🌫️Дьокуускайга хойуу туман түстэ Киин куоракка сарсыарда, атырдьах ыйын 30 күнүгэр, Дьокуускайга туман түстэ. Салгын температурата билигин 8 кыраадыс сылаас, тыала суох. Бүгүн Дьокуускайга сарсыардатын туманнаах, сөҥүүтэ суох күн-дьыл туруоҕа. Соҕуруулуу-илин өттүгэр сөкүүндэҕэ 1-5 миэтэрэ тыалырыа. Салгын температурата +20+22 кыраадыс сылаас буолуо. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube