар. Уопсайа 185334 га иэннээх хонтуруолланар сиргэ ойуур бааһардара умайаллар. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

Views over time

02505007501K29 Aug 02:5910 Nov 22:0685029 Aug 02:59: 0 views10 Nov 22:06: 850 views
Snapshots we took after posting.
WhenViews
29 Aug 2026, 02:590
10 Nov 2026, 22:06850

Who shared this post

Posts in other channels we index that link to this one. (Forwards with a hidden source can't be traced.)

Nobody yet.