НВК «Саха»

@nvk_sakha · Kazakh · active

Саха сирин сүрүн ханаала! ВК: vk.com/sakha_nvk https://knd.gov.ru/license?id=6737461b772bb113f5282393&registryType=bloggersPermission

Subscribers 23.8K Subscribers, last 30 days: 23.9K → 23.8K −100 24h · −100 7d
Reach per post (ERR) 2.8%678 avg views
Posting 21.7/day last 47 minutes ago
Reactions per 1K views 1.8 ❤ 👍 👏
  1. repost

    Атырдьах ыйа — үөрэх тиһигин үлэһиттэригэр барыларыгар ураты кэм: ааспыт үөрэх сылын түмүгэ таҕыста, саҥа үөрэх дьылыгар бэлэмнэнии түмүктэннэ, сүрүн сыаллар-соруктар чопуланнылар. Педагогтары улахан суолталаах үлэ саҥа түһүмэҕэ күүтэр. Хаҥалас улууһугар үөрэх үлэһиттэрин атырдьах ыйынааҕы мунньахтарыгар учууталлары эҕэрдэлээтибит, үөрэх дьылын сүрүн соруктарын уонна кэлэр дьылга үлэ чопчу хардыыларын торумнаатыбыт. Оҕолору, ыччаты өйөөһүн — биһиги министиэристибэбит биир тутаах соруга. Хас биирдии оҕо бэйэтин дьоҕурун арыйарыгар, үөрэнэригэр, сыалын-соругун ситиһэригэр, өрөспүүбүлүкэтигэр уонна дойдутугар туһаны аҕалар идэни баһылыырыгар сөптөөх усулуобуйаны салгыы тэрийиэхтээхпит. Биһиги үөрэнээччилэрбит хас биирдии ситиһиилэрин кэннигэр такайааччылар билиилэрэ, уопуттара уонна күннээҕи түбүктэрэ турар. Учуутал оҕо дьоҕурун бэлиэтиир, ыарахан түгэҥҥэ өйүүр, бэйэтигэр эрэллээх буоларыгар көмөлөһөр уонна инники идэҕэ бастакы хардыыны оҥорорго сирдиир. Саҥа үөрэх дьыла биһиги оскуолаларбытыгар саҥа ситиһиилэри, педагогтарбытыгар — идэлэринэн сайдыыны, оттон хас биирдии үөрэнээччигэ билиини, бэйэ кыаҕар эрэлээх буолууну, баҕа санаатын олоххо киллэрэр кыаҕы үөскэттин! https://max.ru/channel_PetrShamaev

  2. repost

    ⚡️Указ о социально-экономическом развитии Нерюнгринского района до 2032 года подписан! День шахтера – особый праздник для всего Нерюнгринского района. На торжественном совещании подписал Указ о социально-экономическом развитии Нерюнгринского района до 2032 года. Мы продолжаем работу, начатую в 2021 году, но принципиально меняем подход. Раньше инфраструктура догоняла промышленность, теперь она должна ее опережать. Это главное, что закрепляет новый Указ. Нерюнгринский район остается лидером угольной отрасли Дальнего Востока. Эльгинское месторождение выходит на полную мощность, развивается «Колмар», продолжается газификация населенных пунктов. В перспективе – создание кластера черной металлургии и новых высокооплачиваемых рабочих мест. Но экономическая мощь имеет смысл только тогда, когда она превращается в качество жизни людей. До 2032 года в районе отремонтируют более 35 километров дорог, модернизируют коммунальную инфраструктуру. Будут обновлены 27 школ и детских садов, шесть объектов здравоохранения, стадион «Богатырь», спорткомплекс «Шахтер», центр «СУВАГ» и школа искусств «Соловушка». Благоустройство охватит 60 дворов и общественных пространств. Особое внимание в Указе уделено подготовке кадров. На базе Технического института СВФУ и Южно-Якутского технологического колледжа будет создан энергокластер – центр горного образования. Уверен, вместе с промышленными компаниями и жителями мы сделаем Нерюнгринский район местом, где хочется жить, растить детей и уверенно смотреть в будущее. Слава людям труда! С Днем шахтера! max.ru/aisen_nikolaev

  3. repost

    🤩👏🏼🥇🇷🇺Сунтаар улууһуттан сылдьар Пётр Егоров стендовай ытыыга Россия чемпиона буолла! Сунтаар улууһуттан сылдьар Пётр Егоров «Скит» олимпийскай көрүҥҥэ кыайыыны ситистэ! Кини бастаан квалификацияҕа норуоттар икки ардыларынааҕы таһымнаах спорт маастарын көрдөрүүтүнэн (125 мишеньтэн 123-ү ытан) бастаата. Ол кэннэ – саамай күүстээхтэр истэригэр суперфиналга эмиэ бастыҥ буолан, сахалартан бастакы историческай кыһыл көмүс мэтээли ситистэ! Пётры, кини тренерин Аркадий Андреевы уонна Саха Сирин бары ытааччыларын Россия чемпионатын уһун күүтүллүбүт кыһыл көмүс мэтээлинэн эҕэрдэлиибит! Сунтаар улууһун физкультураҕа уонна спортка салаата иһитиннэрэр. @sakhasporttv

  4. 👩🏻‍🏫Саха сиригэр учууталлары аҕыйатыахтара суоҕа, ол эрээри салайар аппарат сааһылыахтара СӨ Үөрэх министиэристибэтин миниистирин 1-кы солбуйааччы Ньургун Павлов педагогическай каадырдары аҕыйатар туһунан сураҕы олоҕо суоҕунан аахта. Кини этэринэн, өрөспүүбүлүкэ оскуолаларыгар административнай, көмөлтө үлэһиттэригэр уларыйыы киирэрэ күүтүллэр. Штаттары федеральнай нормативтары кытта тэҥниэхтэрэ. Учуутал ахсаана, үөрэх ноҕурууската оннунан хаалар. Саҥа реформа көмөтүнэн босхоломмут штаттар үптэрин учууталлар хамнастарын үрдэтэргэ ыытыахтара. СӨ Үөрэх министиэристибэтэ тустаах үлэни ааспыт сылтан ыытан саҕалаабыт. Кинилэр улуус баһылыктарын, оскуола дириэктэрдэрин кытта үөрэнээччи ахсаанын, каадыр балаһыанньатын, олохтоох кыһалҕалары учуоттаабыттар. Босхоломмут ресурстары үөрэх процеһын өйөөһүҥҥэ эмиэ ыытыахтара: учууталларга методическай көмөҕө, доруобуйаларынан хааччахтаах оҕолору кытта үлэҕэ. Федеральнай былаанынан учууталлар базовай акылааттара үрдээтэ. Атын педагогическай үлэһиттэр акылааттар эмиэ улаатара күүтүллэр. Үөрэх тэрилтэлэригэр хамнастары хаттаан ааҕыы бэрээдэгэ балаҕан ыйын 1 күнүттэн киириэҕэ. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  5. Саха Сиригэр эбии АЗС арыйыахтарын сөп Саха сирин уматык хампаанньаларыгар эбии автозаправочнай ыстаансыйалары арыйар кыаҕы көрөргө сорудахтанна. Ити саамай үрдүк ирдэбиллээх АЗС-ка ноҕоруусканы аччатыахтаах. Сорудах Ил Дархан Айсен Николаев салайааччылаах суһал мунньах түмүгүнэн бэрилиннэ. Гражданскай оборона дьыалаларыгар миниистири солбуйааччы Яна Наумова этэринэн, өрөбүллэри кытта тэҥнээтэххэ, Дьокуускайга быһыы-майгы тупсубут. Тырааныспар сүүрээнэ сыыйа-баайа үллэриллэн, уочаракка кэтэһии кэмэ кылгаабыт. Оройуоннарга эмиэ балаһыанньа көнөн эрэрэ көстөр. Хаҥалас улууһугар Покровскайга, Мохсоҕоллооххо уонна Булгунньахтаахха «Саханефтегазсбыт» АЗС-ка бензини атыылааһын сууккатааҕы лимииттэрэ үрдээбит. «Бу күннэргэ Аллараа Бэстээххэ АИ-92 мааркалаах уматыктаах вагоннар саҥа баартыйалара кэлэрин, ону тэҥэ Уус-Куттан Сатайга АИ-92 бензиннээх танкер кэлэрин күүтэбит», — диэн Наумова эбэн эттэ. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  6. Сунтаар улууһугар икки баһаарынай сулууспа дьиэтэ арылынна: Тойбохойго уонна Кириэстээххэ. Сиһилии сюжекка көрүҥ nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  7. Дьокуускайга 240 миэстэлээх оҕо уһуйаанын туталлар 240 миэстэлээх саҥа оҕо уһуйаанын тутуу Дьокуускайга Новокарьернай уулуссаҕа салгыы ыытыллар. Эбийиэк бэрэсидьиэн Владимир Путин быһаарыытынан «Семья» национальнай бырайыак «Поддержка семьи» федеральнай бырайыагын, ону тэҥэ «Биир Ньыгыл Россия» баартыйа норуодунай бырагырааматын чэрчитинэн олоххо киирэр. Билиҥҥи туругунан эбийиэги тутуу бэлэмэ 34%-ҥа тэҥнэһэр. Былаһааккаҕа 34 киһи үлэлиир, автокран уонна погрузчик кыттар. Хаартыска - Саха өрөспүүбүлүкэтин уонна баһылыгын дьаһалтатын пресс-сулууспата nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  8. 📣 Дьокуускайга «Ген Арктики. Якутия» документальнай киинэ сүрэхтэниитэ буолла Киинэ сүрүн дьоруойдара – Томпо улууһун Тополинай сэлиэнньэтин эбээннэрэ. Устар бөлөх табаһыттар олохторун бу документальнай хартыынаҕа көрдөрдө: аҕам саастаах дьон билиитин-көрүүтүн хайдах кичэйэн тутан хаалларалларый, сатабыллары хайдах утумнаан тиэрдэллэрий уонна тоҕо киһи айылҕаны кытта ситимэ хотугу норуоттар олохторун укулаатын сүрүн тирэҕэ буоларый? «Ген Арктики. Якутия» бу ыйытыыларга толору хоруй биэрэр. Бырайыак «Мастерская новых медиа» уонна «Институт развития интернета» өйөбүллэринэн Саха сирин айар хамаандатынан оҥоһулунна. Атырдьах ыйын 27 күнүттэн ВКонтакте бу сигэнэн босхо киирэн көрүөххэ сөп. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  9. Отпуск топлива на АЗС: данные на 12:00 28 августа АО «Саханефтегазсбыт» Можно заправиться АИ-92, АИ-95 и дизельным топливом за наличный и безналичный расчёт (лимит до 20 литров на одно транспортное средство) по адресам: 🟢АЗС № 2: улица Труда, 4а 🟢АЗС № 6: Жатайский перекресток, 1 🟢АЗС № 1401 ОПТИ: Маганский перекресток, 1 🟢АЗС № 51: 50 лет Советской Армии, 49б 🟢АЗС № 62: Хатын-Юряхское шоссе, 4 км, 8а АО НК «Туймаада-Нефть» Можно заправиться АИ-95 по мобильному приложению и топливным картам по адресам: 🟢МАЗС-1: Автострада 50 лет Октября, д. 14з 🟢МАЗС-2: Автострада 50 лет Октября, д. 1з 🟢АЗС-3: Дзержинского, д. 56А 🟢АЗС-4: Вилюйский тракт, 4 км, д. 6а Отпуск АИ-92 на АЗС«Туймаада-Нефть» за наличный и безналичный расчёт по адресу: 🟢АЗС-4: Вилюйский тракт, 4 км, д. 6а Дизельное топливо: на всех АЗС сети отпуск производится без ограничений. ООО «СибОйл» 🟢АИ-95: Покровский тракт, 4 км Якутия. Оперштаб в МАКС

  10. ⚡️Саха сиригэр Красноярскай буруота кэллэ Бу күннэргэ Красноярскай кыраайтан, ону тэҥэ Мииринэй уонна Өлөөн улуустарыттан ойуур баһаардарын буруота кэлбитэ бэлиэтэнэр. Красноярскай кыраайга 500 тыһыынчаттан тахса га иэннээх сиргэ ойуур баһардара турдулар диэн СӨ Экологияҕа, айылҕаны туһаныыга уонна ойуур хаһаайыстыбатын министиэристибэтигэр регионнааҕы ойуур баһаарын киинигэр иһитиннэрдилэр. Атырдьах ыйын 28 күнүнээҕи суһал дааннайынан, Красноярскай кыраайга уустук баһаар кутталлаах быһыы-майгы салҕанар. Ол курдук, Эвенкийскэй, Туруханскай, Таймыр, Долган-Ненецкай, Енисейскэй, Богучанскай уокуруктарыгар 519,4 тыһ га уопсай иэннээх сиргэ 161 ойуур баһаара бара турар. Красноярскай кыраайга бэс ыйын 10 күнүттэн ойуурдарга ыксаллаах быһыы-майгы эрэһиимэ киллэриллибитэ. Хаартыска: СӨ Экологияҕа министиэристибэтэ nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  11. 🌤ТУСКУЛ БИЛГЭТЭ Тарас Тарасов-Тускул атырдьах ыйын 29 күнүттэн балаҕан ыйын 5 күнүгэр диэри Саха сиригэр хайдах күн-дьыл буоларын анаарыыта nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  12. Саҥа күнүнэн, Сылаас сыһыан аргыстаах Сырдык мичээринэн сыдьаайа, Сайаҕас санааҕа ылларан, Сайдам санааҕа куустаран, Сайдыы суолун тутуһан, Санаабыппыт сатаннын, Ситиһиинэн симэннин. ☀️🙂✊🏼 Анна Новгородова nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  13. edited

    ⛽️🚘Отпуск топлива на АЗС: данные на 09:00 28 августа АО «Саханефтегазсбыт» В г. Якутске доступен отпуск бензина АИ-92, АИ-95 и дизельного топлива за наличный и безналичный расчет (лимит до 20 литров на одно транспортное средство): – АЗС № 2: улица Труда, 4а; – АЗС № 6: Жатайский перекресток, 1; – АЗС № 1401 ОПТИ: Маганский перекресток, 1; – АЗС № 51: 50 лет Советской Армии, 49б; – АЗС № 62: Хатын-Юряхское шоссе, 4 км, 8а. АО НК «Туймаада-Нефть» АИ-92 и АИ-95: реализация по мобильному приложению и топливным картам. АИ-92 (наличный и безналичный расчет): осуществляется на следующих АЗС: – МАЗС-1: Автострада 50 лет Октября, д. 14з; – МАЗС-2: Автострада 50 лет Октября, д. 1з; – АЗС-3: Дзержинского, д. 56А; – АЗС-4: Вилюйский тракт, 4 км, д. 6а. Дизельное топливо: на всех АЗС сети отпуск производится без ограничений. Суточные лимиты на реализацию АИ-92 (наличный/безналичный расчет) в районах: – с. Улахан-Ан (Хангаласский район) – до 3 куб. м; – п. Нижний Бестях (Мегино-Кангаласский район) – до 10 куб. м; – с. Майя (Мегино-Кангаласский район) – до 3 куб. м; – с. Амга (Амгинский район) – до 5 куб. м; – с. Мындаба (Усть-Алданский район) – до 3 куб. м; – с. Чурапча (Чурапчинский район) – до 10 куб. м; – с. Ытык-Кюель (Таттинский район) – до 5 куб. м. ООО «СибОйл» АИ-95: Покровский тракт, 4 км. Отпуск за наличный и безналичный расчет до 20 литров на одно транспортное средство. ООО «Сервис Ойл» АИ-92: Покровский тракт, 5 км, 2Б. За наличный и безналичный расчет до 20 литров на одно транспортное средство. Якутия. Оперштаб в МАКС

  14. Программа ТВ НВК "Саха" на 28 августа (пт.) 06:00-Тиэргэн 12+ 06:30-Мы вам покажем 12+ 07:00-Саҥа күн 6+ 08:00-Утро Якутии 6+ 09:00-Саҥа күн 6+ 10:00-Утро Якутии 6+ 11:00-Репортаж 12+ 11:15-Году культуры и единства народов 12+ 12:00-Новости 12+ 12:15-Тиэргэн 12+ 12:45-Саха сатаабата суох 6+ 13:15-Актуальное интервью 12+ 13:30-Сонуннар 12+ 14:00-Тэтим 6+ 15:00-Новости 12+ 15:15-Якутск сегодня 12+ 16:00-Выборы-2026 12+ 16:03-Полярная звезда 6+ 16:30-Выборы-2026 12+ 16:45-Выборы-2026 12+ 16:47-Дойдум дьоно 12+ 17:00-Репортаж 12+ 17:15-Асчыттар 6+ 18:00-Новости 12+ 18:15-Үлэ дьоно 12+ 19:00-Новости 12+ 19:15-Актуальное интервью 12+ 19:30-Сайыҥҥы 6+ 20:30-Сонуннар 12+ 21:00-Уонна 12+ 22:00-Барыс 12+ 22:30-Аартык 12+ 23:00-Итоги дня 12+ 23:30-Тиэргэн 12+ 00:15-Сайыҥҥы 12+ 01:15-Якутск сегодня 12+ 02:00-Новости 12+ 02:15-Тэтим 6+ 03:15-Эйгэ 6+ 04:15-Репортаж 12+ 04:40-Документальный фильм 12+ Напоминаем, что в программе возможны изменения nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  15. repost

    Герою России Виктору Софронову вручили Золотую Звезду! В Москве, министр обороны Российской Федерации Андрей Рэмович Белоусов вручил медаль «Золотая Звезда» нашему земляку-якутянину Виктору Андреевичу Софронову. Высокую награду гвардии сержант Софронов заслужил своим мужеством, боевым мастерством и верностью воинскому долгу. С октября 2022 года Виктор Андреевич выполняет боевые задачи в зоне специальной военной операции. В самых сложных условиях он проявил себя как отважный воин и настоящий профессионал. Его смелые и нестандартные решения помогают нашим подразделениям успешно выполнять поставленные задачи. Особые слова благодарности родителям Героя - Галине Нагимовне и Андрею Викторовичу. Спасибо вам за сына, за его мужество, силу духа и преданность Родине. Вы воспитали человека, которым гордится вся Якутия. Виктор Андреевич, от всей души поздравляю с вручением Золотой Звезды! Якутия гордится! max.ru/aisen_nikolaev

  16. edited

    🚨🚒Түөрт оройуоҥҥа ойуур баһаарын куттала оннунан хаалар Күнү-дьылы кэтээн көрөр сулууспа дааннайынан Үөһээ Бүлүү улууһугар атырдьах ыйын 28-30 күннэригэр саамай үрдүк 5 кылаастаах баһаар тахсар куттала турара күүтүллэр. Күн бүгүн бэһис кылаас Өлөөҥҥө уонна Мииринэйгэ олохтонон турар, оттон Эдьигээҥҥэ – төрдүс. Өрөспүүбүлүкэ онтон атын сирдэригэр баһаар турар куттала үһүс кылаастан тахсыбат. Билиҥҥи кэмҥэ ойуур баһаардарын балаһыанньатынан, үрдүк салгын температуратынан, сөҥүү аҕыйаҕынан, күүстээх тыалынан ыйыллыбыт оройуоннарга саҥа баһаардар күөдьүйүөхтэрин сөп диэн ЫБММ Саха сиринээҕи салаата сэрэтэр. Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн баһаары утары ураты эрэһиим үлэлиир. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  17. ⛽️🚛Саха сиригэр анал тырааныспардар уматык сөптөөх саппааһынан хааччылыннылар Өрөспүүбүлүкэҕэ систиэмэни олохтуур тырааныспардаах тэрилтэлэр үлэлэрэ штатнай эрэһииминэн барар. СӨ тырааныспар уонна суол хаһаайыстыбатын министиэристибэтин дааннайынан пассажирдары уонна таһаҕастары таһар хампаанньалар уматыгынан толору хааччыллан сылдьаллар. Балаһыанньа тохтоло суох хонтуруолланар. СӨ тырааныспар министиэристибэтигэр уматыгынан хааччыллыыга анал штаб үлэлиир. Кинилэр уматык саппааһын кэтииллэр, тахсыбыт боппуруостары суһаллык быһаараллар. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  18. 🚒🚨Тойбохойго баһаарынай сулууспа саҥа дьиэтэ аһылынна Бу үлэ улуус, биэс нэһилиэктэр дьаһалталарын, баһаарынай сулууспа үрдүкү салалтатын көмөтүнэн тутулунна. Тускулаана Горохова-Кобельянова nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  19. edited

