НВК «Саха»

@nvk_sakha · Kazakh · active

Subscribers 23.8K Subscribers, last 30 days: 23.9K → 23.8K −100 24h · −100 7d
Reach per post (ERR) 2.8%678 avg views
Posting 21.7/day last 2 hours ago
Reactions per 1K views 1.8 ❤ 👍 👏
repost from Шамаев Петр

Шахтёрдар идэлээх бырааһынньыктарыгар Нерюнгри куоракка төрөөбүт дойдуларын туһугар ытык иэстэрин төлүү сылдьан сырдык тыыннара быстыбыт биир дойдулаахтарбытын кэриэстээтибит. Горняктары араҥаччылыыр Сибэтиэй Варвара пааматынньыгар дьиэлэригэр төннүбэтэх хорсун дьоммутугар дириҥ ытыктабылбыт бэлиэтинэн сибэкки дьөрбөтүн уурдубут. Шахтёр идэтэ мэлдьи хорсун быһыыны, күүһү-уоҕу, тулууру уонна эрэллээх доҕордоһууну эрэйэр. Шахта ыарахан үлэтигэр хас биирдии киһи хардарыта көмөлөсүһүү суолтатын билэр уонна аттыгар баар киһи иннигэр эппиэтинэһин өйдүүр. Бу хаачыстыбалары биир дойдулаахтарбыт төрөөбүт дойдуларын көмүскэһиҥҥэ эмиэ көрдөрбүттэрэ. Бүгүн биһиги хас биирдии аат кэннигэр — киһи дьылҕатын, кини дьиэ кэргэнин, чугас дьонун, доҕотторун көрөбүт. Олохторун толук ууран туран Ийэ дойдуну көмүскээбит дьоруойдарбытыгар сүгүрүйэн, төбөбүтүн төҥкөтөбүт. Охтубут буойуттарбыт дьиэ кэргэттэригэр махтал истиҥ тыллара этиллэр, ол эрээри кинилэр ыар сүтүктэрин, дууһа ыарыытын туох да кыайан мүлүрүппэт. Биһиги уопсай иэспит — кинилэр дьиэ кэргэттэрин өйөөһүн, хас биирдии дьоруой аатын уонна хорсун быһыытын үйэтитии, кинилэр тустарынан кэлэр көлүөнэлэргэ тиэрдии буолар. Көмүскээччилэрбитигэр, биир дойдулаахтарбытыгар үйэлээх өйдөбүнньүк буоллун. Боотур буолар — үйэлэргэ умнуллубат ааттаныы! https://max.ru/channel_PetrShamaev

Views over time

05001K30 Aug 02:4210 Nov 22:061K30 Aug 02:42: 0 views10 Nov 22:06: 1,030 views
Snapshots we took after posting.
WhenViews
30 Aug 2026, 02:420
10 Nov 2026, 22:061K

Who shared this post

Posts in other channels we index that link to this one. (Forwards with a hidden source can't be traced.)

Nobody yet.