НВК «Саха»

@nvk_sakha · Kazakh · active

Subscribers 23.8K Subscribers, last 30 days: 23.9K → 23.8K −100 24h · −100 7d
Reach per post (ERR) 2.8%678 avg views
Posting 21.7/day last 2 hours ago
Reactions per 1K views 1.8 ❤ 👍 👏

⛽️Саха сиригэр эбии АЗС арыйыахтарын сөп Саха сирин уматык хампаанньаларыгар эбии автозаправочнай ыстаансыйалары арыйар кыаҕы көрөргө сорудахтанна. Ити саамай үрдүк ирдэбиллээх АЗС-ка ноҕоруусканы аччатыахтаах. Сорудах Ил Дархан Айсен Николаев салайааччылаах суһал мунньах түмүгүнэн бэрилиннэ. Гражданскай оборона дьыалаларыгар миниистири солбуйааччы Яна Наумова этэринэн, өрөбүллэри кытта тэҥнээтэххэ, Дьокуускайга быһыы-майгы тупсубут. Тырааныспар сүүрээнэ сыыйа-баайа үллэриллэн, уочаракка кэтэһии кэмэ кылгаабыт. Оройуоннарга эмиэ балаһыанньа көнөн эрэрэ көстөр. Хаҥалас улууһугар Покровскайга, Мохсоҕоллооххо уонна Булгунньахтаахха «Саханефтегазсбыт» АЗС-ка бензини атыылааһын сууккатааҕы лимииттэрэ үрдээбит. «Бу күннэргэ Аллараа Бэстээххэ АИ-92 мааркалаах уматыктаах вагоннар саҥа баартыйалара кэлэрин, ону тэҥэ Уус-Куттан Сатайга АИ-92 бензиннээх танкер кэлэрин күүтэбит», — диэн Наумова эбэн эттэ. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

Views over time

025050075028 Aug 13:0510 Nov 22:0677828 Aug 13:05: 0 views10 Nov 22:06: 778 views
Snapshots we took after posting.
WhenViews
28 Aug 2026, 13:050
10 Nov 2026, 22:06778

Who shared this post

Posts in other channels we index that link to this one. (Forwards with a hidden source can't be traced.)

Nobody yet.