    ⚡️Дьокуускайга салгыҥҥа буортулаах эттик таһыма нуорманы куоһарбыт Саха сиринээҕи Роспотребнадзор управлениета ойуур баһаардарынан Дьокуускай буруолааҕынан салгын хаачыстыбатын хонтуруолун күүһүртэ. Төгүрүк суукка устатата кэтииллэр. Атырдьах ыйын 27 күнүгэр куорат үс араас чааһыгар 15 чинчийиини оҥордулар. «Дьокуускайга салгыҥҥа баар эттиктэр 1,7 төгүл уонна РМ 10 1,3 төгүл нуорматтан таһынан бардылар. 09.00 чаастааҕы туругунан 27 чинчийиини оҥорбуттар. Ол гынан баран угарнай гаас, азот диоксида, формальдегид, бенз(а)пирен курдук химическэй эттиктэргэ салгын киртийиитигэр көҥүллэнэр нуорманы таһынан барыы бэлиэтэммэтэх», – диэн биэдимэстибэ иһитиннэриитигэр этиллэр. Дьокуускайга салгын хаачыстыбатын хонтуруола салҕанар. Саха сиринээҕи Роспотребнадзор управлениета олохтоохторго, чуолаан оҕолорго, аҕам саастаахтарга, хат дьахталларга уулуссаҕа сылдьары аҕыйатары сүбэлээтэ. Ону тэҥэ биэдимэстибэ түннүктэри сабары, кондиционеры холбууру, дьиэни тохтоло суох сууйары эттэ. Уулуссаҕа маасканы эбэтэр респираторы туһаныахха сөп. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  20. 😷🌫️Буруоттан хайдах харыстанабыт? Ойуур баһаардарын буруотуттан харыстанарга сүбэлэри билиһиннэрэбит. Нэһилиэнньэлээх пууннар буруонан бүрүллэр түгэннэригэр, ордук итии күҥҥэ, таһырдьа сылдьыыны уонна физическэй ноҕуруусканы аҕыйатар туһааннаах. Итиигэ көлөһүн тахсыы түмүгэр эт-сиин элбэх убаҕаһы сүтэрэр, онон элбэх ууну иһиэххэ наада. «Эккэ-сииҥҥэ туус уонна микроэлеменнэр тиийбэт буолууларын толуйан, кыра туустаах, минераллаах ууну, үүт аһы иһэргэ, гаастаах утаҕы тохтоторго сүбэлииллэр», — диэн иһитиннэриигэ этиллэр. Иҥэмтиэлээх уонна битэмииннээх аһылыкка болҕомто ууруллуохтаах. Маны таһынан, тыынар уорганнары буруоттан харыстаан мааска кэтэр, респираторы туһанар ирдэнэр, дьайыытын күүһүрдэр сыалтан кэмиттэн-кэмигэр сиигирдэн биэрэр наада. Түннүк, аан быыһын инчэҕэй таҥаһынан бүрүйүөххэ сөп, маннык кэмҥэ кондиционерынан туһанар ордук. Бытовой уонна промышленнай респиратордар буруоттан ордук харыстыыллар. Харыстанар сириэстибэлэринэн ордук аллергиялаах, тыынар уорганнарыгар хроническай ыарыылаах дьон, оҕолор уонна саастаах дьон туһаналлара ирдэнэр. Дьиэни-уоту буортулаах эттиктэртэн ыраастыырга күн аайы сииктээх ыраастааһыны ыытыахха, итииттэн харыстанарга уонна киһи хараҕар көстүбэт умайыы эттиктэрин тирииттэн суох оҥорорго күҥҥэ хаста да суунарга сүбэлииллэр. Табахтыыртан, аһыы утаҕы иһэртэн аккаастанарга этэллэр. Ыарыы сибикитэ билиннэҕинэ (сэниэтэ суох буолуу, мэйии эргийиитэ, тыын тиийбэт буолуута, сөтөл, утуйбат буолуу) тута бырааска тахсар туһааннаах. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  21. Older posts